Перевод с якутского
кырыылыы
Нууччалыы боком, стороной, краем
Ис хоһооно · 4
1 #
сыһ
Дьиэлэртэн кырыылыы сүүнэ улахан балаҕан сиргэ батыллан турар. Амма Аччыгыйа Кырыылыы үөһэ мичилийэ турбут күн, онтон соһуйан, халлаан оройун диэки супту сурулаан тахсыбыта ХС
2 #
Ойоҕос диэки, ойоҕолуу, ойоҕоско
Нууччалыы Боком, стороной, краем; сбоку
3 #
Кырыылаах гына
Нууччалыы С острыми гранями
Мас Мэхээлэ мууһу ыстакаан саҕа түөрт кырыылыы кыһан баран, ол үрдүгэр аҥаар атаҕынан тахсан туран түөн ойуун курдук эргийэрэ үһү. Саха сэһ. 1977. Икки саһаан уһуннаах гына, төрдүттэн дүлүҥ быһа охсоннор, үс кырыылыы суоран күөдүллүүллэр. Күннүк Уурастыырап Түөрт кырыылыы кэбиһиллибит биэс от биир улахан күрүөҕэ тураллар. В. Протодьяконов [Петялаах] тэлгэммит үөл сиэрдийэлэри үөрүйэх хамсаныыларынан кырыылыы суораллар ХС
4 #
Хараҕын кырыытынан, кынчарыйардыы
Нууччалыы Косо, искоса краем глаза (напр., смотреть)
Кини [Горькай] чыпчылыйбакка, кырыылыы көрөн, санньыардык туттан олорбохтуур. Амма Аччыгыйа Уолаттар элэктээбиттии кырыылыы көрбүт харахтарын таба көрбөтө А. Федоров