Перевод с якутского
имнэн
туохтуур
Нууччалыы подавать, делать кому-л. незаметные для других знаки
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Атын дьон билбэтин диэн, саҥарбакка эрэ ханнык эмэ бэлиэнэн кими эмэ сэрэт, биллэр (хол., хараххынан чыпчылыйан, өттүккэ анньан, атаххынан таарыйан)
Нууччалыы Подавать, делать кому-л. незаметные для других знаки (напр., подмигивать, толкать в бок и т. д.)
Оҕонньор ситэ саҥардыбакка, тоҕоноҕунан имнэнэн, тохтотон кэбистэ. Амма Аччыгыйа Ийэм миигин илиитинэн имнэнэн ыҥырда. Н. Заболоцкай Чыычаах сонно тута ити дьикти киһини эрэнэ-итэҕэйэ санаабыта, кистээн өттүккэ имнэнээт, туора ыҥыран таһаарбыта уонна сибис гыммыта И. Гоголев
2 туохтуур #
Оҕус, саай
Нууччалыы Хлопнуть, хлестнуть, стегнуть
Иһигэр тиэтэйбит быһыытын Сур акка имнэнэн биэрбитэ. Киэҥ Хонду ардааттаах сыһыытын Сур ата быһыта сиэлбитэ. Эрилик Эристиин Онтум кэтэҕэр сөп түбэһэр – бөрө өсөһөн быаны тартаҕына, "имнэнэн" биэрэр гына мутукпун баайдым Т. Сметанин
3 туохтуур #
Эмискэ, тэһэ аспыт курдук, сайа охсон киир (хол., санаа, иэйии)
Нууччалыы Заставить испытать какое-л. внезапное и острое ощущение, пронзить, внезапно охватить
Хантан да булан аһыырбыт суох диэн, аһыыр туһун умнан кэбиһиэхтэрин, аччыктара дьөлүтэ имнэнэрэ улааппыт. Эрилик Эристиин Истиҥ таптал Иэйиитинэн имнэннэ, Ийэ сирбит Эриэккэһин элбэттэ – Күндү кыайыы күнэ. Күннүк Уурастыырап Хааман иһэн, сынньал чааска Муза имнэнэр, тулуйбаппын: Миигин истэр дивизия, Түөспэр түллэр поэзия Дьуон Дьаҥылы
4 туохтуур #
Сытыытык чыпчыҥнаа; дьиримнээ
Нууччалыы Подмигивать; поблескивать, посверкивать
Лаампалар чаҕылхай уоттара сытыытык имнэнэ тураллар. А. Федоров Үөһэнэн кыһыл, күөх уоттарынан имнэнэн, улахан сөмөлүөт ааста. Н. Габышев Сибилигин кыһыл көмүс манньыаттар киниэхэ үөннээхтик имнэниэхтэрэ И. Гоголев
5 этии #
Этиилэр
Күлүккэр имнэн көр күлүк
Кыычыкын дьыаланы булаат, күлүгэр имнэммитэ. Күннүк Уурастыырап Дьиэтин таһыгар тэлиэс-былаас хаама сылдьарын Болот көрбүтэ. Ону көрөн баран, Болот күлүгэр имнэммитэ. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Хата, оҕоҕут оскуолаҕа ылыллар буолбутугар күлүккүтүгэр имнэнэн кэбиһиҥ. В. Протодьяконов
6 этии #
Нууччалыы Выражение человека, оправдывающего свои неожиданные, скороспелые, скоропалительные поступки; черт (меня) дернул
көр иҥнэн. Кылбачыйар көмүс мөһүүрэ симэхтэнэн, Кыһыл тэтэгэркээн имнэнэн Дьиэ ахсын тырыбынаан киирбитиҥ, Тэбис-тэҥҥэ хардыылаһан испитиҥ. С. Васильев Кыра Таня үөрүүттэн Кыһыл дьэдьэн имнэммитэ. Т. Сметанин Тэтэркэй имнэммит Борис көстүүнэйгэ холкутук туттан киирбитэ. Л. Толстой (тылб.)
Этиилэр
Туох имнэммитэ буолла
соһуччу, эмискэ, күүппэтэх өтүттэн тугу эмэ оҥорбут киһи тыла Эмискэ киниэхэ – туох имнэммитэ эбитэ буолла?
– баламат санаа көтөн түспүтэ. Софр. Данилов. Миэхэ туох имнэммитэ буолла. Эргиллэ түһээт, бэрик күүтэн турар кыылга кураанах биэдэрэни уун-утары кыыраттым. Н. Заболоцкай Туох ааттаах имнэммитэ буолла, биирдэ өйдөөбүтүм оҕону кыбыммытынан таһырдьа тахсан эрэр эбиппин. И. Находкин