ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холлоҕос

аат тыл

Нууччалыы бревно в стене хлева, юрты, которое одним концом вбивается в землю, другим верхним упирается наклонно в матицу

Ис хоһооно · 6
I

1 аат тыл #

Нууччалыы Бревно в стене хлева, юрты, которое одним концом вбивается в землю, другим верхним упирается наклонно в матицу

  • Иччитэх, өтөхсүйбүт балаҕан. Муннугунан биир холлоҕоһо аһаҕас, үрдэ биир сиринэн самныбыт.
    Күндэ
  • Балаҕан иһигэр киирбиппит, хатырыга саҥа сулламмыт буолан холлоҕоһо, үрдэ, чүмэчи курдук кылбайан көстөр.
    М. Доҕордуурап
  • Батас Мөндүкээн сытар оронунан тоҕус холлоҕоһу көтүрү анньан тахсан куотар. Саха сэһ. 197

Этиилэр

Балаҕан эбэтэр хотон эркинин биир маһа

өһүөҕэ сыһыары иҥнэри ууруллар мас, бэрэбинэ

2 аат тыл #

Дьиэ, тутуу көҥдөйө, сүрүн эркиннэрэ

Нууччалыы Остов, сруб, стены дома, строения. 1978 сыл сайыныгар диэри оскуола, киин хочуолунай холлоҕосторун бүтэрбиттэрэ

  • ДСИТ. Хас да мэндиэмэннээх сүүнэ улахан таас дьиэ холлоҕоһо турбута сүүрбэттэн тахса сыл буолла. "Кыым". Байдаарка мас холлоҕоһо сымалаламмыт парусинанан тардыллыбыт. ВПВ ИК

3 аат тыл #

холлороон диэн курдук. [Семён] ханна хайыһар да ньиэмэстэргэ кэтиллэн, төттөрү-таары аамайданан, илинин-арҕаатын да сүтэрэ быһыытыйан баран, икки олбуор ыккардынан холлоҕос баарынан уҥуоргу, арыый кытыы уулуссаҕа тахсыбыта. Софр. Данилов

4 аат тыл #

Сүөһү, кыыл холо, буута ойоҕосторун кытта түөрт аҥыы араарыллан эттэммит этин биир чиэппэрэ

Нууччалыы Четвёртая часть туши животного

  • Ити кыыллары эттээ, холлорун араартаан, түөрт холлоҕоһу биир да ойоҕоһун тыыппакка тоҕус хонук устата күн уотугар хатар
    Саха фольк

5 этии #

Нууччалыы Высокое, длинное пламя

Этиилэр

Уот холлоҕос

олус үрдүк, уһун төлөннөөх уот Скважинаҕа чугаһаан кэлэбит.

  • Сүүнэ улахан, сүүрбэттэн тахса миэтэрэлээх уот холлоҕос күүдэпчилэнэ турарын көрө түһэбит. НС ХСБС. Халлааҥҥа эмискэ уот холлоҕос уһулу ойон тахсар.
    ХС
  • "Катюша" снарядтара халлааны хайа солоон, уот холлоҕос буолан бараллара.
    ССС
II

6 аат тыл #

Кымыһы, тары кутарга аналлаах уһаат курдук улахан туос иһит

Нууччалыы Большая берестяная посуда в виде бочки для хранения кумыса, простокваши

  • Мин эдэр эрдэхпинэ лэппэс сабарай чабычах, саар ыаҕас, холлоҕос диэн туос иһиттэр бааллара.
    М. Доҕордуурап
  • Мин ону-маны өйдүүр буолуохпар диэри сорох дьон тары сайын холлоҕоско хаһааналлара
    А-ИМН ОЫЭБЫ

«Х» буукуба