Перевод с якутского
кытыылаа
туохтуур
Нууччалыы идти краем, по краю чего-л
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Туох эмэ кытыытынан, кэриитинэн кыйа бар
Нууччалыы Идти краем, по краю чего-л
Алары кытыылаан быһалыы Аа-дьуотук сиэттиһэн испиппит. П. Тулааһынап Адаарыччы үүммүт сэппэрээги кытыылаан кыйдылар. ХС [Булуҥ оройуонун кыраныыссата] илин өттүттэн Бороҕон кумаҕын кытыылаан, Быковскай боротуоха хаҥас биэрэгэр тиксэр ХС
2 туохтуур #
Үөстэн кытыы диэки таҕыс, биэрэккэ чугаһаа (кус, балык о. д. а. туһунан)
Нууччалыы Подплывать к берегу, плыть вдоль берега (о рыбе, утке и т. д.)
Буурҕа кэнниттэн дьэ балык бэркэ кытыылаабыт. И. Никифоров Онно-манна кытыылаабыт куһу ытыалыыбыт. ХС Кубалар күөлү кытыылаан кини диэки иһэллэрэ ХС
3 туохтуур #
Кытыы өттүттэн саҕалаан тоҥон мууһуран бар, модьоҕолон (өрүс, күөл туһунан)
Нууччалыы Иметь забереги, начинать замерзать с берегов (о реке, озере)
Сотору муус кытыылаары турар, хас биирдии киһи учуокка сылдьар. Доҕордоһуу т
4 туохтуур #
Туохха эмэ кытыы оҥор, хаймыылаа
Нууччалыы Окаймлять, окантовывать что-л
Былааччыйаны куруһубанан кытыылаа
5 туохтуур #
Төрүүр кэмиҥ чугаһаа, хамнат (сылгы-сүөһү туһунан)
Нууччалыы Приближаться по срокам к родам (о кобыле)
Тохсунньу тоҕус эргэтигэр Кытыт сылгы кытыылыыр М. Тимофеев