ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

утаһын

аат тыл

Нууччалыы волоконце нитки, одна нить ссученного в несколько ниток шнурка, сухожилие

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Сап, быа, иҥиир биир синньигэс утаҕа, салаата

Нууччалыы Волоконце нитки, одна нить ссученного в несколько ниток шнурка, сухожилие

  • Быа үгүс утаһына быһа ыстанан хаалта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Утаһыннары синньигэс уһуктарын холбуу имэрийэн эрийдэххэ утах тахсан кэлэр, икки утаҕы холбуу хатахха ситим буолар. ГПП Т
    О. Кычым
  • Бу аата үрүҥ түүнү, кылы сыыйан баран, олус синньигэс гына сыыйыллыбыт иҥиир утаһынынан баттата тигии, ойуу дьураатын батыһа ис өттүн хараҥа гына өҥнүүллэр эбэтэр бу кыым курдук өҥнөөх сабынан толороллор. НБФ-МУу СОБ. Хам-түм нэһилиэктэргэ сылдьан көрдөххө, хаппыт тирбэҕэ, сэбэһэ утаһына, бирээдьинэ төрдүгэһэ, салҕааһыннаах өтүү, муоһа, көнтөс сир ахсын элбэх буолар
    ХС

2 аат тыл #

Кыл курдук синньигэс туох эмэ

Нууччалыы Что-либо тонкое, похожее на конский волос

  • Бу сылдьан -- боруобаттарга утаһыннары арааран хам баайары көрөн билэр, олору бэйэтэ оҥорорго үөрэнэр.
    ХС
  • Хойуу баттаҕын утаһыннара сүүһүгэр саба түспүттэр. "Кыым". Эн миэхэ бытыккыттан үс утаһынна аҕал. ҮҮА. Баттаҕар үрүҥ утаһыннар көстөр буолбуттар. В. Арсеньев (тылб.)

3 аат тыл #

биол. Үүнээйи уһун синньигэс утаҕа

Нууччалыы Волокно (растения). [Бохсурҕана] сэбирдэхтэрэ утаһыннардаах бөҕө тымырдардаах

  • СМН АҮө. Хаппыыста мас сэбирдэхтэриттэн кумааҕы оҥороллор, утаһыныттан быа уонна ханаат хаталлар. КВА МГ

4 этии #

Этиилэр

Сото утаһына

сото утаҕа диэн курдук (көр утах II).

  • Маска кыбыппыт атаҕыҥ сототун утаһына тостубут быһыылаах диэн, травпуҥҥа илдьэн гипсэлээбиттэрэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Хары утаһына - хары утаҕа диэн курдук (көр утах II). Харыларын утаһынын үүттээн быаҕа тиһэн, сынньан, тыыннаахтыы ииҥҥэ симэн өлөртөөбүттэрэ. А. Бэрияк

«У» буукуба