Перевод с якутского
мүөт
аат тыл
Нууччалыы мед.
English honey
1 аат тыл #
Хойуутуҥу сыыйыллаҕас минньигэс ас (сибэкки симэһиниттэн хомуйан ыҥырыа оҥорбута)
Нууччалыы Мед. Мүөтү мунньар ыҥырыа Лоҥкуначчы туойда. Эллэй. Охсуллубут от сыта минньигэс мүөт сытынан аҥылыйар. Эрилик Эристиин. Ол аата, эн тойон ыҥырыа курдук мүөккүн мөлүйүөн сибэккиттэн хомуйаҕын? Н. Лугинов
2 аат тыл #
Туох эмэ саамай үчүгэйэ, сүмэтэ
Нууччалыы Сладость, удовольствие, наслаждение, смак
Лаврентий Николаевич дьэ олох мүөтүн амсайан испитэ, өйө-санаата дьэ күүһүрбүтэ. Н. Габышев Салгынын чэбдигэ диибин диэн. Туох эрэ минньигэс мүөтү уулаан эрэриҥ курдук. Н. Заболоцкай Булчут киһи булду сонордооһуҥҥа олоҕун барыыр, поэт киһи - ырыа ымыытын сойуотугар, тыл мүөтүн эккирэтиитигэр. Доҕордоһуу т