ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кытыы

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы берег, побережье; мелководье у берега

English edge

Ис хоһооно · 13

1 аат тыл #

1. Муора, өрүс, күөл кытыла, биэрэгэ; кытылын диэки уута чычааһырар сирэ

Нууччалыы Берег, побережье; мелководье у берега

  • Сүөдэр болуотун кытыыга тигиһиннэрэр.
    Н. Якутскай
  • Уу кытыытыгар кып-кыра үөн курдук балык оҕолоро үөмэхтэһэллэр
    Н. Габышев
  • Кытыы олбуордар уот диэки эҥээрдэрэ ыраастык кубарыһан көстөллөр.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (6)
  • Харайдаанап кырдалтан кытыы уулуссаҕа таҕыста. Софр. Данилов. Ирдонов биһикки икки кытыы землянкаларга икки аҥыы бардыбыт
    Т. Сметанин
  • Чэ, барабын, сарсын хоту көлүйэ кытыытыгар күүтүөм, элбэх этэр тыллаахпын.
    А. Софронов
  • Бүтэй кытыытыгар суон дүлүҥ сытар.
    С. Ефремов
  • Суол кытыытыгар булчут хайыһара турарын көрөөт: "Ити хайыһарынан сискэ тахсымына", - дии санаата. М. Доҕордуурап; 2) хайааһын туох эмэ аттыгар, ойоҕос өттүгэр туһуламмытын бэлиэтииргэ туттуллар. Θ Указывает на предмет, к краю которого направлено действие (к). Аргыый от кытыытыгар үөмэр, саатын сомуогун туруорар, аргыый өндөйөр.
    Амма Аччыгыйа
  • Лаврентий ытаһа маһы суол кытыытыгар күрдьүккэ батары аспыта, дьиэтигэр тугу да билбэтэх буолан тиийбитэ.
    Н. Габышев
  • Ыалдьыт уот кытыытыгар кэлэн сэлээппэтин уһулла уонна төгүрүк дүлүҥ олоппоско олорунан кэбистэ
    С. Никифоров

2 аат тыл #

Туох эмэ саҕаланар эбэтэр бүтэр өттө, уһуга

Нууччалыы Предельная линия, предельная часть чего-л., край, окраина, кромка чего-л

  • Халлаан -- кытыыта -- тэтэрэн көстөр.
    Амма Аччыгыйа
  • Сережа сэттис эрээккэ миэстэтин булан олордо. Хата саамай кытыыга буолан, дьону мэһэйдээбэтэҕиттэн үөрэ санаата.
    Н. Лугинов
  • Кэмбиэр чараас кытыытын бэрт сэрэхтик кырыйда.
    П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (5)
  • Яков куорат киин өттүн ааһан, кытыыга таҕыста
    Н. Заболоцкай
  • Кытыы маҕаһыын да буоллун - үйэм тухары онно турарым баарай! Софр. Данилов. Кытыы нэһилиэк дьоно төһө бэркэ олороллоруй?
    Далан
  • Бу сытар балыыһам кытыы сир кыракый балыыһата этэ
    Г. Угаров
  • Уот кытыытыттан хараҥа ордук хойдон көстүөҕэ, сырдыктан арахсар ордук кытаанах буолуоҕа.
    Амма Аччыгыйа
  • Ылдьаана суоһурҕана таарыйа суол кытыытыттан эрбэһини туура тардан, илиитигэр тутаары төҥкөйөн истэҕинэ, кыыһын саҥата бу сырыыга хайдах эрэ дьиктитик уратыйбыта өйүгэр охсулунна. Софр. Данилов. Биир күһүн мин күөл кытыытыттан собо уҥуоҕун булан турардаахпын
    И. Сосин

3 аат тыл #

Туох эмэ синньигэс тула эргиирэ, иитэ

Нууччалыы Ободок, каемка чего-л

  • Кытыыта сиритэ барбыт алтан солуур турар.
    Амма Аччыгыйа
  • Абыраамап кыһыл көмүс кытыылаах ачыкытын сөмүйэтинэн өрө аста.
    Л. Попов
  • Калий тиийбэт буоллаҕына, сэбирдэх пластинкатын кытыыта хатар
    ХКА
Өссө холобурдар (3)
  • Ээ, ол бүтэй кытыытынан сүөһү ороҕо баарын лааҥкы бүөлээн кээспит.
    С. Ефремов
  • Суол кытыытынан барар телефоннай сибээс ситимнэрин бысталаатыбыт.
    Т. Сметанин
  • Мин ууттан тахсан, баҕар, ханнык эмэ эриэккэс тааһы булан коллекциябар эбинээйэбин дии санаан, уу кытыытынан хаама сырыттым
    И. Данилов

