ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мотуок

аат тыл

Нууччалыы катушка ниток, моток. [Гудини] -- болҕомтолоохтук кэтээн көрө турбут киһи сонун иһиттэн мотуок быаны таһаарбыта уонна бөҕүөрбүт тарбахтарынан быа уһугун муоста эрэһээҥкитигэр баайа сатаабыта

I

1 аат тыл #

Тэҥник чиҥ буола ыга эриллибит сап, быа

Нууччалыы Катушка ниток, моток. [Гудини] -- болҕомтолоохтук кэтээн көрө турбут киһи сонун иһиттэн мотуок быаны таһаарбыта уонна бөҕүөрбүт тарбахтарынан быа уһугун муоста эрэһээҥкитигэр баайа сатаабыта

  • ДьДьДь. Бэрт эрэйинэн мотуок төлөпүөн боруобатын булбуттара.
    ХС
  • Чаас кэриҥэ буолбата, уол -- бирээдьинэ мотуогун аҕалла. Н. Тарабукин (тылб.)

2 этии #

Нууччалыы Поэтическое сравнение лиственницы с мотком шелковой нити (в период ее пышного расцвета)

  • Мотуок солко мутукча поэз. - тиит мас сайын үгэнигэр мутукчата ситэн, чэлгийэ көҕөрөн турарын мотуоктаммыт солко сапка холоон этии Мотуок солко мутукчалаах Тумул тыабыт Долгуйбахтаан нусхал-күөгэл нуоҕалдьыйда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Булгунньах хоту кырыытынан хойуу мутукчалаах, суон лабаалардаах соҕотох аар тиит -- мотуок солко мутукчатын салгын хоту далбаатана хамсыы турар.
    А. Бэрияк
  • Кэҕэ тоҕус төгүл этэн чоргуйар, - эн иннигэр эмискэччи күөх ойуур суугунуу түһэргэ, мотуок солко мутукча нуоҕайа-долгуйа турарга -- дылы. "ХС"
II

3 аат тыл #

Сири-дойдуну киэҥник хабан ылар улахан халаан уута (үксүгэр үрэх, өрүс хаатыттан тахсара)

Нууччалыы Паводок, потоп

  • Ол дьыл биһиги үрэхпитигэр сир-халлаан сиҥнэр мотуога буолта.
    Н. Апросимов
  • Бу дойду улуу мотуокка ылларан, урукку Сата сэлиэнньэтиттэн Ынахсыкка диэри -- Уйбаан тыынан эрдэн тахсыбыттаах. "Кыым". Мотуок -- сири-дойдуну бүтүннүү тимирдэн, илин мыраантан арҕаа мырааҥҥа дылы билгиһийэр уу.
    ХС
  • Русск. поток, потоп

«М» буукуба