ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холон

туохтуур

Нууччалыы пробовать, испытывать себя в чём-л

I

1 #

холоо 1 диэнтэн атын. туһ.

Этиилэр

Киһиэхэ

төрөөбүт дойдута Төрөппүт аҕаҕа холонор; Тоҥорон, буһаран, эрчитэн, Ньыгыл укулаат оҥорор.

  • Дьоллоох киһиэхэ оччоҕо холонорум эбитэ дуу, суоҕа дуу – билбэтим, -- олус бэйэбинэн астыммыт, көҥүл көччүйбүт оҕочоос этим.
    Н. Габышев
  • Сибэккигэ эдэр саас холонор, Сибэккигэ кэрэ кыыс тэҥнэнэр… С. Васильев

2 #

Туохха эмэ бэйэҕин боруобалан

Нууччалыы Пробовать, испытывать себя в чём-л

  • Киэһэ пааркаттан төннөн иһэн Артур Сардаананы уураары өссө биирдэ холонон эрдэҕинэ, иэдэстэрэ эмискэ уот аһыйа түспүттэрэ.
    В. Протодьяконов
  • Эдэрдэр күүстэрин холоноллор, атах оонньуутугар күрэхтэһэллэр, ат сүүрдэллэр.
    И. Данилов
  • Билигин, олоҕу олорбохтоһон баран эттэххэ, маннык: киһи бэйэтинэн араас суолга хайаан да холонон көрөрө наада
    ХС
II

3 туохтуур #

Илиилэргин үөһэ диэки уунуоххунан уун

Нууччалыы Простирать, тянуть руки как можно выше, вытягиваться, тянуться вверх

  • Мин эһэ холонор баҕайыта диэни истэн турардаахпын.
    Далан
  • Өймөкөөн дьоно, биһи дьолломмут, Үөрүү, көр аргыстаммыт олохпутун Өндүл халлааҥҥа өрө холоммут Үөрбэ хайа даҕаны туоһулуохтун.
    А. Абаҕыыныскай
  • Эһэ быһаҕаһыгар диэри өрө холоноот, тыы үрдүгэр биллэҕэ түһэн эрэрэ да, соҕотохто тыы түҥнэстэн, Дьэкиим ууга түһэн, сырдык-хараҥа буолар. Түһүлгэҕэ т

«Х» буукуба