Перевод с якутского
кырыымпа
аат тыл
Нууччалыы скрипка.
English violin
1 аат тыл #
Собуокка оҥоһуллубут түөрт кыллаах, аалан оонньонор музыкальнай инструмент
Нууччалыы Скрипка. Кырыымпа тыаһыырыгар, Кыдьараҥ дьоруонан кыттыһан, Саала диэки салалыннылар, Үҥкүү диэки үмүөрүстүлэр. Өксөкүлээх Өлөксөй. Дьэ, иэһийэр имик хараҥа ортотуттан ат тахсан кэллэ, ол ат үрдүгэр биир киһи кырыымпаҕа оонньуу-оонньуу көстөн кэллэ. М. Горькай (тылб.)
2 аат тыл #
Собуот оҥорбут кырыымпатыгар маарыннатан бэйэ оҥорбут, аалан оонньонор музыкальнай инструмент (мас сирэйдээх, кылгас моойдоох, үс-түөрт кыллаах, тобукка ууран олорон оонньонор тэрил)
Нууччалыы Якутский самодельный смычковый музыкальный инструмент (наподобие скрипки)
Ханна эрэ, чуп-чугас, эбэтэр санаабар эрэ эбитэ дуу, соҕотох кырыымпа аргыый аҕай дьүрүһүйэргэ дылы. ХС Бу сыахха билигин ансаамбылга аналлаах саха кырыымпалара, таҥсырдара, кылыһахтара, дүҥүрдэрэ, күпсүүрдэрэ, дьаҕалара оҥоһуллаллар. "Кыым". Аҕата Ыкынаачай кыыһа оскуолаттан кэлэригэр ардыгар кылтан оҥоһуллубут эргэ кырыымпатыгар дьоһумсуйан оонньуу олорор буолааччы ББ
3 этии #
Эһэ кырыымпата от - уһун көҥдөй умнастаах, зонтиктаахтарга киирэр сыыс от; абааһы тайаҕа
Нууччалыы Дудник. Хонууга эһэ кырыымпата оттор үүнэн тураллар