ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эһэ

аат тыл

Нууччалыы отец отца или матери, дед

English grandfather

Ис хоһооно · 6
I

1 аат тыл #

Киһиэхэ аҕатын эбэтэр ийэтин аҕата

Нууччалыы Отец отца или матери, дед

  • Тоҕус уоннаах эһэтигэр Толя кэпсээн чэмэлийэр.
    П. Тобуруокап
  • Кини эһэтэ Быралгы былыр тайҕаҕа киирэн баран төннүбэтэҕэ үһү.
    И. Гоголев
  • Эһэм төһө да кырыйдар, Баттаҕа төһө да маҥхайдар, Көрүдьүөс күндү сэһэннээх, Көр-күлүү кэпсээннээх
    Т. Сметанин

2 аат тыл #

харыс т., итэҕ. Уот иччитигэр эбэтэр булт иччитигэр Байанайга ытыктаан, сүгүрүйэн туһулааһын, туһулаан этии (үксүгэр тард. сыһыар-х уонна "тойон" диэн тылы кытары тут-лар)

Нууччалыы Почтительное обращение к духу огня или духу леса и воды, покровительствующему охотничьему или рыболовному промыслу, Баянаю (обычно употр. с притяж. аффиксом и добавлением слова "господинһ)

  • Харыс бытык, Хаччы сото, Сээркээн сэһэн, тойон эһэм! Ыраах даа буолларгын ыксалаан, Суох даа буолларгын чугаһаан, Түскэ сүбэлээ, Айылгыга алҕаа!
    А. Софронов
  • [Сайсары уот иннигэр сөһүргэстиир:] О, тойон эһэм! Олус да ууннулар, Наһаа да дайбаатылар, Эгэ да диэлийдилэр!
    Суорун Омоллоон
  • Бардам тутуу, Барылы кэскил, Баай Байанай, Тойон эһэм обургуо!
    С. Зверев

3 этии #

Этиилэр

Баай барыылаах Байанайым ( эһэм, эһэкэм) көр барыылаах

  • Баай барыылаах тойон эһэм, "эһээ" диэтэхпинэ, "эһээ" диир курдук буоларыҥ!
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • [Манчаары – Чоочоҕо:] Эн үтүөҕүн умнар күннээх буоллахпына, миигин Баай хара тыа иччитэ Баай байанай эһэм Балым баайыттан матардын!
    А. Софронов

Хос эһэ көр хос II

  • Былыр хос эһэҥ эрэйдээх алаас ыалын аччыктыыртан быыһаары, бэйэтин сүөһүтүн сиэтэн буруйданан хаайыыга быраҕыллан сарбыллаахтаабыта. Айысхаана. Ыал амарах аҕата, эйэҕэс эһэтэ, хос эһэтэ. СВИ СММТО. Былыыр-былыр арай биирдэ эн хос эһэҥ миигин, эдэр уолчааны, ыраах балыктата муора туонатыгар илдьэ барда.
    А. Кривошапкин

Эһэ кылын көр кылын I

  • Эһэ кылыным Ньурбаҕа биллэр-көстөр күүстээх киһи эбитэ үһү.

Эһэ тойон көр тойон

  • Кыыһым оҕолорун кытары эһэ тойонун аахха ыалдьыттыы бардылар. Ср. ДТС эчү апа ʽпредкиʼ
II

4 аат тыл #

Кугастыҥы күрэҥ түүлээх улахан адьырҕа кыыл

Нууччалыы Крупное хищное млекопитающее с длинной бурой шерстью, медведь

  • Эһэ хатан баҕайытык кыланна, -- хааһаҕы быраҕаттыыр курдук тыа диэки омуннаахтык ойуоккалыы турда.
    Т. Сметанин
  • Эһэ күһүн арҕахха киирбэккэ сырыттаҕына торҕоннуур, киһигэ-сүөһүгэ кутталлаах буолар.
    И. Сосин
  • Эһэ суоһа-суодала бэрт буолан, былыр итэҕэл баарын саҕана дьон ордук куттанара.
    ПАК ЭТ

5 этии #

Нууччалыы Иметь грозный, устрашающий вид (букв. выглядит медвежьей головой). [Уоһук:] Былыр киэҥ сирдээх, халыҥ баайдаах, элбэх үлэһиттээх баайдар, кулаактар аҕай эһэ баһа буолан олорбуттара

Этиилэр

Харыга аспыт эһэ көр хары

  • Оҕонньор, сатаҕай илиилээх уолуттан кыыһыран-кыйыттан, харыга аспыт эһэ курдук буолан олорор.

Эһэ баһа буолан олорор

суостаах-суодаллаах көрүҥнэммит Күндэ.

Эһэ кымырдаҕастаабытыгар дылы көр кымырдаҕастаа

  • Эһэ кымырдаҕастаабытыгар дылы (өс хоһ.).