4 аат тыл #

Уот суоһа мөлтүүр, итиитэ кэлбэт өттө (хол., оһох чанчыга)

Нууччалыы Край плиты у печи или край шеста над открытым огнем, где меньше жара

  • Күөстээх хааһыны кытыыга тардыбыта.
    П. Аввакумов
  • Доҕоор, хата, чугас олорор киһи, чаанньыктаргын кытыы диэки тардыталаа эрэ, бары уолан эрэллэр быһыылаах.
    Э. Соколов
  • Холумтаҥҥа хара чугууҥҥа күөстэрэ буһан баран, кытыыга тардыллан турар
    Ф. Захаров
Өссө холобурдар (3)
  • Чэй иһэ олордохпутуна, үөр чыркымай күөлү кытыытынан бу сирилээн кэлбитэ.
    Далан
  • Аттаах дьон уоту тумнан көҥүс уҥуор быыппаһыннардылар. Кинилэр тиийиилэригэр Ананий чоҥолох чүөмпэҕэ киирэн, бадарааннаах уу кылайан сытарыгар, синиэлин илитэн баран, уоту кытыытынан соһон көҥүс үрдүгэр өрө сүүрдэ.
    М. Доҕордуурап
  • Ср. др. -тюрк. хыдыҕ 'граница, край; берег'

5 даҕааһын #

Туох эмэ уһугар, туох эмэ таһыгар, тас өттүн диэки баар

Нууччалыы Находящийся на краю чего-л., крайний, окраинный

6 аат тыл #

Үөс сиртэн ыраах баар, кэлиитэ-барыыта суох, түҥкэтэх

Нууччалыы Отдаленный от центра, окраинный, глухой (о местности)

7 даҕааһын #

көмө аат суолт

8 даҕааһын #

ыарыы түһүк форматыгар: 1) Хайааһын туох эмэ аттыгар, ойоҕос өттүгэр оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Указывает на предмет, у края или возле которого совершается действие (у, возле)

9 даҕааһын #

Таһаарыы түһүк форматыгар хайааһын туох эмэ кытыы өттүттэн, аттыттан оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В форме исходного падежа указывает на предмет, от края которого совершается действие (от, у)

10 даҕааһын #

Туттуу түһүк форматыгар хайааһын туох эмэ кытыы өттүнэн, аттынан оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В форме орудного падежа указывает на предмет, по краю, или вдоль которого совершается действие (по, мимо, вдоль)

11 даҕааһын #

Туттуу түһүк форматыгар туохтуу түһүгү салайан, миэстэ сыһыанын көрдөрөр аат дьөһүөл оруолун толорор

Нууччалыы В форме орудного падежа, управляя винительным падежом, выполняет роль отыменного послелога, выражающего пространственные отношения (мимо, вдоль)

12 этии #

Кытыым да кыһыйбат -мин онно кыһалҕам кыра, олох да кыһаммаппын Ол эн кыра омуктарыҥ оҕолорун оскуолаларыгар кыһаныахтарын, кытыылара кыһыйыан өйүм хоппото! С. Дадаскинов

Нууччалыы соотв. мне ни жарко, ни холодно, мне безразлично, все равно

13 этии #

Кытыылаах сон - хаарыстан, атылаастан эбэтэр солкоттон тигиллэр дьахтар сайын кэтэр мааны соно Суоппуйа тиэтэйбит курдук кытыылаах сону ылан кэтэр, дьабака бэргэһэ уурунар. Эрилик Эристиин. Бууктаах, кытыылаах, оноолоох соннорун арааһын -- тикпитэ сир аайы тарҕанна, дойду араас музейдарыгар тиийдэ. АЕЕ ӨҮОБ

Нууччалыы Женское летнее нарядное пальто из гаруса, атласа или шелка

«К» буукуба