ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мэнээк

сыһыат, туоһулааччы, даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы напрасно; зря

English in vain

Ис хоһооно · 8

1 сыһыат #

Нууччалыы напрасно; зря

English in vain

  • мэнээк лахсыйар
    болтать попустуchattering in vain

2 туоһулааччы #

Нууччалыы много

English a lot of, many, much

  • быйыл от мэнээк
    в этом году травы многоa lot of grass this year

3 даҕааһын #

Нууччалыы бродяга

English stray, vagrant

  • мэнээк барбыт
    он куда-то ушёлhe wandered off
  • мэнээк кыыл
    бродячее животноеa stray animal

4 сыһыат #

Нууччалыы бесцельно

5 сыһыат #

Таах мээнэ, туох да сыала-соруга суох

Нууччалыы Просто так, бесцельно, праздно, неизвестно зачем

  • Кини манна мэнээк сылдьааччыта суох, ханнык эрэ наадаҕа истэҕэ.
    Болот Боотур
  • Ыксал түрүлүөҥҥэ түбэспит үс-түөрт аттаах киһи -- толоон арҕаа өттүнээҕи тыа диэки мэнээк көтүтэ турдулар.
    Эрилик Эристиин
  • Кыыс мэнээк сарыкынайбакка лоп-бааччытык туттунара, эйэҕэстик мичээрдиирэ
    П. Аввакумов

6 сыһыат #

Субу-субу, элбэхтик

Нууччалыы Довольно много. [Харабыл:] Тоҕо мэнээк сыбыытаан хааллыгыт, көрбөккүт дуо, комбат утуйа сытарын

  • Болҕомтону хатаан, чинчийэн көрдөххө, аат туһунан сахалыы да син мэнээк суруллубут. ФЕВ ДьС. Алдан бириискэлэрэ маҥнай үөскээһиннэригэр дьон тула өттүттэн мэнээк кэлэрэ. Ленин с
  • Онон-манан элэҥнэтэн көрө истэҕинэ, куобах ороҕо сүрдэммит, арааһа мэнээк кэлбит быһыылаах.
    Н. Заболоцкай
  • [Сүөдэрдээх] мэнээккэ ким күҥҥэ төһөлүү куобаҕы өлөрбүтүн, хайа тыа ордук эмис куобахтааҕын ырыттылар.
    Д. Кривошапкин
Өссө холобурдар (1)
  • Ол кыһын улахан мэнээк туран, сир-сибиир куобаҕынан ыһыллыбыта
    Ф. Постников

7 аат тыл #

суолт. Туох эмэ олус элбэхтик ыһыллыбыта, мээнэ барбыта (кыылга-сүөлгэ сыһыаннаах)

Нууччалыы Переселение, миграция, набег (о животных)

8 этии #

Нууччалыы Набег, миграция зайцев (соболей) в большом количестве

  • Куобах (киис) мэнээгэ - куобах (киис) хантан эмэ сыҕарыйан кэлиитэ эбэтэр дэлэйдик үөскээһинэ Тус-туспа аҕа ууһун баһылыктара, оччотооҕуга киис мэнээгин саҕана, кииһи бултаан, куоракка нууччаларга киллэрэн туттараллар эбит. Саха сэһ. II. Ити дьыл куобах мэнээгэ дохсуннук үөскээн турар этэ, эмиһэ да бэрт этэ.
    Эрилик Эристиин
  • Ол от-бурдук үүммэтэх, куобах мэнээгэ дьыл эбитэ үһү.
    Н. Заболоцкай
  • Мэнээк эһэ - күһүн кыайан уойбакка арҕахха киирбэтэх, бэйдиэ барбыт эһэ. Θ Медведь-шатун. Күһүн ырбыт, кыайан уойбатах кыыллар арҕахха киирбэттэр. Оннук мэнээк эһэлэр киһиэхэ, сүөһүгэ олус кутталлаахтар уонна кыһын тоҥон өлөллөр. ПАК Э
    Т. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • эвенк. мэнэк ‘попусту’

«М» буукуба