ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

амтан

аат тыл

Нууччалыы вкус

English taste

1 аат тыл #

Нууччалыы вкус

English taste (of food)

  • мунна сыты билбэт, айаҕа амтаны билбэт
    нос не знает запаха, а рот не знает вкусаhis nose does not know the smell, and his mouth does not know the taste

2 аат тыл #

Туох эмэ киһи айаҕынан (тылынан) билгэтигэр биллэр буолуута; эттиктэр оннук уратыларын эт-хаан билэр (эбэтэр онно хардарар) дьоҕура

Нууччалыы Ощущение вкуса, вкус

  • Мунна сыты билбэт, айаҕа амтаны билбэт (өс хоһ.). Бэс амтана хаалбыта буолуо диэн, солуурун сууйан баран [Мариса] толору эт буһаран кэбистэ.
    Эрилик Эристиин
  • Отон курас амтана айаҕын хам ылла
    М. Доҕордуурап
  • Ас үчүгэй, куһаҕан, минньигэс уо. д. а буоларын айаҕынан (тылынан) билии. Θ Качество, свойство пищи, ощущаемое ртом (языком). Күөллэр атахтарыгар амтаннарынан олус минньигэс астар быыстала суох кытарчы көрөн сытар буолааччылар.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (4)
  • [Маайыс:] Ол мин аһым амтана куһаҕан үһү дуо?
    С. Ефремов
  • Ас минньигэһэ, үтүөтэ айахха биллэрэ; аһы астынан минньигэһиргээн аһааһын. Θ Чувство удовольствия, наслаждения от вкусной пищи. Махтанабын, тоҥон-хатан Сылаас сыанатын билбиппэр, Махтанабын ааһан-туоран Ас амтанын билбиппэр.
    С. Данилов
  • Күннэтэ эйигин суохтааммын Күн сылааһын барытын сүтэрдим. Аһыыр ас амтанын умнаммын Сэниэбин-күдэхпин бүтэрдим.
    С. Васильев
  • Балык сыттана түстэҕинэ ордук буолар, амтан киирэр диир дьоннор билигин да бааллар
    Багдарыын Сүлбэ

3 аат тыл #

Олоххо эриири-мускууру, үөрүүнү-хомолтону киһи бэйэтин этинэн-хаанынан билиитэ

Нууччалыы Испытание на себе невзгод, трудностей, радостей жизни. [Манчаары:] Эт-хаан алдьаныытын амтанын биллиҥ дуо?

  • Олох үчүгэйин, амтанын билбэккэ хаалыах кэриэтэ, ол да [биэс да хонук олорбуппут] син.
    Н. Заболоцкай
  • Төлөннөөх сыллар оҕолоро - Биһиги билэбит барытын: Дьыл дьыбарын, олох тоҕойун, Кыайыы, кыайтарыы амтанын.
    С. Данилов
  • Тюрк. амтан

«А» буукуба