Перевод с якутского
үрүҥ
даҕааһын, аат тыл, ахсаан
Нууччалыы цвета снега, белый
English white
Ис хоһооно · 8
1 даҕааһын #
Хаар курдук дьүһүннээх, маҥан
Нууччалыы Цвета снега, белый
Күөх, кыһыл, хара, үрүҥ эриэн таҥастаах дьон синньигэс уулуссаларынан хардары-таары аалсыһан элэҥнэһэллэрэ. А. Софронов Чүөмпэ үрүҥ туманынан бүрүллэн турара, онно киирэн суунна. М. Доҕордуурап Таҥара дьиэтиттэн үрүҥ былааҕы туппут сүүрбэ биир немец тахсан билиэн бэриннэ. Ф. Софронов
Өссө холобурдар (3)
Утарыта: хара Пиэрмэттэн холбуур үүт эбинэн суораттыыллар. Онон, бары да үрүҥү сиир-аһыыр кыахтаммыппыт. П. Аввакумов Сүөһүнү дэлэйдик туталлар, үрүҥү да быспакка сииллэр. СҮТТ. Үүтү, эти да оҥордоллор үрүҥэ суох чэйи иһэ олороннор, үҥсэргээбэт, муҥатыспат этилэр Кыым
2 даҕааһын #
Бары өттүнэн тупсаҕай, үчүгэй, мааны
Нууччалыы Добротный, доброкачественный
Үрүҥ аан. Үрүҥ дьиэ. Хара дьиэҕэ Биһээл уола Мэхээлэ хоно сытара, үрүҥ дьиэҕэ атын хоноһо баара. Күннүк Уурастыырап Кинээс үрүҥ дьиэтин иннинээҕи туруорбах балаҕаҥҥа мустубут дьон, олоруохтааҕар, ону-маны кэпсэтэн ыаһахтаһаллар Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
Арай, мин көрдөхпүнэ, бары саалаахха дылылар. С. Ефремов Үрүҥнэр үөрэ-көтө бырааганы истилэр, сорохторо холуочуйа сыстылар. С. Васильев Кини [Никон] үрүҥнэр тобохторо билигин да онно-манна баалларын билэрэ А. Берияк
3 даҕааһын #
поэт. Ыраас, сырдык, кэрэ
Нууччалыы Светлый, чистый
Үөрэнэн үрүҥ күн сырдыгын көрөргө бу үтэ булаары сордоно турабын.
П. ОйуунускайҮрүҥ күммүт, үөһэ ыттан, Үрдүк халлаан уорҕатыттан, Салаҥ элбэх хататтарын Сардырҕаччы сайа саҕан, Сарпа кыырпах саһарҕатын Сандаарыччы саккыратта. Күннүк Уурастыырап Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа ордук
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
Холобур, иккис диаграммаҕа, үрүҥнэр эф 8 хонууга аты ылан, биир хаамыынан мат биэрэллэр. Ону маннык суруйуохха сөп: 1 Эф 8 КХ. ХС Түмүкпүтүгэр, үһүс, төрдүс диаграммаларга бэриллибит позицияларга үрүҥнэр хайдах кыайыахтарын сөбүн бэйэҕит суоттаан көрүҥ, эрчиллиҥ ББ
4 аат тыл #
Үүт аһылык, үүттэн оҥоһуллубут астар (сүөгэй, чөчөгөй, күөрчэх, суорат о. д. а.)
Нууччалыы Молочные продукты
5 аат тыл #
ист. Гражданскай сэриигэ Сэбиэскэй былааһы утары турбут үрүҥ армия саллаата
Нууччалыы Белогвардеец. [Дьаамнаах:] Сорохтор үрүҥнэрбит дииллэр, сорохтор кыһылларбыт дииллэр
6 аат тыл #
саахымат. Саахымат, дуобат үрүҥ өҥнөөх фигуралара уонна олорунан оонньуур киһи
Нууччалыы Белые (фигуры шахмат и шашек и спортсмен, играющий ими)
7 этии #
Үрүҥ илии ахсарб. – ыарахан, кирдээх үлэттэн куотуна сылдьар Оттон билигин дьиҥнээх муора аргыарын тулуйбат тоҥуй эбиппин. Үрүҥ илии эбиппин. Эт-хаан өттүнэн эрчиллии, үлэҕэ, булка үөрүйэх буолуу киһи үйэтин уһаталлар. Т. Сметанин.
