Перевод с якутского
үс
ахсаан, аат тыл
Нууччалыы слово, обозначающее число, цифру
English three
Ис хоһооно · 4
1 #
төһө ахс. аат 3 сыыппараны, чыыһыланы, ахсааны бэлиэтиир тыл
Нууччалыы Слово, обозначающее число, цифру
2 #
Тумарык былытынан бүрүллэн турар бүтэй халлааҥҥа үс чобоо уолаттар өрө субуруһан тахсаннар, үнтү баран эһиннилэр. Амма Аччыгыйа. Олоҥхоһут биир бэйэтэ үс идэни тэҥҥэ баһылыыра: ырыаһыты, поэты, артыыһы. Суорун Омоллоон. Биир эһэни, үс табаны өлөрдүбүт... – диэн Эрбантей хаһыытаан эттэ. Эрилик Эристиин
3 этии #
Нууччалыы Быть загнанным в угол (букв.: три обшивки его пришиты)
Этиилэр
Үс дойдуттан
араас ыраах дойдулартан (хол., ыҥырыллан кэл).
Со всего света, со всех концов (быть приглашенным на что-л.).
Кэмпириэнсийэҕэ үс дойдуттан учуонайдар бөҕө ыҥырыллан кэлбиттэр. Үс дойдуттан үмүөрүһэн, Сэттэ сиртэн тиксиһэн, Ахсаабакка айанныахпыт. С. Зверев
Үс күлүктээх киһи
албын-түөкэй, халты харбатар, кураанаҕы куустарар киһи.
Пройдоха, жулик (букв.
: человек с тремя тенями).
Үс өргөстөөх, аҕыс кырыылаах
күнүн оройугар сылдьар эдэр киһи, эр бэрдэ.
Добрый молодец в рассвете сил, удалец (букв.: с тремя остриями, с восьмью гранями).
[Баһылай Чооруос:] Манчаары уол оҕо, ат кулун, оонньуур болот, оноҕос. О, саха үс өргөстөөҕө, аҕыс кырыылааҕа буоллар ханнык! В. Протодьяконов Дьон үс өргөстөөхтөрө, аҕыс кырыылаахтара манна бааллар эбит. ХС
Үс өттүгүн өҥөн, түөрт өттүгүн көрүн
тугу эмэ оннук буолуо диэн олус сэрэхэдий, сэрэнэ тутун.
Быть, становиться крайне осмотрительным, осторожным.
Саһыллыын киирсэргэ үс өттүгүн өҥөн, түөрт өттүгүн көрүн диэн баар. Л. Попов
Үс саха көр саха
Уордаах Акыым кулуба үс саханы ытаппыт киһи дииллэр. Саха сэһ. Өлбөт өрөгөйдөнөн, кэхтибэт кэскиллэнэн, самныбат саргыланан, үс саха үөскүөх этэ, түөрт саха төрүөх этэ.
П. ОйуунускайӨксөкүлээх эппитин өйдүүрүҥ буолуо, баҕар, Үгүс үйэлэргэ мэҥийбит Үргүөр муус буурҕаҕар Үрдэрэн үгдэрийбит Үс саха бииһин ууһун Үлүгэрин туойбутун. Күннүк Уурастыырап
Үс туман түһүөр диэри
сайын киэһэ хойукка, түүн үөһүгэр диэри (үлэлээ).
До глубокой ночи (работать) (букв.: до падения трех туманов).
