ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тооромос

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы маленький ломтик чего-л., кусочек, отбитый от чего-л., кусочек, осколок

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Туох эмэ кыра куһуоччуга, тоһоҕоһо, тобоҕо

Нууччалыы Маленький ломтик чего-л., кусочек, отбитый от чего-л., кусочек, осколок

  • Киэһэ чэйгэ тойоно быыкаайык лэппиэскэ тооромоһун тосту тутан биэрдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Остуол үрдүгэр чүмэчи тооромоһо хаалбыт.
    Р. Кулаковскай
  • Сэбирдэх табаах тооромоһун уокка бырахта
    И. Семёнов

2 аат тыл #

Сорох кыыл, сүөһү (хол., сылгы, таба, куобах) бытарыйан арахса сылдьар хойуута, сааҕа

Нууччалыы Помёт некоторых животных (напр., лошади, оленя, зайца)

  • Хастаммыт хаартан буллубут Таба хара тооромоһун.
    С. Данилов
  • [Кыргыттар] сылгы тоҥ тооромоһунан тамнааттаан ылаллар.
    С. Федотов
  • Хабырыыс хамсатыгар куобах тооромоһо булкаастаах табаах уурунан, сыпсынан чох ылан уматтыбыта
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Саха ост. I. Тойон убай киһиэхэ Толору тооромос арыылаах Тойон айах маспын туттаран кэбистилэр.
    С. Зверев
  • Тооромос лэппиэскэ аҕалан уураллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Ср. алт. тоормош ʻбревноʼ

3 аат тыл #

Туох эмэ кыра чааһа, өлүүскэтэ

Нууччалыы Частица. [Бөлүһүөктэр] аан дойду туохтан тус-туспа тооромостор, предметтэр үлүбүөй мустуулара буолбатын, аан дойду биир кэлимин, көстүүлэр биир тиһиликтэрэ буоларын билэ сатыыллара

  • ДИМ. Физическэй көөрөттүү - бу хайа боруодалара араас кээмэйдээх тооромосторго бытарыйыылара. МНА ФГ. Клетка - бу протоплазма диэн ааттанар тыыннаах бэссэстибэ тооромоһо
    СИиТ

4 даҕааһын #

суолт. Кыра, бытархай гына араарыллыбыт, тоһутуллубут

Нууччалыы Маленький, отломленный от чего-л. [Саһыл] куурусса сымыытын саҕа биир тооромос хайаҕы кэһиилэнэр

«Т» буукуба