Нууччалыы Избегающий тяжелой и грязной работы (букв. белые руки)
Этиилэр
Үрүҥ илиитигэр биэр (туттар)
тугу эмэ киһиэхэ бэйэтигэр биэр, туттар.
Вручать что-л. в его собственные руки (букв. в его белые руки отдать).
көмүс хатырыктаах – балык. Рыба (букв. с серебряными чешуями). Халыма көтөрүнэн-сүүрэринэн эрэ баай буолбатах. Ону тэҥэ дириҥ далай түгэҕэр саһан сылдьар үрүҥ көмүс хатырыктааҕынан эмиэ аатырар. "Кыым".
Үрүҥ (ойор) күн көр күн
Үөмэх былыт үөһэ устар Үрүҥ күнү күлүктээтэ. Күннүк Уурастыырап Күлүм-чаҕыл утахтаах, сандаарыйан ойор күммүт, Күөрэйээхтиир күннэрэ. ХС
Үрүҥ күн сырдыга баҕалаах
өссө да бу олоххо олоро түспүт киһи диэн суолт. тут-лар (өлөөрү ыксаан сытар киһини этэргэ).
В знач: как хотелось бы еще немножко пожить в этом белом мире (о тяжелобольном человеке) (букв.
: свет подсолнечного мира желанен).
Үрүҥ күнтэн араҕыс (мат)
күн сириттэн өлөн туораа, өл.
Уходить из жизни.
Үрүҥ күнтэн арахсан, Өлөр чааһа кэллэҕинэ, Үбүн-баайын бүтүннүү Үстүүнүгэр аныах буолар. Күннүк Уурастыырап Андаҕайаҕын дуо, Холкуос тутуутун Хоруо гынан тэпсибэтэххинэ, Күөх үүнүүтүн Күдэн гынан көтүппэтэххинэ – Үрүҥ күнтэн матарга, Өтөхтүүн сүтэргэ. С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
[Сүөкүлэ:] Тоҕо кинилэр Киириги сиэтилэр, тоҕо кини бачча эрдэ үрүҥ күнтэн матта. С. Ефремов
Үрүҥ күнтэн сүтэр
өлөр, өлөрөн кэбис, сайылаа.
Покончить, убить.
Үрүҥ күммүттэн сүтэримэ! Ынах хараҕын саҕа хара тааскын биэриэм, улахан кыыспын ойох биэриэм, ол кэннэ бэйэм оннугар ыраахтааҕы гыныам! Саха фольк Дьэ эрэ, -- бэйэҕит талан биһигиттэн эрдэ булан ылыҥ! Ону булбат буоллаххытына, сибилигин үрүҥ күнтэн сүтэрдибит. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Хомуньуустар, ол-бу өрөпкүөмнэринэн сирэйдэнэннэр, баайы-дуолу эстилэр, үтүө дьону үрүҥ күнтэн сүтэрдилэр. ХС
Үрүҥ күнэ өлбөөдүйдэ
өлөрө буолла, ыксаата.
Находиться на грани смерти, быть на волосок от смерти (букв.: белое его солнце потускнело).
Тимирэ-тимирэ күөрэйдэ. Үрүҥ күнэ өлбөөдүйбүтүн кэннэ оҥочолоох уолаттар киирэн быыһаатылар. НАГ ЯРФС II.
Үрүҥ күүгэнэ баранна
эстэн хаалла, сэниэтэ эһиннэ.
Выдыхаться, ослабеть.
Үрүҥ сүнньүнэн истибэт кэпс. – ким эмэ тугу эмэ этэрин истибэт, истэ да сатаабат, барытыгар утарылаһар (бөппүрүөк, хадаар киһини этэргэ). Любящий перечить, говорить наперекор (о несговорчивом человеке). Оттон мин эһигини куоттарбыппын дии. Халлаан дьоно үлэҕэ үрүҥ сүнньүлэринэн истэн кэлбэккэлэр. Илларион анаммыт сирин диэки кичэллээхтик көрдө. М. Доҕордуурап
Үрүҥ сүнньэ быста илигинэ
тыыннаах эрдэҕинэ, өлүөн иннинэ (сөбүлэниэ, буолунуо суоҕа диэн суолт. тут-лар).
