Перевод с якутского
торуойка
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы упряжка в три лошади, тройка
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Биир сыарҕаҕа эбэтэр тэлиэгэҕэ көлүллүбүт үс ат
Нууччалыы Упряжка в три лошади, тройка
Тиҥийэр-таҥыйар кыайыынан Чыҥкыныы, чугдаара ыллыыбыт. Торуойка муҥунан көтүтэн, Битийэн, тиҥийэн иһэбит.
Суорун ОмоллоонТоруойканы хаһаахтар аттаах этэрээттэрэ тула харабыллаан испит. П. Филиппов Иккис дьааммытыгар чуорааннаах торуойкабыт суох буолла, Паара оҕуһу көлүйдүлэр. В. Короленко (тылб.)
2 даҕааһын #
суолт. Үс буола көлүллүбүт (аттар)
Нууччалыы Запряжённые в один ряд (трое лошадей), тройка (лошадей)
Кини сүрдээх улахан сыбаайба дьоно бэрт элбэх торуойка аттарынан иһэллэринэн көрсө түспүт. Амма Аччыгыйа Долгууһа сыарҕаҕа көлүллэн, Турдулар торуойка дьоруолар. С. Данилов Маҥан торуойка аттартан паар бурҕачыйар. А. Чехов (тылб.)
3 аат тыл #
Бинсээктээх, бүрүүкэлээх (эбэтэр дьууппалаах) уонна силиэттээх көстүүм
Нууччалыы Костюм-тройка, состоящий из пиджака, брюк (или жакета, юбки) и жилета, тройка. [Былаас] эргэ соҕус торуойкалаах
Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ сабыс-саҥа шевиот торуойкалаах, саас ортолоох киһи Эрилик Эристиин
4 этии #
Этиилэр
Торуойка көстүүм көр торуойка II
Долооноп уруккутун курдук мааны таҥастаах, хара торуойка көстүүмнээх. И. Гоголев