Перевод с якутского
күрүөлэн
туохтуур
Нууччалыы огораживаться, обноситься оградой, забором, быть огороженным забором
1 туохтуур #
Күрүөнэн эргилин, бүтэйдэн
Нууччалыы Огораживаться, обноситься оградой, забором, быть огороженным забором
Өлүөнэ кытылыгар яблоневай сад. Боробулуоха эрэһээҥкинэн күрүөлэммит. Пьесалар-1978. Саллаат пааматынньыга тимиринэн күрүөлэммит. ДьДьДь. Импиэрийэ киин куората муора диэкинэн уонна хонуу диэкинэн таас истиэнэлэринэн уонна башняларынан күрүөлэммитэ АЕВ ОҮИ
2 туохтуур #
Далга, хаарчахха хаайылын (сүөһү туһунан)
Нууччалыы Быть загнанным в огороженное место, в загон (о скоте)
Субан сүөһү күрүөлэннэ
3 туохтуур #
бэй. туһ. Оттуур ходуһалан, өлбүгэ сирдэн
Нууччалыы Получать сенокосный надел, сенокосное угодье
Эн эһэҥ, аҕаҥ, эһэҥ эһэтэ, эһэҥ эһэтин аҕата хаһан даҕаны торуой кылаас сирин сирдэммиттэрин, биитэр хайа эмэ үрэх баһыгар чиэппэр, оһумуой күрүөлэммиттэрин истэ илигим.
П. ОйуунускайКини [аҕам] кыратыттан баайдарга үлэлээн сэттэ көлөһүнүн тохпута, отут икки сааһыгар эрэ бэрт кураайы сиргэ чиэппэр күрүөлэммитэ ХС