Пока живой (ни за что не согласится) (букв.: пока не порвется его спинной мозг).
Куоласка кыаттаран баран, биһигиттэн хайабыт да эһиги бөһүөлэккитигэр, үрүҥ сүнньэ быста илигинэ, көһөн барыа суоҕа диэн андаҕайбыт сурахтаахтара. Н. Апросимов Күлүүс тылын үрүҥ сүнньүм быста илигинэ биэриэм суоҕа. ХС
Үрүҥ сүүрүк
сылгы.
Лошадь (букв.: белый бегун).
Үрүҥ сүүрүктэрим үлтү хаамсан, Үрэх-үрэх баһыттан Үөрдэрин булсуһар буолан бардылар. Саха фольк Олоҥхоһут курдук омуннаахтык эттэххэ, хара ыарҕа дуу диэн көрбүтүҥ - хара сүүрүгэ буолла, үрүҥ ыарҕа дуу диэн санаабытыҥ - үрүҥ сүүрүгэ буолла.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (6)
Үрүҥ тыынын өллөйдөө (өрүһүй) фольк. – кими эмэ туохтан эмэ быыһаа, абыраа. Беречь, спасать кого-л. от чего-л. Дьэ билигин кырдьаҕастарбыт эйигин үрүҥ тыыммытын өрүһүйэр киһилээхпит диэн эрэнэр этилэр. Эрилик Эристиин Ол уол [Айанньыытап] Люда Светлованы өлөр өлүүттэн мүччү туттарбыта – үрүҥ тыынын өрүһүйбүтэ. С. Никифоров Оҕонньор сэрии аччык-сут сылларыгар булт, кыыл этинэн бүтүн бөһүөлэк дьонун аһатан-сиэтэн үрүҥ тыыннарын өллөйдөөбүтэ, араҥаччылаабыта. Кэпсээннэр. Үрүҥү көрбөтөх үрүмэччигэ дылы (үрүмэччи курдук) түөлбэ. – бииртэн бииргэ көтүөккэлиир, саҥаттан саҥаҕа түһэр, сонумсах (киһи). Легко увлекающийся, непостоянный в своей привязанности (о человеке, набрасывающемся на всякую новинку). Үрүҥүнэн-харанан көрдө - хараҕын үрүҥүнэн (өҥүргэһинэн) көрдө диэн курдук (көр харах). Мин сиргэ түстүм. Бөрөм хараҕын үрүҥүнэн-харанан көрөн баран охтон түстэ. Т. Сметанин "Туох даа!" – Лука соһуйбуттуу хараҕын үрүҥүнэн-харанан тиэрэ көрдө. М. Доҕордуурап Бомуоһунньук ачыкытын үрдүнэн үрүҥүнэн-харанан көрө-көрө, суруйбут кумааҕыларын хааһаҕар угаттыыр. ХС Үрүҥү-хараны көрбүт киһи кэпс. – олоҕор үгүс эрэйи-буруйу көрсүбүт киһи. Претерпевший жизненные невзгоды, переживший много горя. Иван Терентьевич сэрии уотун ааспыт, сэрии кэннинээҕи ыар сыллары харытын күүһүнэн туораабыт, быһата, үрүҥү-хараны көрбүт киһи. "Кыым". Тэҥн. мунна тыырыллыбыт киһи, мунна (мунна-уоһа) кэрдиллибит киһи.
Үрүҥ хараҕын өрө көрбөт
1) куруук баттабылга-атаҕастабылга сырыт, олор.
Не видеть света белого от унижения, притеснения.
