ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күрүө

аат тыл

Нууччалыы загон

English corral, pen

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Нууччалыы загон

English corral, pen

  • сүөһүнү күрүөҕэ хаай
    загони скот в загонdrive the cattle into the corral

2 аат тыл #

Сүөһү, сылгы киирбэтин диэн, уһун сиэрдийэ мастаах бүтэй тутуу (икки миэтэрэ кэриҥэ үрдүктээх мас тоһоҕолору кэккэлэһиннэри утарыта анньаллар, сигэлииллэр уонна онно кыбыта уһун сиэрдийэни уураллар)

Нууччалыы Изгородь (вокруг стога, покоса, пашни и т. п.)

  • Күрүөтээҕэр намыһах, аттааҕар күүстээх баар үһү (тааб.: аты өртүүр мас). Тэмэлдьигэн [киһи аата] бурдук күрүөтүгэр өйөнөн, көрөн турда.
    А. Софронов
  • Чэйдии олорооччуларга кыараҕас харахтаах, даба ырбаахылаах хатыҥыр дьахтар күрүө быыһынан киирэн кэллэ.
    М. Доҕордуурап
  • Сарсыарда эрдэ, бааһына күрүөтүн кыйан, дьиэбитигэр сыҕарыйбыппыт
    Н. Габышев

3 аат тыл #

Сүөһүнү, сылгыны быстах кэмҥэ тутар, хаайар бүтэй: бүтэйдэммит сир; дал

Нууччалыы Загон для временного содержания скота, лошадей; огороженное место

  • Хардааччы, хотон кэннинэн, дал күрүөлэрин кэрийэ сыбдыйан, саамай уһук кыбыы кэннигэр аһыы турар, маарыын миинэн кэлбит атыгар тиийдэ.
    С. Никифоров
  • Манчаары оҕо чугас ыалыттан сыарҕа уларсан, Чоочо оҕонньордооххо баран, оҕуһун күрүөҕэ уган баран, дьиэҕэ киирэн ортоку ороҥҥо олорбут. МНН. [Табалар] Күрүөттэн куотаары, Көҥүлгэ көтөөрү, Үрүҥ күн сырдыгын Тиһэҕин көрөөрү, Аалыҥнаан, айманан өрүтэ көтөллөр. В. Лебедев (тылб.)

4 аат тыл #

Киһи уҥуоҕун аҕыраадата

Нууччалыы Ограда, которой обносят могилы

  • Сэбиэт үлэһиттэрэ эмээхсин уҥуоҕун күрүөтүн иһиттэн көмүстээх-түүлээхтээх дьааһыктары хостоон эрэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Маппыр аҕабыыттаах ийэбит сытар тимир күрүөтүн иһигэр ыскамыайкаҕа олороро
    Л. Попов

5 аат тыл #

бэй. туһ. Үллэһиккэ тиксэр өлүү ходуһа (ортотунан үс сүүс-түөрт сүүс бугул кэлэр сирэ)

Нууччалыы Надельный пай покосных угодий, который давал в среднем триста-четыреста якутских копен, приблизительно девятьсот-тысяча двести пудов сена

  • Арамаан оҕонньор бастыҥ кылаас өлбүгэлээх аатыран, бүтүн нэһилиэккэ собус-соҕотоҕун түөрт күрүө сирдээх.
    Күннүк Уурастыырап
  • Семен Степанович Егоровтар диэн баай ыал кыыһын кэргэннэнэн, биир күрүө сирдэнэр, отучча сүөһүлэнэр. Эрчимэн. Бу хочо, уон алта күрүөлээх сир бүтүннүүтэ Никифоров кинээс өлбүгэтэ.
    М. Доҕордуурап
  • Ср. п. -монг. күрийэ 'забор, ограда'

6 этии #

Нууччалыы Пренебрегая кем-л., унижая маленького беззащитного человека (валить всю вину на него, набрасываться

