ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тоорохой

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы маленький кусочек чего-л

1 аат тыл #

Кыракый куһуоччук, туох эмэ бытархайа

Нууччалыы Маленький кусочек чего-л

  • Бу суос-соҕотох тоорохой [күөх таҥас куһуогун] сыанатын быһаара сатаабыта.
    Н. Якутскай
  • Булбут били тоорохойбутун, эйэнэн аҥаардаһан сиэбит эбиппит буоллар.
    К. Туйаарыскай
  • "Өссө саахардаах!" - диэн кини саҥа аллайбыта, ыстакаан түгэҕэр төкүнүһэр быыкайкаан маҥан тоорохойдор ууллан эрэллэрин көрөн.
    ТВ

2 аат тыл #

Сорох кыыл, сүөһү (хол., сылгы, таба) эбэтэр кыра оҕо хойуута (үксүн хаппыт буоллаҕына)

Нууччалыы Помёт некоторых животных (напр., лошадей, оленей) или детский кал (обычно при запорах). [Күһэҥэй чабырҕахтыыр:] Кыраттан Кылгас ыал Топпотох оҕотун Тоорохойун көрбүтүм

  • Уол бу дьон өлбүттэрин-тыынаахтарын билээри, сылгы тоҥ тоорохойун ылан быраҕар.
    Н. Якутскай
  • Үрүҥ таба тоорохойо дьиэ табатын киэниттэн быдан кыра
    Я. Семёнов
  • Онуоха тоорохой арыыбыт, кырбас эппит суох.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Биир буорсуйаҕа үс-түөрт тоорохой эт түбэһэр. Дьиэ к. Биһиэхэ биир тоорохой лэппиэскэ күндүттэн күндү буолара. "Кыым". Ср. бур. тоорхой ʻсоринкаʼ

3 даҕааһын #

суолт. Кыра гына кырбаммыт, кыра кээмэйдээх

Нууччалыы Нарезанный на мелкие кусочки; мелкий. [Огдоос] Таҥарабыт бу ыган кэллэ

«Т» буукуба