Киһи алҕаһын, итэҕэһин да көрдөххө, ону сирэйигэр малтаччы саҥарар диэн – акаары быһыы. Оннук акаарытыйар буоллаххына, үйэҥ тухары үрүҥ хараххын өрө көрбөккө, наар үүрүүгэ-үтүргэҥҥэ сылдьыаҥ. Софр. Данилов. Уон ый тухары немецкэй-фашисткай талабырдьыттар хааннаах батталларыгар үрүҥ хараххын өрө көрбөккө олордоххуна, о, бу Ийэ дойдуҥ долгутуулаах, эрэннэриилээх куолаһын истибитиҥ күндүтүн, үөрүүтүн эбитин! Суорун Омоллоон; 2) үлэҕэ баттатан сырыт. Вертеться как белка в колесе. Колхоз үлэтигэр үрүҥ хараҕын өрө көрбөккө кэллэ. НАГ ЯРФС II. Сайынын от үлэтин үлүскэниттэн үрүҥ хараххын өрө көрбөккүн. П. Филиппов Тоороной тойон туттан Тылын истэр уруккуттан, Үрүҥ хараҕын өрө көрбөт, Үлэттэн сиһэ көммөт. хараҕын өрө көрдө - дьэ үөһэ тыынна (хол., туох эмэ батталтан, кыһалҕаттан босхолонон). Наконец-то свободно вздохнул (напр., освободившись от гнета, забот и т. п.). Кыра-хара дьон, Кыһалҕаттан тахсан, Үрүҥ харахпытын Өрө көрбүппүт. Саха нар. ыр.
Үрүҥ хараҕын өрө көрдөрбөт
1) кими эмэ баттабылга-атаҕастабылга илдьэ сырыт, бокуой биэрбэккэ, тохтоло суох үлэлэт.
Обременять кого-л. непосильной работой, недавать покоя, угнетать.
Ону ити мин эрим, [уолу] үрүҥ хараҕын өрө көрдөрбөккө, наар сорук-боллур оҥосто сылдьар, киһиэхэ да аахпат быһыылаах. Болот Боотур Ол аата, мин кинини, үрүҥ хараҕын өрө көрдөрбөккө, наар саба баттыы сылдьыбыт курдукпар тахсабын дии эн быһаарыыгынан. П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
Онтон ыла үрүҥ харахтарын өрө көрдөрбөккө үнтү кырбыы-кырбыы, хамначчыт курдук тутан олороллор. Р. Кулаковскай; 2) утары олох саҥарпат, саба батыы, саҥара сылдьар. Совершенно не давать кому-л. даже пикнуть или пререкаться. Хотуна киниэхэ биир тылы саҥардыбат, үрүҥ хараҕын өрө көрдөрбөт. НАГ ЯРФС II. Лукаа кэргэнин үрүҥ хараҕын өрө көрдөрбөккө таптаабытынан дьаһайа сылдьар. ХС
Үрүҥ-хара тылын этит
бэркэ сордоон, араастаан муҥнаан элэ-была тылын этит.
Долго замучив кого-л. заставлять признаться в чем-л. (букв.: заставить кого-л. сказать свои белые-черные слова).
Тэҥн. ээҕин этит
8 этии #
Нууччалыы Передняя, парадная дверь в дом
Этиилэр
Үрүҥ аан
дьиэ кэтэҕэр буолбакка, иннигэр баар улахан киирэр аан Хатанан турар үрүҥ ааны киһи эрчимнээхтик тардан лик гыннарда. Амма Аччыгыйа. Үрдүк ампаар дьиэ үрүҥ ааныттан Хотуна Чалыыма тахсан, чарапчыланан көрдө. С. Васильев. Үрүҥ айыы миф. – саха былыргы итэҕэлинэн, үөһэ халлааҥҥа олорор үтүө санаалаах саамай үрдүкү айыы.
По старинному поверию якутов, верховное существо, добрый дух, божество живущее на небесах.
Эллэй Боотур тимир, мас ууһа, алгыстаах, бары үрүҥ айыылары алҕааччы. Саха фольк Үрүҥ Айыы Тойон иккис уола Дьөһөгөй Айыы диэн ааттаах. Күн Дьирибинэ. Ол курдук Айыҥат хаантан аналлаах алгыс санаам салыйбатын, Үрүҥ айыыттан төрүттээх Үтүө тылым өлбөтүн. С. Зверев
Үрүҥ арыгы
үрүҥ (дьэҥкир) дьүһүннээх кытаанах арыгы.
Водка.
[Иван Иванович:] Николай Петрович, хайатын иһэҕин, кыһылы дуу, үрүҥү арыгыны дуу? С. Ефремов
Үрүҥ ас
үүт уонна үүттэн оҥоһуллар астар (сүөгэй, чөчөгөй, суорат о. д. а.).
