ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

амсай

туохтуур

Нууччалыы пробовать на вкус, взяв в рот, на язык что-л. в ничтожном количестве

1 туохтуур #

Туох эмэ амтанын билэргэ айаххар, тылгар дуона суоҕу ылан боруобалаан көр

Нууччалыы Пробовать на вкус, взяв в рот, на язык что-л. в ничтожном количестве

  • Мин [Өлөөн] мууһуттан ылан амсайан көөртүм - улаханнык биллэр туустаах.
    А. Софронов
  • Силип хамыйаҕынан ылан куобах миинин амсайан “сыып” гыннарда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Вася балыгын амсайан баран тыаҕа тарта
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (5)
  • Кыратык аһыы-сии түс (үксүгэр үчүгэй, амтаннаах эбэтэр олус ахтылҕаннаах аҕыйах аһы). Θ Отведывать, вкушать (обычно о вкусной или редкой небольшой пище). "Чэйдэрин испэккэ эрэ бары матыспакка, ымсыырбыт-баҕарбыт курдук аһыы олороллорун көрөн баран, кырдьык, өтөр бурдук аһы амсайбатах дьон барахсаттар эбит ээ", - дии санаатым.
    А. Софронов
  • Ити балыктан биир обургу соҕус үөрэҕэһи сулбу элитэн ылан сытар эдьиийгэр мииннээ, таарыччы бэйэҥ да кыратык амсайыа этиҥ.
    Н. Заболоцкай
  • Амсайыах эрэ ол сылгы кымыһа барахсаны. Кымыс испэтэх ыраатта
    В. Протодьяконов
  • Аһыы-сии түс (үчүгэй, сонун, сибиэһэй аһы - ыарыһахха). Θ Отведывать, попробовать немного (обычно так предлагают вкусную, редкую пищу больному). Тоойуом, чэ, бар эдьиийгэр, бу балыгын илдьэ охсон биэр, баҕар, амсайаарай.
    Суорун Омоллоон
  • Настаа эмээхсин кытыйаҕа арыылаах саламаат кутан аҕалла уонна уолугар ааттаһардыы эттэ: "Тукаам, саламаат сыыһа амсайа түспэккин ээ"
    Күннүк Уурастыырап

2 туохтуур #

Арыгыны ис (кыратык эбэтэр элбэхтик, субу-субу)

Нууччалыы Пить вино (понемногу или часто). [Арыгыһыт] Истэҕинэ эрэ чэпчиир, Буллаҕына эрэ уоскуйар, Амсайдаҕына эрэ аһыыр буолла

  • Лэгиэн биири сөбүлээбэт. Сорох уолаттар арыгы иһэллэр. Ити Ваня уол бүгүн эмиэ амсайан баран сирэйэ-хараҕа балаҕыран турар
    Н. Босиков

3 туохтуур #

Араас үчүгэйи-куһаҕаны, эрэйи, үөрүүнү-хомолтону бэйэҥ эккинэн-хааҥҥынан бил

Нууччалыы Познавать, испытывать все невзгоды, трудности, радости жизни на себе

  • Үс сылга Айаан иккитэ чэпчэкитик бааһырбыта, саллаат эрэйдээх олоҕун, мүччүргэннээх сырыытын тото амсайбыта.
    Н. Габышев
  • Биһиги Саһылтан хоҥноот, айан обургу аһыытын-ньулуунун амсайбытынан барарга тиийбиппит.
    Н. Заболоцкай
  • Аан дойду Айхаллаах олоҕуттан амсайан Санаам туолан, Сүрэҕим үөрэн бардым.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. амза

«А» буукуба