ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

курдуу

аат тыл, сыһыат

Нууччалыы три опояски, обода древней берестяной юрты (урасы) якутов (нижняя опояска проводится в три ряда тальником или тонкими молодыми лиственницами для укрепления основания урасы

1 аат тыл #

Былыргы туос моҕол ураһа бөҕөргөтүү иилэрэ (ураһа курдуута үс: алын курдуу, орто курдуу, үөһээ курдуу. Алын курдуу - ураһа тэллэҕинэн талаҕы эбэтэр титириги иэҕэн оҥоһуллар, үс төгүл ыытыллар. Орто курдуу - үрдүгэр ыыраахтаах баҕаналарынан ыытыллар суоруу мас ии. Баҕана икки арда орон буолар, орон ахсаана тоҕус-уон икки.

Нууччалыы Три опояски, обода древней берестяной юрты (урасы) якутов (нижняя опояска проводится в три ряда тальником или тонкими молодыми лиственницами для укрепления основания урасы

  • Средняя опояска укрепляется на врытых в землю столбах, которые отделяют лавки вдоль стен. Число лавок от 9-12. Верхний круг - опояска деревянного остова якутской берестяной юрты). Төрөтөр оҕо төлкөтө буоллун диэн Сүүрбэ дьөрбө титиригинэн Түгэх курдууну Төгүрүччү түһэрдим. Саха сэһ. 1977. Кэлэр да үйэлэр кыһыл көмүс кырыылара, моҕол ураһа курдуутун курдук, кэрэлэнэн биллэллэр
    Суорун Омоллоон

Этиилэр

Үөһээ курдуу

ураһа үөһээҥҥи хайаҕаһын бүүрүгэ, чампарыга, ураһа ураҕастарын үөһээ уһуктарын холбуу туттарыыта)

2 аат тыл #

Чороон о. д. а. мас иһити сытыары эргийэ барар киэргэтии ойуута-оһуора

Нууччалыы Горизонтально опоясывающие деревянную утварь (чороны и т. д.) узоры, орнаменты

  • Оторой чопчу оһуордаах, ой силик курдуулаах, Отут томторҕолоох, Уоһах арыы оҕунуохтаах Уйгу чороон иһит
    С. Зверев
  • Космос куйаарыгар тиийдибит, Сири курдуу эргийдибит.
    С. Тимофеев
  • Хуторы тула эргиччи Курдуу турар харабыл
    А. Бродников

3 сыһыат #

суолт. Тугу эмэ эргийэ, тула, эргиччи, төгүрүччү

Нууччалыы В обхват

«К» буукуба