ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мүнүүтэ

аат тыл

Нууччалыы минута.

English minute

1 аат тыл #

Алта уон сөкүүндэ усталаах бириэмэ кээмэйэ

Нууччалыы Минута. Истиэнэҕэ ыйанан турар чаһытын көөртө уон буолара баара-суоҕа биэс мүнүүтэ хаалбыт этэ. Суорун Омоллоон. Сөкүүндэттэн мүнүүтэ, Мүнүүтэттэн чаас туолар, Чаастан хонук бүтүүтэ Ыйдар, онтон сыл буолар. П. Тобуруокап. Аҕыс чаас буолуо аҕыйах мүнүүтэ хаалбытын кэннэ уончата уһугуннаттаран Миша айалаан-дьойолоон түөһүллэн турар. Н. Лугинов

2 аат тыл #

Кэм кылгас түгэнэ

Нууччалыы Короткий отрезок времени, момент, миг

  • Бу мүччүргэннээх мүнүүтэҕэ саамай наадалаах суол умнуллан эрэрин өйдөөбүт киһи курдук, Александр Попов соһуччу ньиргийэ түспүтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Туйааран куйаас да күн этэ: Халлааҥҥа кураан күөх былыта... Бу бүгүн ол күндү мүнүүтэ Тыыннаах ахтыыта ыллаата.
    С. Данилов
  • Бу мүнүүтэлэр Өлөксөйгө ордук кэрэ, олус долгутуулаах буоллулар
    В. Протодьяконов

«М» буукуба