Перевод с якутского
дал
аат тыл
Нууччалыы загон
English corral, pen; corral
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Нууччалыы загон
English corral, pen; corral
сүөһү далга аһыыр скот ест в загонеthe cattle are eating in the corral
2 аат тыл #
Хотон таһыгар сүөһүнү хаайан аһатар бүтэй
Нууччалыы Загон (для скота)
Биир далга сүүс сүөһү хаайыллыбыт үһү (тааб.: суот). [Оноҕочоон Чоохоон] үс атыыр үөрүн аҕалан далга хаайталаан кэбиһэр. Саха фольк Далларын кэтэҕинээҕи ойуурга Лэглээриннэр солооһун таһаарыммыттара Амма Аччыгыйа
3 аат тыл #
Оҕунан ытарга аналлаах сыал
Нууччалыы Цель для стрельбы из лука. [Тыгын тойон] куолутунан холоһон дал ытыалаһыннарар
БСИ ЛНКИСО. Бастаан Дыгын Баай көрдөһүүтүнэн кураахтаах саанан сыал (дал) ытыһыыта буолар. Саха сэһ. I
4 этии #
Этиилэр
Илии дала көр илии
Өс киирбэх, киһи тылын быһа гыммат дьону Абыраамап адьас илиитин далыгар киллэрбит. Л. Попов [Аар Тойон – Чаараҕа:] Эн оҕоҥ бэрт, ийэҥ-аҕаҥ, эбэҥ-эһэҥ илиилэрин далларыттан тахса иликкин. Софр. Данилов. [Петр абата көхсүгэр кыынньа истэ:] Кинини [Машаны] баҕас илиим далыгар киллэрээ инибин. М. Доҕордуурап
Харах дала көр харах
Харах дала кыараҕас эргимтэтин иһигэр сыһыылар, тыалар субу нэлэһэн көстөллөрө. М. Ефимов [Ороспуойдар Мичили] харахтарын далыттан таһаарбакка кэтиир-маныыр быһыылаахтар.
Г. Колесов
Өссө холобурдар (1)
"Көрсүһүөхпүт" [Т. Сметанин айымньыта] – кириитикэ хараҕын далыгар киирэ илик айымньы. КНЗ ТС
5 этии #
Нууччалыы Приблизительное расстояние выстрела из лука
Этиилэр
Дал ытыах (сир)
сир ырааҕын кэриҥэ (ох саа тэбиитэ сир) Сылгыны дал ытыах бадаҕаттан көрбүтүм. ПЭК СЯЯ. Дал ытыһыы эргэр. – тугу эмэ оҕунан таба ытарга куоталаһыы.
Соревнование по стрельбе из лука.
Кураахтаах саанан дал ытыһыыта буолар. Саха сэһ. I. Тэҥн далла мэндэйии. Монг. дал