ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

харыйа

аат тыл

Нууччалыы вечнозелёное хвойное дерево семейства сосновых с конусообразной кроной, ель

English spruce

1 аат тыл #

Хагдарыйбат мутукчалаах суптугур төбөлөөх бэстэр кэргэттэригэр киирсэр мас

Нууччалыы Вечнозелёное хвойное дерево семейства сосновых с конусообразной кроной, ель

  • Харыйа хойуу лабаатыгар саһан олорор бочугурас бычыгырыыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Урууп дьиэтэ алаас кытыытыгар, харыйалар быыстарыгар турар.
    Күндэ
  • Харыйаны тула, илии илииттэн сиэттиһэн эргийэ хаамыы буолла
    Д. Таас

2 этии #

Нууччалыы Чрезвычайно упрямый и несговорчивый, неуступчивый, ершистый (букв. тащить ель против роста)

Этиилэр

Харыйаны таҥнары соспут курдук (киһи)

тылга мэлдьи төттөрүтүн этэр, хадаар, өһөс Быканов, дьэ, төттөрү киһи, харыйаны таҥнары соспут курдук.

  • Кини хайаатар да, үрүҥү хара диэн дакаастаан, мөккүстэҕинэ сатанар буоллаҕа.
    Далан
  • – Ээ, мин буолумуна… Эн дии. Удьуор харыйаны таҥнары соспут курдук дьоҥҥут. Кырдьаҕас киһиэхэ суолу урут биэрдэххинэ тугуҥ туллан түһэрий? П. Аввакумов

3 этии #

Нууччалыы Небольшая северная лесная певчая птица отряда воробьиных, вьюрок

Этиилэр

Харыйа чыычааҕа

барабыайдар этэрээттэригэр киирсэр ойуур ырыаһыт чыычааҕа Хаарыаннаахый күннэрбит Хайыһаахтаан кэлиитэ Харыйабыт чыычааҕа ханыылаһа ыллаата.

  • Ср. ДТС хары сөгүт ‘разновидность дерева’

«Х» буукуба