Перевод с якутского
кулуһун
аат тыл
Нууччалыы камыш озерный
1 аат тыл #
Күөл кытыытыгар үүнэр, лабаата сэбирдэҕэ, сүһүөҕэ суох көнө дьылыгырас төгүрүк умнастаах от
Нууччалыы Камыш озерный
Кулуһун - күөл ото. Үкэрдэр аймахтарыгар киирсэр. Сэбирдэҕэ суох уһун умнастаах. Төбөтүгэр сиппиирдиҥи чачархай сибэккилээх. АНК ТСТЗС. Өскөтө күөл кытыыта чычаас буоллаҕына, кытыытыттан хомус, кулуһун, кылыс, манчаары уо. д. а. улам үтэн киирэн иһэллэр. КВА Б. Ср п. -монг. хулусун 'камыш, тростник'
2 аат тыл #
Сиргэ оттуллубут уот, отуу уота
Нууччалыы Костер (у шалаша, полевого стана)
Күөлтэн чугас, булгунньах тэллэҕэр кулуһуну күөдьүччү оттон, үтэһэҕэ бөдөҥ мундуну үөлэн, чэй өрүнэн аһаары олорбуппут. Н. Габышев Киирэр күнүм, кыыһа оонньоон, Былыттары уматар, Кулуһуҥҥа мас оллоон Чаанньык "тутан" оргутар. У. Нуолур Ср. эвенк. гулувуун 'костер'
3 аат тыл #
Ойуун таҥаһын көхсүэр уһун синньигэс тимир кыаһаан көрүҥэ
Нууччалыы Продолговатые кусочки листового железа, которыми густо усажена одежда шаманов и которые при каждом движении издают звук