Перевод с якутского
маҥан
даҕааһын
Нууччалыы белый
English white
1 даҕааһын #
Нууччалыы белый
English white
маҥан былаат белый платокa white scarf маҥан сирэйдээх белолицыйwhite-faced
2 даҕааһын #
Үрүҥ дьүһүннээх, хаар өҥө өҥнөөх
Нууччалыы Белый. Маҥан ат. Маҥан куобах. Маҥан баата. Ол кэмҥэ Баатара үрэҕэ маҥан хаар суорҕаннаах сытара. Күннүк Уурастыырап. Түннүк маҥан сабыыта аһыллыбыта, Швецов сирэйэ былтас гыммыта. Н. Якутскай. Маҥан өҥ - нейтральнай, үксүгэр ол-бу хос өйдөбүлэ суох дьиҥнээх өҥү ааттыырга эрэ туттуллар. ФЕВ ДьС. Утар. хара
3 этии #
Нууччалыы Белый с желтоватым оттенком, изжелта-белый, молочно-белый (о масти лошади или волосах человека)
Этиилэр
Аламай маҥан күн көр аламай
Ыраас халлааҥҥа аламай маҥан күн тахсара буолуо эбээт, ханна эмэ ыраах, үтүө киһилээх-сүөһүлээх дойдуга. Н. Неустроев Сааскы аламай маҥан күн, бадаҕа, Маннык санааны санаммыт курдуга: "Мин хоту кыраайга хойутаан кэлэммин, Кэрэ саас кэлэрин бытаарпыт эбиппин". Эллэй.
Кылбаа маҥан көр кылбаа
Туймаада хочото кылбаа маҥан хаарынан бүрүллэн килэһийэн сытар. Н. Якутскай. Хара тыа уонна таас хайалар үрдүк арҕастара кылбаа маҥан хаарынан бүрүлүннүлэр. А. Кривошапкин (тылб.). Кылбар маҥан халлаан - олус ыраас, биир да кыырпах былыта суох халлаан.
Чистое безоблачное небо.
Былыта суох ыраас, кылбар маҥан халлааҥҥа сүллэр этиҥ ньиргийэн, кутаа уот таҥнары сардырҕаабытын курдук, бар дьон бэркэ соһуйан, -- бука барылара, туох эрэ алдьархайтан куттаммыт курдук.
П. ОйуунускайСылбараҥ маҥан - дэхси, ньылҕаархай, хастаммыт тиит курдук үрүҥ өҥнөөх. Гладкий, белый, словно очищенный от коры лиственница. Сылбараҥ маҥан былаайах.
Өссө холобурдар (7)
Хастаабыт тиит курдук сылбараҥ маҥан харылаах. ПЭК СЯЯ. Хаар (куба, муус, туус) маҥан - туох да булкааһа суох үрүҥ дьүһүннээх, хаар (куба, муус, туус) өҥө өҥнөөх. Белоснежный, белый как снег, ослепительно белый. Оҕо, ийэтин курдук, сап-саһархай баттахтаах, куба маҥан эттээх -- кыараҕас харахтаах. Н. Якутскай Хаар маҥан баттахтаах оҕонньор кыдама оҥосто олорор. С. Данилов Кубалыы субуһан, соҕуруу туһаайан хаар маҥан былыттар Намыһан бардылар. А. Абаҕыыныскай Туус маҥан борохуот туртаҥныыр - Лиэнэҕэ. Т. Сметанин Хатыр (чыҥкыл) маҥан - олох булкааһа суох үрүҥ дьүһүннээх (сылгы өҥүн этэргэ). Молочно-белый (о масти лошади). Былыр сахалар хатыр маҥан биэнэн куһаҕан тыыннарга [абааһыларга] сиэртибэ биэрэллэрэ, сүктэр кыыска энньэ быһыытынан маннык дьүһүннээх биэлэри биэрбэт этилэр. Саха сэһ. I. Чыҥкыл маҥан сылгы -- туйаҕа кытары дьэҥкир буолар. Сылгыһыт с. Чуоҕур маҥан - онон-манан харааран көстөр сирдэрдээх, бэйэтэ маҥан дьүһүннээх (сылгы өҥүн этэргэ). Белого окраса с тёмными пятнами (о масти лошади). Сүүс сылгыттан биир эмэ чуоҕур маҥан сылгыны булуохха сөп, ол курдук сэдэхтик көстөр өҥ. Тыллаах-өстөөх Чоочугур Чуоҕур маҥан атын аҕаланнар баайдылар. Саха фольк Ср. тув. маҥган ‘белый-пребелый, совершенно белый’, монг. маҥхан ‘светлоголовый’