ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньыппарын

туохтуур

Нууччалыы засучивать рукава рубашки или штанины брюк

1 туохтуур #

Ырбаахыҥ сиэҕин эбэтэр ыстааныҥ сототун тиэрэн өрө таһаар

Нууччалыы Засучивать рукава рубашки или штанины брюк

  • Кини иннигэр кыһаллыбакка, холкутук Фёдор Иванович ньыппарыммыт суон быччыҥнардаах илиитин өттүк баттанан, табахтыы турара.
    Далан
  • Хаҥас диэки уот иннигэр Өрүүнэ эмээхсин, түһэҕин ньыппарынан баран, ситии хатар.
    Күндэ
  • Кеша маайканан турар, бүрүүкэтин тобугар диэри ньыппарыммыт, атах сыгынньах
    Н. Габышев

2 этии #

Нууччалыы Проявить максимальную готовность к действию (букв. засучить рукава)

  • Харыгын ньыппарын - күүстээх үлэни толорорго бэлэм буол Дьэкиим, хомуһуолун устан, харытын ньыппарынан, оҥостон олорон саҥата суох суруйбутунан барда.
    Болот Боотур
  • Сэрии, оһол уота умуллан, Ойбон бааспыт оһоруллан, Илиилэрин ньыппарынан, Үлэ дьонноро турдулар. Эллэй. Кини харытын ньыппарынан ылыстар эрэ, тугу да тулуппат бараа быччыҥнанар, дуулаҕа күүстэнэр, дуолан санааланар. П. Аввакумов

«НЬ» буукуба