ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бааһыр

туохтуур

Нууччалыы получить рану, небольшое повреждение, пораниться

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

ан эмэ дьиэгир, баастан (тыынар тыыннаах этин туһунан)

Нууччалыы Получить рану, небольшое повреждение, пораниться (о теле одушевленных существ)

  • Сергей төһө эмэ өр буулдьаҕа таарыттарбакка сылдьан баран, бу күннэргэ аан бастаан бааһырбыта. Софр. Данилов. Чугаһынан биир биэлсэр эмчиттээх бүтэҥи сиргэ фашист диверсаннарын тутарга кыһыл хамандыыр ыараханнык бааһырар.
    Амма Аччыгыйа
  • Эһэ бааһыран баран өлөр эрэ буоллаҕына ойуурга куотааччы
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Кыратык дьукку бар, алдьан (хол., үүнэн турар мас тас өттө)

Нууччалыы Быть немного поврежденным, испорченным (напр., верхний слой поверхности деревьев)

  • Массыынаҕа тиэллибит дьиэ тэрилэ бачча уһун айаҥҥа ханан да бааһыран көрбөтөх.
  • Хорулаҕа суолу оҥостуу олус күчүмэҕэй: сир кыратык бааһырда даҕаны сиҥнибитинэн барар. “
    Кыым

3 туохтуур #

Санаа баттыгаһа оҥостон эрэйдэн (хол., дьон тылыттан)

Нууччалыы Внутренне переживать, страдать (напр., от злого языка людей)

  • Тимиртэн баас ылыаҥ - Түргэнник ол оһуоҕа, Оттон тылтан бааһырыаҥ - Үйэҥ тухары сордуоҕа. БИ СТ. Бу алдьархайдаах сэриигэ төһөлөөх маннык бэйэлээхтэр эчэйэн төнүннүлэр, төһөлөөх элбэх киһи дууһата бааһырда
    Н. Заболоцкай

4 этии #

Буор бааһырдардаах - ынах сүөһү баайдаах киһи Оттон Тэрэнтэй бэйэтэ билигин үс сүүс биэс уонча буор бааһырдардаах. Болот Боотур

Нууччалыы Человек, богатый рогатым скотом

«Б» буукуба