Молочные продукты.
Ол улуу тунах диэн сайыҥҥы үрүҥ ас тахсар кэмэ буолар. Эрилик Эристиин
Ынахтар уоланнар Үрүҥ ас
үүт, суорат малыйбыт.
[Татьяна Ивановна:] Дойдубар тахсан үрүҥ аһы аһаан, дьэ, абыранным. С. Ефремов
Үрүҥ ас (тиит үрүҥ аһа)
тиит хатырыгын аннынан маһын тас үрүҥ өҥнөөх араҥата.
Внешние более светлые (белые) слои древесины лиственницы.
Оҕуурдаабыттара киһилэрэ [Тиэтэйбит Боотур] тиити үрүҥ аһыгар диэри хатырыгын быһа түһэн баран онно өрө мөҕө турбут. Эрилик Эристиин
Үрүҥ балык
уойумтуо, үчүгэй эттээх күндү өрүс балыга (хол., туутчах, уомул, муксуун о. д. а.).
Речная рыба ценных пород (нельма, омуль, муксун и др.).
Өрүскэ балыксыттар муҥха тардан, үрүҥ балык үтүөтүн хотороллор. ББ Саха сирин сыаналаах үрүҥ балыктарын саппааһын үксэтиигэ кэскиллээх үлэ саҕаланна. Айылҕа х.
Үрүҥ буор
туой сырдык (үрүҥ) өҥнөөх көрүҥэ.
Белая глина.
Туой биир көрүҥүн, үрүҥ буору, сахалар тириини кырааскалыырга тутталлар диэбит Э. К. Пекарскай Багдарыын Сүлбэ.
Үрүҥ бурдук
олус мээккэтик тартарыллыбыт сэлиэһинэй бурдуга.
Пшеничная мука лучшего помола.
Остуоллар үрдүлэригэр тэриэлкэҕэ краковскай, московскай халбаһылар, эмис ветчиналар, үрүҥ бурдуктан араастаан оҥоһуллубут астар. Эрилик Эристиин
Ичээнэп оҕонньор
кыракый хобордооҕор үрүҥ бурдугунан алаадьылаабыта. А. Кривошапкин (тылб.). Үрүҥ дьиэ эргэр. – былыр баайдар бэйэлэрэ олорор үчүгэй дьиэлэрэ.
Дом, в котором жили богатые хозяева (в отличие от жилищ батраков).
Үрүҥ дьиэҕэ атын хоноһо баара. Күннүк Уурастыырап Үрүҥ дьиэҕэ салгыы тутуллубут буор сыбахтаах туруорбах дьиэ – харааран ньалбайан көстөр. И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Болот саҥардыы өндөйөн туран эрдэҕинэ, үрүҥ дьиэ аана эмискэ тэлэллэ түстэ. Н. Заболоцкай
Үрүҥ илгэ
үрүҥ ас, үүт ас.
Молочные продукты.
"Үрүҥ илгэни астыыр үтүө чабычах буолла", – диэтэ. Саха фольк Дьэ, хайдах ыал буолаллар тугу аһаан үрүҥ илгэ астарыгар тиийэллэр. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Үрүҥ илгэни үксэтээччилэр ааспыт түмүктэрин, инники соруктарын дьүүллэстилэр. "Кыым". Үрүҥ илии кэпс. – хара үлэҕэ үөрүйэҕэ суох киһи. Белоручка. Ол киһи үрүҥ илии буоллаҕа дии.
Үрүҥ килиэп
үрүҥ бурдугунан астаммыт килиэп.
Белая булка.
Үрүҥ килиэп хаҕа.
Үрүҥ көлөһүн
туһалаах, түмүктээх үлэ.
Полезный труд, труд, приносящий плоды.
Үрдүк сууттар Үлэ дьонун Үрүҥ көлөһүннэрин Үмүрүтэн түммүт Үлүскэн үптэрэ үрэллэн барда.
Өксөкүлээх ӨлөксөйЛоҥкууда үрэх, үрүлүйбүт үрүҥ көлөһүммүтүн тириэрэн үүнэн ыһырыктыйда. М. Доҕордуурап
Үрүҥ көмүс
килэбэчигэс үрүҥ өҥнөөх күндү металл.