  • Күрүө (сыыр) намыһахтыы - кыра мөлтөх киһини сэнээн, атаҕастаан (кэлтэччи буруйдаа, үөх) Сравн. на бедного Макара все шишки летят. Выражение основано на переносном значении пословицы: лошадь перепрыгивает изгородь там, где низко). Таһырдьа Тээллэрис саҥата ньамаланна: "Күрүө намыһахтыы барытыгар мин буруйдаах буолан истэҕим!".
    И. Гоголев
  • [Сүөкүлэ:] Тиитэбис хотуна бөһүөлэги биир гына кэрийэн кэҕилдьийэ-кэҕилдьийэ, күрүө намыһахтыы, миигин холуннаран хобу-сиби тарҕаппыт.
    И. Семенов
  • [Тойон] былаас уларыйыаҕыттан мунньа сылдьыбыт уоҕа-кылына, абата-сабата сөптөөх сылтаҕы булан биирдэ тоҕо барда уонна күрүө намыһахтыы Чиэнэ үрдүнэн көттө.
    И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Күрүөтэ (күлүүһэ) суох окко (үпкэ) киирбит - манабыла суоҕунан туһанан, атын киһи үбүн-аһын бэйэҥ тускар туһан. Θ Злоупотреблять чужим добром, пользуясь отсутствием контроля (букв. напал на сено без изгороди)

7 этии #

Нууччалыы Ограда из кольев, вбитых в землю крест-накрест, на которые кладутся поперечины

Этиилэр

Остуолба күрүө көр үүт күрүө

Сылбах күрүө - сиргэ таах сытар араас маһы хомуйан оҥоһуллубут күрүө.

Изгородь из валежника.

  • [Чүөчээски] аҕыйахтык хаамарын кытта, сылбах күрүө барыс гына түстэ.
    Суорун Омоллоон
  • Тыын күрүө бэй. туһ. - огдообо дьахталларга уонна дьадаҥы дьоҥҥо тиксэр, мөлтөх үүнүүлээх, кыра кээмэйдээх оттуур өлүү ходуһа. Очень маленький сенокосный участок с низкой урожайностью, отводимый вдовам и беднякам. Укаас күрүө бэй. туһ. - ыстаарысталарга уонна быыбарданар дуоһунастаах дьоҥҥо сулууспаларын иһин бэриллэр оттуур ходуһа сир (оҕото суох киһи өллөҕүнэ, кини сириттэн бэриллэр). Сенокосный участок, который отводился старостам и другим выборным должностным лицам за службу (передается из земель, оставшихся после смерти бездетного человека). Кинилэр [баайдар] аналлаах өлбүгэлэрин таһынан аны "укаас күрүө" эбэтэр "тоһоҕо күрүө" диэни ылаллара.
    И. Аргунов
Өссө холобурдар (4)
  • Үүт күрүө - сиэрдийэ угуллар анал дьөлөҕөстөөх баҕаналаах күрүө. Изгородь на столбах с отверстиями для жердьев. [Туйаарыма Куо] Үс үүт күрүөнү Үрдүнэн көстөр Үрүмэччи маҥан аттаах.
    П. Ойуунускай
  • Таратаайканан Кыынньар [киһи аата] икки уола өрө харбатан, үүт күрүөҕэ хорута түһэллэр.
    А. Федоров
  • Киэҥ күрүө икки уһун эркинин үс мастаах үүт күрүө оҥорон баран, икки өттүн иин аан оҥоруохха сөп.
    ХС
  • Хары күрүө бэй. туһ. - баайдарга уонна аҕа ууһун тойотторугар өлүү сирдэрин таһынан эбии бэриллэр оттуур ходуһа сир (нэһилиэктэриттэн өр тэйэ сылдьыбыт уонна түһээни, тардыыны кыайан төлөөбөт дьадаҥы дьон сирдэриттэн бэриллэрэ). Сверхнадельный сенокосный участок, которым пользовались богачи и родоначальники (обычно это участки, принадлежавшие тем, кто отсутствовал долгое время в своем наслеге, или бедняков, неспособных платить подати и повинности)

«К» буукуба