Перевод с якутского
сып
Нууччалыы короткий, резкий, свистящий звук, похожий на звук, производимый прутом или плетью при ударе по воздуху
1 #
тыаһы үт. т. "Сы" диэн иһэн эмискэ бүтэн хаалар курдук тыас (хол., талах, кымньыы тыаһа)
Нууччалыы Короткий, резкий, свистящий звук, похожий на звук, производимый прутом или плетью при ударе по воздуху
Байбал -- хотонтон кунанын таһааран көлүйэн, тиэтэйбит киһи быһыытынан, сып охсон "һай" дии-дии айаннаан чуучугурата турда. Н. Түгүнүүрэп "Сып-сып, сып-сып" – [ыыр] аппарат кураанаҕы оборон сообурҕатар тыаһыттан Тума үөрэ түһэр. У. Нуолур Ср. кирг. жып, шып ‘подражание лёгкому свисту; подражательное слово, выражающее быстрое проворное действие’
2 #
сып курдук – 1) талах курдук синньигэс, олус синньигэс
Нууччалыы Тонкий как прутик
Сып курдук сыыйыллаҕас уһун кутуруктаах тураҕас ат эбит. Р. Кулаковскай Таас тоҕой кэтэҕиттэн сып курдук синньигэс уҥуохтаах кыыс тахсан кэллэ. Т. Сметанин Нарыйа сып курдук икки илиитинэн эһэтин окумалын харбаан ылла. В. Яковлев; 2) барыта орун оннугар, хоп курдук, туох да итэҕэһэ, ордуга суох. Θ Имеющий всего в меру, без излишеств; весьма приличный. Манчаары – сып курдук быһыылаах-тутуулаах, уҥуоҕунан орто улахан киһи буола улаатта. Софр. Данилов. "Кэнсиэр сып курдук үчүгэй буолара наада", – диэн Ким Иванов кыргыттары уҕарыппыта. П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
Ср. казах. сыптыгыр ‘утончённый, подтянутый’
3 #
ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, сы-, сыы- диэн саҕаланар олохторго сыстар
Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательных, присоединяемая к основам, начинающимся на сы-, сыы-: сып-сымнаҕас ‘очень мягкий’, сып-сылаас ‘очень тёплый’, сып-сыыгынас ‘сильно шипящий’
Икки илиибэр -- сып-сымнаҕас, нары-намылхай -- кыһыл көмүс баттахтар эриллэн хаалбыттар.
П. ОйуунускайКууһума, -- көхсүгэр күн уота сып-сылааһынан тыкпытыгар этэ-хаана ирэн, уута кэлэн, аат эрэ харата -- салбыҥнаан иһэр. А. Софронов Киһи-сүөһү тыына бииргэм -- сып-сыыгынас.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Ср. кирг. сып (усиление к словам, начинающимся на -сы), ДТС йуп йумшах ‘очень мягкий’