ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баайыы

аат, даҕааһын

Нууччалыы материал, которым завязывают больное место, рану (напр., кусок ткани); повязка

Ис хоһооно · 8

1 аат #

Ыалдьар сири, бааһы саба кэлгийэргэ аналлаах туох эмэ (хол., таҥас кырадаһына)

Нууччалыы Материал, которым завязывают больное место, рану (напр., кусок ткани); повязка

  • 1. баай I диэнтэн хай. аата. Кэпсэтииттэн сүбэ ордук, баайыыттан туомтуу ордук (өс хоһ.). Өҕүллүбэт өһүөнү уурдулар, Туллубат тулууру туруордулар, Кэхтибэт кэлгиэни кэлгийдилэр, Барбат баайыыны баайдылар.
    С. Зверев
  • Сүөһүнү баайыыны өссө судургу оҥоруохха, бу үлэ олус бириэмэни ылбатын ситиһиэххэ. “Кыым”
  • Онтон киһи илиитигэр сыстаҥныы сылдьар ыарахан баайыыны Попов төбөтүттэн арааран ылаат, дьоҥҥо көрдөрөр быһыынан тэниччи тардан кэбистэ
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Айаан дэҥҥэ Аайаны көрөр, дьахтар сирэйин үрүҥ баайыы былаатынан тууна баанар, хара харахтара эрэ чоҕулуһаллар
    Н. Габышев

2 аат #

Туох эмэ тутуу холбонор бэлиэ сирэ (хол., дьиэ холлоҕоһо)

Нууччалыы Определенные места, соединяющие каркас какого-л. строительства (напр., сруб дома)

  • Бу айдаан, алдьархай ааҥнаабатаҕа буоллар, оскуоланы билигин түннүгүн баайыытыгар тардыбыт буолуо этилэр.
    Болот Боотур
  • Түннүгүн аллараа баайыытыгар чугаһаан эрэр дьиэ иһинэн-таһынан мас суора сылдьар дьон саҥата-иҥэтэ суох мунньустуталаан барбыттара.
    В. Яковлев
  • Хотон үрүт баайыытын уһаты сыыйыытын үстүү хос гынабыт. Ити хотон үрдүн наһаа бөҕөргөтөр эбит
    Кыым

3 аат #

Тугу эмэни өрүү, хатыы

Нууччалыы Вязание, плетение чего-л

  • Итии таҥаһы баайыы. Мунду туутун баайыы. Илими баайыы. Муҥханы баайыы

4 аат #

поэт. Туохха эмэ тэҥнээн туттуу

Нууччалыы Сравнительное употребление с чем-л

  • Көрөн олордоххо [табах буруота] хас түгэн аайы уларыйан, имиллэҥнии эриллэн сөллүбэт баайыы буола ыйыллар уонна онтон сыыйа симэлийэ сүтэн хаалар
    Н. Лугинов

5 аат #

Туох эмэ мээрэйэ, кээмэйэ (хол., сэбирдэх табах)

Нууччалыы Мера, размер чего-л. (напр., связка листового табака)

  • Биир бааһынай оҕонньор кэлэн сүбэлээтэ. "Эн бурдук отун салҕааттаан баран, ол устун таҥнары дьурулаан түс", - диэн. Инньэ диэн баран биир баайыы бурдук отун биэрдэ.
    Саха фольк
  • Оҕонньоро [Хабырыыс оҕонньор] куорат атыыһытыттан таһаарбыт биир баайыы сэбирдэх табаҕа баранан эрэр.
    И. Гоголев
  • Остуолга обургу ыга эриллибит хара сукунаны, икки "Дорообо" чэйи, хас да баайыы сэбирдэх табаҕы, куһуок саахары уурталаатылар
    В. Егоров

6 даҕааһын #

суолт. Саптан өрүллүбүт өрүү

Нууччалыы Связанный из ниток, вязаный

7 этии #

Нууччалыы Кто-что-л., занимающее среднюю неплохую репутацию (напр., в общественном мнении)

  • Орто баайыы - орто ахсааҥҥа сылдьар ким-туох эмэ Үлэбит чааһынан эттэххэ, оройуоҥҥа орто баайыыга сылдьабыт. “Кыым”. Киһи эбэтэр тугу да билбэт, эбэтэр барытын билэр, сатыыр буолара сөп эбит. Орто баайыы киһи туохха нааданый.
    А. Сыромятникова
  • Матаар аҕатын ууһа сурукка кытта киирбит. Онтон көстөрүнэн, кини орто баайыыга киирсэр аҕа ууһа эбит. Багдарыын Сүлбэ. Харах баайыыта - тугу эмэни куолутугар эрэ оҥорон баран, барыта үчүгэй курдук тупсаран көрдөрүү. Θ Преднамеренное приукрашивание чего-л., очковтирательство. Туһалыылларын ааһан, сорох түбэлтэҕэ буортулууллара, үтүө дьыаланы куолутугар айдаарыыга, хараҕы баайыыга кубулуталлара буолуо дии саныыбын. Софр. Данилов. Бандьыыттар суут-сокуон сиэрин тутустахпыт аатыран, харах баайыытыгар да буоллар, бэркэ силигин ситэри [Уулаах Уйбааны] доппуруостууллар. ФЕВ УТУ. Саҥаны, үчүгэйи оҥорор оннугар, эргэни-хаарбаҕы бөрөөн күлүгүрдэн, хараҕы баайыыттан аккаастаныахха наада. “ХС”

8 этии #

Ат баайыыта - босхо сылдьыбыт сылгыны кыратык аһатан (эбэтэр хас да хонукка аһаппакка) көлүүргэ эбэтэр сүүрдэргэ анаан хатарыы Ат баайыытыттан диэн мээнэҕэ эппэттэр. “Кыым”. Туомтуу баайыы - быа аҥаар уһугуттан тартахха сөллөн кэлэр гына солбуйа тардан баайыы. Завязывание (якутским) распускным узлом. Муҥунан көтүтэн иһэр атын эмискэ эргилиннэри тардан, сиргэ тура түһээт, [Микиитэ] саха аатырбыт туомтуу баайыытынан солбуйа тарда охсон кэбиһэр буолла. Сөллүө, ахсыа суоҕа туомтуу баайыы! Амма Аччыгыйа

Нууччалыы Выдерживание коня с нагула перед долгой дорогой (или вообще перед ездой), давая ему определенное количество корма или держа его (иногда несколько суток) без корма

«Б» буукуба