Перевод с якутского
хары
аат тыл
Нууччалыы предплечье, часть руки от локтя до запястья, нижняя часть передней конечности животного
English forearm
1 аат тыл #
Киһи илиитин бэгэччэгиттэн тоҕоноҕор, оттон сүөһү, кыыл илин атаҕын тобугуттан бүлгүнүгэр диэритэ
Нууччалыы Предплечье, часть руки от локтя до запястья, нижняя часть передней конечности животного
Икки бэрт бухатыыр дьон утарыта көрсө тураннар байтаһын сылгы харытын хаба тардыһан былдьаһан киирэн бараллар. Саха сэһ. I. Онтон Уйбаанчыгы харытыттан харбаан, кууһан ылла. Амма Аччыгыйа Кусчут [ыт аата] кэлэн, ыйылыы-ыйылыы, иччитин харытын салаата М. Доҕордуурап
2 этии #
Нууччалыы Раздражённый, кипящий от злости, разозлённый кем-чем-л. человек (букв. [точно] раненный в лытку медведь)
Этиилэр
Харыга аспыт эһэ
кыыһырбыт, олус уордайбыт, кимтэн эрэ кыйахаммыт киһи Харытыттан харбаппыт – түөкүн уора туран туттарбытын эбэтэр уорбутун булларбытын этэллэр.
Поймать на месте преступления, поймать с поличным, поймать за руку кого-л. (букв. быть схваченным за руку).
Түөкүн син биир хаһан эрэ харытыттан харбатыа… Онон эн эрдэтинэ киниттэн тэй. И. Гоголев [Лариса] кэлин, быһата, харытыттан харбатан баран, биирдэ билиммит. В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
Биитэр итинник кыбартыыраҕа [сигнализациялаах] киирбит уоруйах сонно харытыттан харбатар. "Кыым".
Харытын күүһүнэн көр күүс
Миэхэ, ханна да сылдьыбакка, хары күүһүнэн хара тыа маһын эрэ кытта өрө туста сылдьар киһиэхэ, туох сонуна кэлиэй. С. Федотов. Оччотооҕуга туох тиэхиньикэ эҥин кэлиэй, үксүн хары күүһүнэн оҥоһуллара. "ХС". Ити үлэни барытын билигин хары күүһүнэн толоруохха наада. "Кыым". Хары хапсыыта эргэр. – былыргыга илии илииттэн, харыттан ылсыһан күүс холоһуу, охторсуу.
В старину: силовое состязание юношей, мужчин, которые хватаясь за руки, предплечье противника, должны, двигаясь проворно, ловко и быстро, уложить его наземь.
Урууга сүүстэн тахса киһи барар, ол иһигэр хары хапсар, нөрүөн көрсүһэр, күрэх былдьаһар бөҕөстөөхтөр, быһыйдаахтар. Саха фольк Мойуос бухатыырыныын Мүһэ былдьаһан, Хары хапсан хачыгыраттылар. С. Зверев
Өссө холобурдар (1)
Кини аакка киирбит көнө хонуутугар бар дьону түмэн оонньоторго, хары хапсыһыннарарга, илии баттаһыннарарга санаммыт. "ХС"
3 этии #
Нууччалыы Кость руки от локтя до запястья (кость предплечья)
Этиилэр
Хары баттас көр баттас
Саха оонньуута буолан, мас тардыһан, хары баттаһан быйыл ким аҕамсыйан, күүһэ мөлтөөбүтэ, ким үүнэн, күүс киллэриммитэ быһаарылынна. Амма Аччыгыйа – Дарыбыан! Төһө күүстээххиний? Кэл, харыта баттаһыах. Далан
Өссө холобурдар (1)
Хары баттаһаачылар тоҕонохторун хамсаппакка эрэ, харыларын тиэрэ баттаһаллар. ВПК СОо.
Харыгын ньыппарынан көр ньыппарын
Аныгы Бүлүү харытын ньыппарынан, толору быччыҥнарын күүрдүнэн социалистическай тутуу модун хардыыларынан хардыылаан иһэр. Амма Аччыгыйа Дьэ бу нэһилиэк үлэтин көннөрөргө харыны ньыппарынан, сорунан күүс үлэни ыыттахха сатаныыһы.
Күндэ
Өссө холобурдар (1)
Ананийдаах хаһыа да буоланнар харыларын ньыппарынан, эр хааннарын киллэрэн туран үлэлээн бардылар. М. Доҕордуурап
Хары куйаҕа көр куйах
Сорох дьон хары куйахтаах эрэ буолаллар үһү. Саха сэһ. I.
Хары күрүө көр күрүө
Хас да балыктаан аһыы сылдьар быстыынньа дьон күрүөлэрин [кулубалара] хары күрүө оҥостон туһанарын эмиэ сэмэлииллэр. И. Гоголев Харыйа кэтэҕэ сирбитин, хааччах гынар аатыран, хары күрүө гынан олорор. Эрилик Эристиин
Хары уҥуоҕа
илии тоҕоноҕуттан бэгэччэгэр диэри уҥуоҕа Бары биилэрэ ойуттубут, кылааннара сынтарыйбыт сүгэлэринэн, баһымньыларынан үлэлээннэр, сыралара-сылбалара быстан, харыларын уҥуоҕунан эрэ сордоно тураллар.
Бэс Дьарааһын. Бии ас түҥэтээччи киһи, хары уҥуохтаах эти [Тиэтэйбиккэ] туттарда. "Чолбон".
Хары устата
уста кээмэйэ: тоҕонохтон тарбах төбөтүгэр диэри уһуннаах.
Мера длины: расстояние от локтя до кончиков вытянутых пальцев.
Хары утаҕа көр утах II
Отут сэттэ бухатыыры ооҕуй ситимин курдук хара дьүһүннээх быаҕа харыларын утаҕыттан тобулута үүттээн баран онтон тиһэн кэбиспит айыы бухатыырдара кычыгыраһан тураллар үһү. Ньургун Боотур.
Хары чаһыта
илиигэ кэтиллэр чаһы.
Наручные часы.
Миша харытын чаһытын көрүнэ түһээт, велосипед үктэлигэр атаҕын тирээтэ да өндөҥөлүү сүүрбүтүнэн барда. Амма Аччыгыйа Борохуолка баһаарыттан атыыласпыт чаанньык хаппаҕын саҕа бэлтэйбит харытын чаһытын көрүннэ.
Г. Колесов
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС хары ‘локтевая часть руки; локоть’, туба кижи кары ‘часть руки от запястья до локтя’