ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мэнээктээ

туохтуур

Нууччалыы бродить, кочевать, мигрировать

1 туохтуур #

Мээнэ хаамп, кэрийэ сырыт, сылдьыбат сирдэргэр тиийтэлээ (кыыллары этэргэ)

Нууччалыы Бродить, кочевать, мигрировать (о животных)

  • Кураан дьыл эһэ уойбакка хаалан, кыһын арҕахтан туран мэнээктиир үһү.
    Н. Заболоцкай
  • Тииҥ күн-дьыл уларыйыытын эндэппэккэ билигэс, ол иһин булчут бүгүн тииҥ мэнээктиэхтээҕин эбэтэр уйатыгар сытыахтааҕын быһааран билэрэ олус наадалаах
    ТСКБ
  • Хантан эмэ сыҕарыйан кэлэн мустан хойун, элбээ. Θ Собраться, скопиться в одном месте, расплодиться. Быйыл биһиэхэ кырса мэнээктээтэ.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Саха сирин үгүс киин оройуоннарыгар куобах мэнээктээбит дьылыгар хас да сүүһүнэн тыһыынча бултанар
    ПМВ ССК

2 туохтуур #

Туох да соруга суох онно-манна тиий, сырыт (киһини этэргэ)

Нууччалыы Бродить, скитаться, праздно шататься без определенной цели

  • Тоҕо бу диэки мэнээктээбит дьон эбитэй? "Чолбон". Тураммыт, киэһээҥҥэ диэри эмиэ мэнээктии бардыбыт. И. Тургенев (тылб.)

«М» буукуба