ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чиэппэр

аат тыл

Нууччалыы одна из четырёх равных частей целого, четверть

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Туох эмэ түөрт тэҥ чааһыттан биирдэстэрэ

Нууччалыы Одна из четырёх равных частей целого, четверть

  • Күн балачча үөһэ ойуор диэри ходуһам чиэппэрин тэлэкэлээн кэбиспитим.
    И. Гоголев
  • Үөрэхтэн тэйбитэ үйэ чиэппэрэ буолуо ини.
    С. Федотов
  • Ынах чиэппэрэ улахан уолун аахха барыахтаах.
    В. Иванов
Өссө холобурдар (1)
  • Мин урукку сылдьар сырыыларбын чиэппэрин да кыайбат буолтум, сааһырбытым, кырдьыбытым
    Н. Абыйчанин

2 аат тыл #

Оскуолаҕа үөрэх дьыла түөрт гына араарыллыбытыттан биир чааһа

Нууччалыы Четвёртая часть учебного года, четверть

  • Михаил Иванович иккис чиэппэр түмүктэниэр диэри хааларга быһаарыммыта.
    Н. Лугинов
  • Бу чиэппэргэ иккини ыллаҕына – сайыҥҥы от биригээдэтигэр илдьибэттэр.
    Н. Габышев
  • Үһүс чиэппэр төһө да уһун, сылаалаах буоллар, бүтэрэ чугаһаан эрэр
    Т. Находкина

3 аат тыл #

Биир харыска тэҥнээх уста кээмэйэ

Нууччалыы Мера длины, равная расстоянию между кончиками большого и среднего пальцев широко раздвинутой кисти, четверть

  • Оччоҕо саха хотуура диэн биэс чиэппэр уһун биилээх, токур төбөлөөх, моҕойдоох, кылгас уктаах сэп буолар үһү.
    Саха фольк
  • [Тубархаанап:] Төһө да чиэппэр хаар саба түспүтүн иһин, ол эн богдо уллуҥаҕыҥ суолун -- мин билиэм суоҕа үһү дуо, баранаак?
    Суорун Омоллоон
  • [Өкүлүүнэ:] Биир үс чиэппэр иэннээх солко куһаат, биир солко пуойас
    Н. Түгүнүүрэп

4 этии #

Нууччалыы Вино, в количестве одной четвёртой части ведра, четверть вина (примерно три литра)

  • Чиэппэр арыгы эргэр. – биэдэрэ арыгы түөрт гыммыт биирэ (үс лиитирэ кэриҥэ) Чэ, убаай, иһиттиҥ дуо, кыт аат. Кыайдахпытына убайбар биир чиэппэр арыгыны туруоруом.
    Далан
  • Ээй, Сиидэркээ… Кэл, түөкүн, тупсуох, чиэппэр арыгыны туруорабын.
    Н. Павлов
  • Көрдүҥ дуо, икки буулдьа биир үүккэ. Итэҕэйбэккин? Чэ, чиэппэр арыгыга сакалааттаһыах уонна баран көрүөх.
    Л. Габышев
Өссө холобурдар (12)
  • Чиэппэр кумааҕы эргэр. – лиис кумааҕы түөрт гыммыт биирэ. Θ Четверть листа бумаги. Суруксут чиэппэр кумааҕыга суруллубут суругу ааҕар.
    А. Софронов
  • Хаамыра күлүүһүн тыаһа хачыгыраатын кытта, чиэппэр кумааҕы тутуурдаах надзиратель -- түрмэ начаалынньыгын кытта көтөн түстүлэр.
    И. Никифоров
  • Дорооболоһон баран, чиэппэр кумааҕыны биэрдэ.
    М. Доҕордуурап
  • Чиэппэр күүстээх эргэр. – олус, сөҕүмэр күүстээх (былыргы кэпсээннэргэ этиллэринэн, маннык күүстээх киһи сүүрбэ биэс бууту, билиҥҥинэн түөрт сүүс киилэттэн тахсаны көтөҕөр-сүгэр эбит). Θ Необычайно сильный (по рассказам, в старину человек такой силы поднимал тяжесть в двадцать пять пудов – больше четырёхсот кг). Барыларын баһыйбыт, тэҥнээх көстүбэккэ соҕотоҕун тэлэкэчийбит Сыллай Луха Бэһиэлэйэп чиэппэр күүстээх киһи.
    Амма Аччыгыйа
  • – Ити үлүгэрдээх үөл тиит сэргэ сүүрбэ биэс буут баҕас баара эрэл. – Ол аата, Сэмэммит, былыргы мээрэйинэн, чиэппэр күүстээх буоларыгар тиийэр, ээ?
    Э. Соколов
  • Үөрэҕэ суох уонна дьадаҥы, аҥалатыҥы Кэлэҕэй Ньукуус чиэппэр күүстээх эбитэ диэн буолар.
    ХС
  • Чиэппэр сир эргэр. – биир күрүө ходуһа сир түөрт гыммыт биирэ (ортотунан сэттэ уон биэс – сүүс бугул кэлэр сирэ). Θ Надельный пай покосных угодий, равный одной четвертой күрүө, который давал семьдесят пять – сто копен сена. Кыра Уйбаан, Эрдэлиир Миитэрэй курдук ааттаах охсооччулардаах буоланнар, сир үс чиэппэрин "дэбиэринэйдэр" охсон килэһитэн кэбистилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • [Ньукуус:] Ээ, үс чиэппэр сирдээхпит үүммэккэ дьэ иэдэттэ.
    Эрилик Эристиин
  • Аҕыс уон икки ыал оһумуой, чиэппэр сиринэн эрэ туһаналлар.
    М. Доҕордуурап
  • Чиэппэр чэй эргэр. – былыргы билииккэ чэй түөрт гыммыт биирэ. Θ Четверть плиточного чая. Хоноһо чиэппэр чэйи сулбу тардан таһааран дьиэлээх дьахтарга туттаран кэбистэ.
    Болот Боотур
  • Ити атыыһыт биһиэхэ үлэбит иһин биирдии чиэппэр чэйи, биирдии баайыы сэбирдэх табаҕы биэриэх буолбута.
    С. Никифоров
  • Миигин биир чиэппэр чэйинэн, биир киилэ арыынан бириэмийэлээтилэр. Ф. Софронов

«Ч» буукуба