Эһэтэ киирбит

улаханнык кыыһырбыт, кыйахаммыт.

Разгневаться, разозлиться (букв. медведь его вошёл).

  • [Кинээс] дьиҥэр эһэтэ киирэн олорор. Н. Заболоцкай

6 этии #

Нууччалыы Лютый, свирепый медведь

Этиилэр

Кэриим эһэтэ

мэнээк эһэ диэн курдук (көр мэнээк).

  • Иллээх-эйэлээх ини-биилэр иннилэрин биэрбэттэр, кинилэртэн оннооҕор кэриим эһэтэ хорҕойор. Айталын.

Мэнээк эһэ көр мэнээк

  • Быйыл чугаспытынан мэнээк эһэ баар буолбут.

Олгуйдаах эһэ көр олгуй

  • Оҕокком, ойуурга өр сылдьан, Олгуйдаах эһэҕэ түбэспит.
    Д. Апросимов
  • Кэнники Афанасий убайдарын булан баран өссө икки эһэни бултаабыттара. Онтон биирдэстэрэ олгуйдаах аарымата этэ.
    ХС

Сырҕан эһэ

ордук киҥнээх, адьырҕа эһэ Сырҕан эһэлэр кэлэн, Сытырҕаан сырдырҕаттылар, Чөҥөчөгү кырбаатылар.

  • Эллэй. Сырҕан эһэ сынаҕалыыра, Боруллуо көтөр боруҥнуура, Хара суор үөрэ Хааҕыргыы халаахтыыра.
    С. Зверев
  • Лоҥкууда үрэх, сырҕан эһэ арҕаһын түүтүн курдук, хара ыарҕанан бүрүллэн уһаан-тэнийэн сытта.
    М. Доҕордуурап

Үрүҥ эһэ көр үрүҥ

  • Бу дойдуга киһи тыынын быһаары кэтээччи-манааччы эрэ элбэх: буурҕа, аас-туор олох, муора үрүҥ эһэтэ, торҕон бөрө үөрэ.
    Н. Якутскай
  • Үрүҥ эһэ арҕаһа Үрүҥ мууһу быыһынан Өрүкүйэн көһүннэ, Үллэҥэлии хамсаата.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Хаардаах куйаар устун үрүҥ эһэлэр мээмэйдииллэр. МЛФ АҮө.

Хаамыы эһэтэ көр хаамыы

  • Ити кэнниттэн кэпсэтии хаамыы эһэтин тула эргийбэхтээн ааста.
    Н. Заболоцкай

Хагдаҥ эһэ көр хагдаҥ

  • [Булчукка] Сүүрэр атахтаах барыта Сөһүргэстии түһэн истэ: Дьааҥы тэһии чубукута, Хара тыа хагдаҥ эһэтэ. Эллэй. Бэрт улахан хагдаҥ эһэ тыылыы тэбэн сытар.
    Эрилик Эристиин
  • Мотуок солконон нуоҕалдьыйбыт ойуур, дьүдьэйбит хагдаҥ эһэ арҕаһын түүтүнүү, кугдарыйбыт.
    М. Доҕордуурап

Эһэ бараах көр бараах

  • Биһиги дьоммут бара сатаан, кустарыгар ханыылаттахтара аатыран, биир эһэ барааҕы кытта икки чөкчөҥөнү өлөрдүлэр.
    Н. Заболоцкай
  • Тыһыынча тоҕус сүүс биэс уон сэттэ сыллаахха Улуу арыыга тиэрбэстээх эһэ барааҕы өлөрбүттэрэ. АЛА КК. Кынатын тоһуттаран сүүрэ сылдьар эһэ барааҕы туттулар.
    ХС

Эһэ кырыымпата от көр кырыымпа

  • Оттуур алааспытыгар эһэ кырыымпата от быйыл хойуутук үүммүт.

Эһэ мэнээгэ

сайынын кыайан уойбакка, эһэ күһүн арҕахха киирбэккэ бэйдиэ барыыта (маннык эһэ дьоҥҥо, сүөһүгэ олус кутталлаах буолар).

Появление поздней осенью медведей-шатунов, не залёгших в спячку (такие медведи очень опасны для людей и домашнего скота).

  • Күһүн ырбыт, кыайан уойбатах кыыллар арҕахха киирбэттэр. Оннуктар киһиэхэ-сүөһүгэ олус кутталлаахтар уонна кыһын тоҥон өлөллөр. Итини эһэ мэнээгэ дииллэр.
    ПАК ЭТ

Эһэ сиир талаҕа көр талах

  • Бу тыаҕа эһэ сиир талаҕа хойуутук үүммүт. Ср. тат. эһе ʽмежд. эге! да! (выражает утверждение)ʼ

«Э» буукуба