Перевод с якутского
күөрчэх
аат тыл
Нууччалыы взбитые мутовкой сливки, керчэх (якутское национальное блюдо). [Маайа] кыра мас кытыйаҕа күөрчэх ытыйда, лэппиэскэтин аҕалла
English drink made with milk, honey, and spice
1 аат тыл #
Чөчөгөйү анал ытыгынан ытыйан хойуннарыллыбыт үрүҥ ас
Нууччалыы Взбитые мутовкой сливки, керчэх (якутское национальное блюдо). [Маайа] кыра мас кытыйаҕа күөрчэх ытыйда, лэппиэскэтин аҕалла
Дьахтар хоско киирэн таҥаһын уларытынна, суунна-тараанна, онтон күөрчэх ытыйар тыаһа талыгыраата. П. Аввакумов Ыраас, тымныы иһиккэ ортотун быдан аннынан буолар курдук тымныы чөчөгөйү эбэтэр сүөгэйи куталлар уонна саахар эбэллэр, күөрчэх буолан тахсыар диэри ытыйаллар ФВН ЭХК
2 аат тыл #
Күөрчэх ытыйар мас оҥоһук, күөрчэх ытыга
Нууччалыы Мутовка для взбивания сливок
Сарсыарда дагда ытыйар күөрчэх тыаһын иһиттэр эрэ Бааска утуктаабыт уута көтөрө. Далан Ср. хак. көрчик 'войлочное веретено для образования сладкой пены в сваренном молоке'
3 этии #
Күөрчэх ойуун - ортотунан үүттээн кииҥҥэ олордуллубут угунан эргитиллэр төгүрүк хаптаһын оонньуур Эһэ күөрчэх ойуун курдук өрө ытылла олорор, ытарга букатын сыала суох үһү. Далан. Күлтэччи кырыллыбыт төгүрүк төбөлөөх уолчаан, тимири уһанар сыах буруотун, төлөнүн быыһынан күөрчэх ойуун курдук эргичийэр, бииртэн биир оробуочайга тэбинэр. ӨӨККҮ.
Нууччалыы Якутская деревянная игрушка в виде круга на вращающейся оси
Этиилэр
Күөрчэх ытыга көр күөрчэх 2
Сааны тоһоҕо курдугунан иитэн биэрэр уонна диискэни күөрчэх ытыгын курдук күүскэ эргитэ тардар. Н. Якутскай [Кыыча] хас улаханнык хамсаатаҕын аайы хоһун иһэ күөрчэх ытыгыныы кулахачыйан ылар. С. Данилов