Перевод с якутского
утах
аат тыл
Нууччалыы желание, потребность пить, жажда
English thirst
Ис хоһооно · 10
1 аат тыл #
Ууну, убаҕаһы иһэргэ баҕарыы, утатыы
Нууччалыы Желание, потребность пить, жажда
Күрбэ аннынан ып-ыраас уу кылыгырыы сытарыгар түһэн сирэйин суунар, икки ытыһынан сомсон ылан утаҕын ханнарар. Н. Якутскай Сүөгэйдээх чэйинэн утаҕы ханнаран Биһиги куоракка киирбиппит. Эллэй. [Маайыс:] Утаххар чэй да иһэн барыа эбиккин. С. Ефремов Мантан утаххар ис уута! - Чобуотук чаҕаарар, кэпсиир Баал Хабырыыс
2 аат тыл #
Утаттахха иһэр убаҕас
Нууччалыы Жикость для питья, напиток, питьё
Остуолга ууруллубат утах баар үһү (тааб.: эмиий үүтэ). [Хобороонньо] Көхсө-быара ыгыллан, Көлөһүнэ сарт түһэн, Умайара бэрдиттэн Утах көрдүүр субу-субу. Күннүк Уурастыырап Кымыс айыылартан айдарыылаах дьиҥ айылҕа оҕотун ис эйгэтиттэн кэлэр бастыҥ -- утахпыт буолар. КДьА. Сахаҕа биир сөбүлэппит утаҕынан бутугас буолар ТИИ ЭОСА
3 этии #
Нууччалыы Спиртное (спирт, водка, коньяк и т. д.). [Луодур] Арыт түүҥҥэ куоракка Көҥүл-күүлэй сылдьыахтаах, Уочаракка турбакка Уоттаах утах ылыахтаах
Аһыы утах - аһыы уу диэн курдук (көр аһыы III). Константин Афанасьевич -- аһыы утаҕы уймахтаабыт ахан киһи. ИИА КК. Уоттаах утах поэт. - кытаанах, уохтаах арыгы (хол., испиир, буокка, ханньаах – букв. огненный напиток) Күннүк Уурастыырап Тыҥ хатыыта миигин атааран, Атыттардыы алгыс алгыы, Кууба уоттаах утаҕынан Толоорто тиһэх бакаалын. С. Данилов Улдьааһыннар - уус тыллаахтар, Уоттаах утах буларга Уон араас албастаахтар, Уруумсахтар, атаһымсахтар. П. Тобуруокап
4 аат тыл #
Быччыҥ, силгэ сыыйыллаҕас биир иҥиирэ, иҥиир сап
Нууччалыы Жгутик из сухожилий, сухожильная нить
Иҥиир сап утахтара, сылаас ууга илийэн, бүлүүһэ түгэҕэр тимирэллэр. Н. Якутскай Саҥа тыырыллыбыт мастар тоҥмут иҥиир утахтарын курдук дьаарыстаммыттар. А. Федоров Нууччалар мындыр дьоннор, оҕус тириитин иҥиир утаҕын саҕа синньигэстик тэлбиттэр, киэҥ кээмэйдээх сири төгүрүччү тардан иилээн кэбиспиттэр. Н. Абыйчанин
Өссө холобурдар (1)
Эмиэ бу курдук бөрө тардан иҥиирин биир утаҕын быһа кэрбэппит таба оннооҕор кыһын үтүөрэн турар. ДФС КК
5 аат тыл #
Хатан оҥоһуллубут туох эмэ (хол., быа) өһүллэр салаата
Нууччалыы Раскручивающаяся ветвь чего-либо крученого (напр., верёвки)
Тутан турар үс утахтаах кымньыытын кыймаҥнаппахтаата. Н. Заболоцкай Көлөппүнэ бөҕөтүн өрүллүбүт утаҕы быһа тардан көрөн быһаарыллар. ХКА. Утахтара быстыбыт торуоһунан үлэлиир бобуллар. ОҮМ. Имтеургиҥҥа кыйахаламмыт эһэ төбөтүн, Кутувьяҕа үп-үрүҥ ниэрпэ тириититтэн түөрт утах гына хатыллыбыт сабыс-саҥа маамыктаны -- биэртэлээтэ. Тэки Одулок (тылб.) Туох эмэ салаата. Θ Ветвь, рукав чего-л. Сыпсы оҥороллоругар икки утаҕы тус-туһунан оҥорон баран, сиэтэн холбууллара. МАП ЧУу. Сахалар үс сүдү утахтан - монголоиднай, түүрүскэй, европеиднай утахтан силис-мутук тардан төрүттэммит омук буолан тахсар. ВУА БС
6 аат тыл #
Сылгы сиэлин, кутуругун эбэтэр киһи баттаҕын биир устууката
Нууччалыы Конский волос (хвоста и гривы), а также человеческий волос
Хамыйахтаах да аспытын Хаалларыахпыт суоҕа, Утах да сиэли Ордоруохпут суоҕа. С. Зверев Төбөтүн умса туттан кэбистэ, онуоха көп баттаҕын иһиттэн онон-манан үрүҥ синньигэс утахтар сыыйыллан көһүннүлэр. А. Федоров Нюта кыыс баттаҕын кылаппачыгас утахтара көстөн аастылар. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Аҥаар өттүгэр кэлтэччи тарааммыт баттаҕар, ооҕуй оҕус ситимин курдук, маҥан утахтар сыыйыллан көстөллөр М. Попов