Серебро.
[Кулуба:] Эмээхсиэн, били үрүҥ көмүс мэтээлим ханнаный? Н. Неустроев Үрүҥ көмүс ыҥыырдаах үүт маҥан ат сылгы. Үөҥэс тиити кытары өрө туста хаалбыта. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (6)
Үрүҥ көмүс бастыҥа, илин-кэлин кэбиһэр, халадаайдаах былааччыйа, хаарыс харсыат кэппиттэр. С. Данилов Үрүҥ күүлэ эргэр. – улахан дьиэҕэ маанылар, тойоттор эрэ сылдьар күүлэлэрэ. Сени у парадного входа. Икки ааннаах, биир аана үрүҥ күүлэҕэ тахсар. А. Софронов [Куорат кыргыттара] өтөр-өтөр үрүҥ күүлэҕэ сөрүүкүү диэн сүүрдүлэр, утаакы-утаакы муорс утаҕы оҕустуу уулаатылар.
Өксөкүлээх ӨлөксөйҮрүҥ ойуун кэпс. – алгыстаах ойуун, үрүҥ айыылары алгыыр, үрүҥ айыылартан көрдөһөр ойуун. Белый шаман (по религиозным представлениям древних якутов, посредник между людьми и добрыми божествами, заклинатель добрых божеств – айыы). Аан бастаан алгыһы ийэ, аҕа ууһун баһылыктара, кырдьаҕастара туттубуттара. Ол ону биһиэхэ үрүҥ ойууттар көрүҥнэрэ, сэбэрэлэрэ, биитэр үрүҥ ыһыахха саамай ытык кырдьаҕас алгыс алгыыр хаалынньаҥ үгэһэ туоһулуур. Саха фольк Үрүҥ саар эргэр. – үрүҥ ыраахтааҕы, нуучча ыраахтааҕыта. Царь, русский царь. Өйдүүбүт -- Үүһүнэн, кииһинэн өлбүгэ түһүүнү, Үрүҥ саар үтүргэнэ ынырыгын. Эллэй. Үрүҥ сөлөгөй фольк. – үрүҥ ас бастыҥ, үчүгэй өттө (сүөгэй, чөчөгөй, о. д. а.). Лучшие сорта молочных продуктов (сметана, сливки и т. д.) Үрэҕим саҕатыгар үүччээни туттаарыбын баҕана үүтүн хаһан маҕыйарым, үрүҥ сөлөгөйгө үрүт туруоран үссэнээрибин иин хаһан имиллэрим. С. Васильев Бэс ыйын бастакы күннэринээҕи өҥүрүк куйаас түстэ. Үрүҥ сөлөгөй үлүннэ, үчүгэй бөҕө буолла. М. Доҕордуурап
Үрүҥ талах
талах көрүҥэ (саас эрдэ үрүҥ өҥнөөх түүнэн бүрүллэр үнүгэстэрдээх).
Верба.
Үрүҥ талах үнүгэстэрэ ыраахтан туртайан көстөр буолбуттар.
Үрүҥ таман
үрүҥ түүлэрдээх (кылааннаах түүлээх тириитин этэргэ).
Проседь (в мехе).
Аан маҥнай кыталык үҥкүүлээбит, кылааккай кырыстаах күндү түүлээх үрүҥ таманыгар маарынныыр кылбаҕар кырдалыгар бастакы булуугу мин соспутум. М. Доҕордуурап
Үрүҥ тараһа
олус чараас хаһалаах (сылгы уойуутун этэргэ).
Самый тонкий брюшной жир (лошади).
Ол аппын күһүнү быһа бүөбэйдии сатаан баран, нэһиилэ үрүҥ тараһалаабытым уонна сиэбитим. Н. Никифоров
Үрүҥ (хара, үрүҥ-хара) сүүрүк
сылгы-ынах сүөһү үөрэ (үрүҥ сүүрүк – сылгы, хара сүүрүк – ынах сүөһү).
Табуны лошадей и рогатого скота (букв.
белый поток, черный поток; белый поток – лошади, черный поток – рогатый скот).