Сайынын, үс туман аргыстаах, Үлэттэн уурайан кэлэрим. Күннүк Уурастыырап Киэһэ үс туман түһүөр диэри үлэлиир. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
Үс туман түһүөр диэри От охсор буоларыҥ - Сарсыардааҥҥы сиккиэри Арыый куота утуйарыҥ. ХС Үстэ сөмүйэтин төгүрүтүө, иккитэ эрбэҕин эргитиэ түөлбэ. – албын, түөкүн. Плут, мошенник (букв.: он трижды проведет вокруг указательного пальца, дважды – вокруг большого). Үс үллэр үөстээх фольк. – Өлүөнэ өрүһү хоһуйар көһөр олук, уустук кубулуйбат эпитет (Өлүөнэ улахан салааларын Бүлүүнү, Алданы кытта бииргэ тутан этии). Постоянный эпитет, описывающий реку Лену с её двумя крупными притоками Вилюй и Алдан. [Самолёт] Кынатын тыаһа кырылаан, Мотуорун тыаһа ньирилээн, Үс үллэр үөстээх Өлүөнэлиир өрүһү Үрдүнэн көтөн Өрө куйааран кэллэ. Саха нар. ыр. III. Урукку үйэҕэ сүүһүнэн сылларга, Утуйбут норуотум уһуктан турбута, - Үлүскэн күүстэрэ өрүтэ күүрэннэр, Үс үллэр үөстэрдээх Өлүөнэ өрүһүм халаанын уутунуу дьалкыйан тахсаннар, хараабат уоҕунан саҥаны айбыта. Күннүк Уурастыырап Сахабыт сиригэр саас буолан, Сир аайы сибэкки тэлгэннэ. Сүүһүнэн үрэхтэр долгуһан, Үс үллэр үөстээх Ленаҕа түстүлэр. Эллэй. Үс хаттыгастаах (үрдүк мэҥэ) халлаан фольк. – үс сабыылаах, үллэһиктээх, халлаан (сахалар итэҕэллэринэн халлаан тоҕуска тиийэ сабыылаах дэнэрэ). Трехъярусное небо (по верованиям якутов небо имеет до девяти ярусов). Үс хаттыгастаах Үрдүк мэҥэ халлаан Үрүт өттүгэр.
П. ОйуунускайҮс хаттыгастаах халлааны өтөрү өйдүөтэххэ, үрүҥ күнү үөскэппит, Аан дойдуну айбыт, үрүҥ аар тойон аҕаккайбыат! Өксөкүлээх Өлөксөй
4 этии #
Нууччалыы По старинному поверию якутов было три мира (Верхний мир – девятиярусное небо, где обитают божества-небожители
Этиилэр
Үс дойду
1) былыргы саха өйдөбүлүнэн: үөһээ, орто уонна аллараа дойдулар (тоҕус хаттыгастаах Үөһэ дойду – Үөһэ Айыылар дойдулара.
Орто дойду
сир, сахалар, уопсайынан киһи аймах олоҕо.
Аллараа дойду
абааһылар дойдулара) Средний мир, где живут люди.
Нижний мир
преисподняя, где обитают абаасы). Үс дойду ааттаахтара, эгил-тэгил күүстээхтэрэ эрийсэр кэмнэрэ, дьэ бу тирээн кэлбэтэ дуо? Саха фольк.; 2) билиҥҥи өйдөбүлүнэн: аан дойду.
По современному представлению: весь мир, вселенная.
Миигин, "уһун эрэйдээх, кыаттараары гынан ыксаан, уоран-талаан өлөрбүтэ" – диэн, үс дойду үрдүнэн бары элэк гыныахтара, үөҕүөхтэрэ буоллаҕа. Ньургун Боотур [Маайа:] Онто суох мин куһаҕан чэпчэки аатым үс дойдуга тарҕанна, киһи сирэйин-хараҕын таба көрбөт гына оҥордулар. А. Софронов Сааккын сабынан, удаҕан буолан, үс дойдуну албыннаан аһаан сылдьаҕын буолбат дуо? Болот Боотур
Өссө холобурдар (4)
Үс мас үүт күрүө (үс үүт бүтэй) – үс сүлдьүгэстээх остуолба бүтэй. Столбовая изгородь в три жерди. Үс мас үүт күрүөнү үрдүнэн типпит хомурах быыһыттан балаҕан даҕаны, от даҕаны киһи хараҕар табыллан көстүбэттэр.
КүндэСабардам, үс сүүс баҕананы кэттэрэн, Бараада үрэҕин төрдүн үс үүт бүтэйинэн сүүрдэн кэбиспитэ. Болот Боотур Бу көмүс харчыбыт, бу кыһыл саһылбыт Кытаанах куйахтаах тааҥканы туппута. Үс мас үүт күрүөнү үрдүнэн саһарбыт Бурдукпут туорааҕа буулдьаны куппута. П. Тулааһынап Үс муннук геом. – үс быһыта охсуһар көнө сурааһыннар үөскэтэр геометрическай фигуралара. Треугольник. Үс муннук үс өттө үһүөн тэҥ усталаах буоллахтарына, итинник үс муннугу тэҥ өрүттэрдээх диэн ааттанар. ННН Г
Үстэн биирэ
туох эмэ үс гыммыт биирэ.
Одна треть.
Онтон ыла Ийэ сирэ Үйэ үстэн бииригэр, Силигилии-сайда үүнэр. Күннүк Уурастыырап