7 аат тыл #
Сардаҥа (хол., күн уотун) саккырас сарпахтара
Нууччалыы Лучи, искры, идущие от сильного источника света (напр., от солнца)
Күн көмүс утаҕа сакыыраан Сүрэхпэр төлөнү күөдьүтэр. Ол төлөн, кымньыынан сырдырҕаан Сир-халлаан киэлитин күндээрдэр. М. Ефимов Ый былыт уҥуор сынан тахсан, Ыһан кээстэ үрүҥ көмүс утахтарын. Л. Попов Сааскы күннэр, окко-маска көмүс утаҕы хатан, киирэн-тахсан истилэр. С. Федотов
Өссө холобурдар (3)
Сайын ааста, тымныы буолла, Күһүҥҥү түүҥҥү тыал үрдэ, Үрүҥ көмүс ый уота Утахтарын түһэрдэ СЫС Салгыҥҥа субуллан тахсар синньигэс туох эмэ. Θ Устремляющийся в атмосферу узкий поток пара, жидкости, газа. Сылабаартан икки утах итии паар өрө дьурулаан таҕыста. Амма Аччыгыйа Табах буруотун курдук чап-чараас утах түһэр ПНИ АДХ
8 аат тыл #
Туох эмэ (хол., санаа) быстыбат ситимэ
Нууччалыы То, что связно развивается, образуя как бы единую логическую линию, нить чего-л. (напр., мыслей)
Үөрбүт. Үөрдүн. Кыайыы амтанын биллин. Ити үөрүү кыайыыга дьулуур биир сүрүн утаҕа.
Н. ЛугиновХайа-хайабыт санаатын утаҕын быһымаары, бу дьикти нууралы уйгуурдумаары, кини дьиэтигэр диэри тугу да кэпсэппэтэхпит. П. Чуукаар Саха сирин бүгүҥҥү поэзията -- киһи ис иэйиитин, хардарыта сыһыанын уустук утахтарын таарыйар. Умнуллубат к. Эмискэ сыарҕа тохтуу түстэ. Гриша төбөтүнэн түөспэр анньылынна, санаам утаҕа быһа ыстанна ХС
9 аат тыл #
Киһи олоҕун, дууһатын, уйулҕатын ханнык эмэ сүүрээнэ
Нууччалыы Какой-л. участок-ветвь жизни, души, настроения, переживаний человека
Биһиги даҕаны дьол утаҕын амсайан бараммыт, бэйэбит көмүс көҥүлбүтүн сатаан көмүскэһиэхпит, иккистээн ииҥҥэ киириэхпит, кулут буолуохпут суоҕа!
Суорун ОмоллоонБили Ойуурап этэринии, уйулҕатын утаҕын бүтүннүүтүн ытыһыгар хам туттаҕына эрэ табыллар кэмэ этэ. Софр. Данилов. Мин кинилиин эрэ дууһам саамай нарын-намчы утахтарын бэрийэн кэпсэтээччи этим Н. Абыйчанин
10 этии #
Нууччалыы Склеренхима
Мас утаҕа биол. - үүнээйи халыҥ таастаах мастыйбыт килиэткэлэртэн турар утаһына Тыы тумсугар синньигэс мас утахтарыттан өрөн оҥоһуллубут тордох дьардьаматыгар маарынныыр быһыылаах икки булт тэрилэ ууруллубут этэ. Далан Деловой маһы, мас утахтары уонна мас устурууһун билиитэлэрин оҥоруу улаатыннарыллыаҕа. "Кыым". Сото утаҕа - сото икки (улахан уонна кыра) уҥуохтарыттан кырата (синньигэһэ). Θ Малая берцовая кость. Бастакы бааһырдыыларыгар сототун утаҕын иһинэн түһэрбиттэр. С. Васильев Хары утаҕа - киһи харытын уҥуоҕун синньигэс салаата. Θ Лучевая кость. Харытын утаҕа тостубут. ù Ол-бу диэки эргэс-дьэргэс көрө турдаҕына - отут сэттэ бухатыыры ооҕуй ситимин курдук хара дьүһүннээх быаҕа харыларын утаҕыттан тобулута үүттээн баран онтон тиһэн кэбиспит аайы бухатыырдара кэчигирэһэн тураллар үһү. Ньургун Боотур. Инники лабаалар дьардьамалара маннык уҥуохтардаах: окумал уҥуоҕа, хары икки уҥуоҕа (хары утаҕа, хары уҥуоҕа), бэгэччэк, харчы уҥуохтар, илин сото уҥуоҕа, бэрбээкэйдэр. СИиТ. Биир тапталлааҕын бэйэтин арҕаҕар илдьэн, харытын утахтарын икки ардынан үүттээн, онно быа уган, баайан олорбута дииллэр. В. Короленко (тылб.)