Хара ыарҕа дуу диэн көрбүтүҥ
[Улуу Кудаҥса] хара сүүрүгэ буолла, үрүҥ ыарҕа дуу дии санаабытыҥ – үрүҥ сүүрүгэ буолла.
Барахсаттар тоҕо үчүгэйдэрэй, элбэхтэрэй? Дьиҥнээх үрүҥ сүүрүк. Н. Заболоцкай
Сылгы үксэ
маҥан, ынах – хара, ол иһин саха киһитэ былыр-былыргыттан бу икки - үрүҥ-хара сүүрүк туһунан кэпсээнигэр киллэрбит, хоһоонугар холбообут эбит.
"ХС".
Үрүҥ тумус
собо оҕото, бырыкы.
Карасенок.
Үрүҥ тунах (толох)
үрүҥ ас (үүт, сүөгэй о. д. а.).
Молочные продукты (молоко, сливки и т. п.).
Үөр хабдьы курдук үрүҥ тунах үллүбүтүнэн барда.
Өксөкүлээх ӨлөксөйҮрүҥ тунах илгэ үллэ-балла сүүрбүт саҥа дьоллоох кэммит сайа тыынан кэлбит. Күннүк Уурастыырап
Үрүҥ туой
иһит оҥорууга, тутууга туттуллар үрүҥ дьүһүннээх туой буор.
Белая глина, используемая в качестве материала для гончарных и строительных работ.
Уолаттарынаан үрүҥ туойу булан эллээн, симэн тимир уһаарар оһоҕу туппута. ХС
Үрүҥ түүлээх
сылгы сүөһү.
Лошади.
Үрүҥ түүлээҕи үөрдүү турдун диэммит, үөгүлүөҕүҥ, оҕо-ло-о-ор! Саха фольк Үрэх, алаас ыаллара үрүҥ түүлээхтэрин үмүөрдүлэр. С. Васильев
Үрүҥ түүн
сайын түүнүн хараҥарбат сырдык кэмэ.
Летние белые ночи.
Үлэ дьонун сынньатар үрүҥ түүн сирдьитэ, сүөгэй астыы дьэгдьитэр сөрүүн киэһэ эргийдэ. Күн Дьирибинэ. Сөп-сөрүүн үрүҥ түүннэргэ айылҕа күнүскү түбүгүттэн уоскуйар. И. Гоголев Саха сирин дьиктилээхэй, кэрэ үрүҥ түүнэ. И. Данилов
Үрүҥ тэллэй
үрүҥ өҥнөөх сиэниллэр тэллэй.
Белый, съедобный гриб.
Урут ахсаана биллибэт элбэх ынах сүөһүлэрин хонор даллара үрүҥ тэллэйинэн саба үүнэллэр. Н. Якутскай Эрэдээктэр идэлээҕим өстөөҕүм да эйэлээҕим үрүҥ тэллэй кэриэтэ үксээн, уостан испитэ. М. Тимофеев
Өссө холобурдар (1)
// Эмэҕирэн эрэр маска тахсар үрүҥ өҥнөөх тэллэй. Гриб трутовик. Уот сырдыгар кыһайан көрдөххө, балаҕан үрүҥ тэллэй буолбут истиэнэлэрэ бу саба түһүөх, хам баттыах курдук атыгыраан тураллар. С. Никифоров
Үрүҥ үлэ
сурук үлэтэ, өй, хонтуора үлэтэ.
Умственный труд.
Онуһу бүтэрбит оҕолор төрөппүттэрэ киэһээ аайы "үчүгэй оҕолор" үрдүк үөрэхтэммиттэрин "үрүҥ" үлэҕэ тиксибиттэрин туһунан ньаҥсайаллара. И. Аргунов
Үрүҥ үлэһит
үрүҥ үлэҕэ сылдьар, үрүҥ үлэни үлэлиир киһи.
Человек умственного труда.
Оттон бэйэтэ ынахха чугаһыаҕын сиргэнэр.
Мин дьыалам буолбатах,
"Үрүҥ" үлэһиппин дэнэр.
С. Тимофеев.
Үрүҥ хаас
үрүҥ өҥнөөх улахан туундара хааһа.
Белый большой гусь, обитающийся в тундре.
