Перевод с якутского
күрүөлээ
туохтуур
Нууччалыы делать, ставить изгородь, ограду, забор; огораживать, обносить оградой, забором
1 туохтуур #
Тугу эмэ эргийэ, быыһыы күрүөтэ, бүтэйдэ тут
Нууччалыы Делать, ставить изгородь, ограду, забор; огораживать, обносить оградой, забором
От кэбиһиитигэр чугас ыаллар көлөлөрүн холбоон, күүстэрин түмэн, от угаллара, түстүүллэрэ, күрүөлүүллэрэ. И. Аргунов Булду туһахха, айаҕа боһойон киллэрээри, кыра титириктэри, маһы охтортоон күрүөлүүллэр, сылбахтыыллар. Багдарыын Сүлбэ. Былырыын сайын өтөхпүн сылгы тэпсибититтэн кыһыйан, дьону көмөлөһүннэрэн мас бэлэмнээбитим, күрүөлээбитим Кыым
2 туохтуур #
Сүөһү хаайар дал, бүтэй тут
Нууччалыы Строить загон для скота
Хотоҥҥун күрүөлээ
3 этии #
Иитэр сүөһүнү күрүөлээ фольк. - дьиэ-уот туттан киһи-хара буол Кырдьыга да, уот суоҕа буоллар, саха киһитэ эрэйдээх бу чэҥ муус дойдуга хаайан иитэр сүөһүнү күрүөлүө, төрөтөр оҕону төлкөлүө, уостубат олоҕу ууһатыа этэй? Софр. Данилов. Ити аата мин манна олохсуйабын -- Төрүүр оҕону манна төлкөлүөм, иитэр сүөһүнү манна күрүөлүөм! И. Данилов
Нууччалыы Обзавестись хозяйством, домом, выйти в люди