Үрүҥ хаас. Ааспыт үйэ ортотугар кини Дьааҥы уонна Халыма өрүстэр икки ардыларынааҕы туундара киэҥ эйгэтигэр баһаам элбэҕэ. Айылҕаны х. Үрүҥ хоһоон литер. – рифмата суох, ол гынан баран, ордук ритмичнэй, ордук күүстээх уонна чаҕылҕай уобарастаах хоһоон. Белый стих. Нуучча поэта В. Луговской "Үйэ ортото" диэн биллэр поэматын циклын үрүҥ хоһоонунан биэс олуктаан суруйбута. ХС А. С. Пушкин "Борис Годунову" уонна "Кыра трагедияларын" наар үрүҥ хоһоонунан суруйбута. ВГМ НСПТ. Бу систиэмэҕэ арыт баар буолар рифмата суох хоһооннору үрүҥ хоһооннор диэн ааттыыллар. ВГМ НСПТ
Үрүҥ чаанньык
чэй көөнньөрөр кыра чаанньык.
Чайник для заварки чая, заварной чайник.
Остуол аҥар муннугар үрүҥ чаанньыктаах сылабаар, тэриэлкэҕэ халаачык, биир чэй иһэр чааскы. А. Софронов Дьоммут иһэллэр быһыылаах. Ааныс Сылабаарын, үрүҥ чаанньыгын уокка уурар.
Суорун Омоллоон
Үрүҥ чох
уу үөһэттэн түһэн гидростанция турбиналарын хамсатар күүһэ.
Сила, мощь воды, приводящая в действие турбины гидростанций. белый уголь.
Уу үөһэттэн түһэн гидроэлектрическай станциялар массыыналарын хамсатар күүһүн үрүҥ чох диэн ааттыыллар. КВА МГ. Үрүҥ ыраахтааҕы эргэр. – нуучча ыраахтааҕыта. Русский царь, император (букв.: Белый царь). Оттон биһиги үрүҥ ыраахтааҕыбыт дьону буускалатан турар дии, туох-туох буолан эрэрий? А. Сыромятникова Оннооҕор үрүҥ ыраахтааҕыны урусхаллаабыттара буолбаат! И. Никифоров
Үрүҥ эрбэһин
үрүҥнүҥү өҥнөөх эрбэһин көрүҥэ.
Валериана лекарственная.
Үрүҥ эрбэһин (валериана), ландыш уонна да атын эмтээх үүнээйилэр бааллара биллэр. КВА Б
Үрүҥэр таһаар (суруй)
уус-уран айымньыны, дьыала суругун уо. д. а. чочуйан, көннөрөн баран бүтэһиктээхтик ыраастык суруй.
После редакционных правок переписать набело (напр., художественное произведение, деловое письмо и т. д.
) "Кыһыл ойуун" маҥнайгы үрүҥүн суруйбутум Дьокуускайга кэлэн баран.
П. ОйуунускайАаҕан баран, үрүҥэр таһаараары, кумааҕы ылан эрдэҕинэ, табаарыһа Петя уол киирэн кэллэ.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Суруйуубун үрүҥэр таһааран баран көрдөрүөм. Г. Сивцев
Үрүҥ эһэ
Хотугу Муустаах байҕал мууһугар, арыыларыгар үөскүүр үрүҥ өҥнөөх бөдөҥ эһэ.
Белый медведь, обитающий на льдах и островах Северного Ледовитого океана.
Зоологическай саадтарыгар үрүҥ эһэ, быыдара, тииҥ, кырынаас, саһыл, кустар, хаастар, кубалар, хотойдор бааллар. Н. Якутскай
Дед-Мороз, ити тугуй?
дэстилэр үрүҥ эһэни уонна маҥан кырсаны көрөөрү кэтэһэ иһэр оҕолор. Н. Заболоцкай. Эдэрдээҕи үрүҥ суолгун тутус! алгыс. – өрүү уруккун, эдэр эрдэҕинээҕин курдук үчүгэй буола турдун.
Да будет всегда так хорошо, как было раньше в молодости (благопожелание).
Сэттэ уоҥҥун да туолларгын, сэргэх чэбдик буолаҥҥын, эдэрдээҕи кэмнэриҥ үрүҥ суолун тутуһан, элбэх сылга истиихтэргин үлүһүйэн ай, уһан. Күннүк Уурастыырап