Перевод с якутского
кырыы
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы сторона; край; граница
English side, edge, border
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Нууччалыы сторона; край; граница
English side, edge, border
куб уон икки кырыыта двенадцать рёбер кубаthe 12 edges of a cube
2 аат тыл #
Туох эмэ кытыы, ойоҕос өттө
Нууччалыы Край, сторона; бок, ребро чего-л
Халлаан илин кырыыта суһуктуйан барда. Амма Аччыгыйа [Чаҕылҕан] сырдыгар кыһайан көрдөххө, арыт былыт кырыыта адаарыс гынан көстөн ааһар. Н. Якутскай Никита Калинович, өндөйөн, кырыыга олорор киһини ыҥырбыта. В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
Оҕонньор ытыһын кырыытынан хараҕын уутун сотунна. Софр Данилов
3 аат тыл #
Туох эмэ биилээх сытыы өттө
Нууччалыы Грань; острая сторона предмета
Сүгэ кырыыта. Кыһыҥҥы кылбаа маҥан күнүм кыыбылаан батас кырыытын курдук Кылбалдьыйа көтөн тахсар.
П. ОйуунускайҮгүс ыстыык сытыы кырыыта Сардаҥа уотунан сырдыыр. И. Эртюков
Өссө холобурдар (5)
[Ыһыы] быһар кырыылара [биилэрэ], эркиннэрэ ыраас ньуурдаахтар, кичэйэн туран кылааккайдаммыттар ННС ЧАа Күүттэриилээх ыһыах күнэ Кырыы сиргэ бүгүн үүннэ. Р. Баҕатаайыскай Кырыы тыаҕа киирбитин кэннэ, иннигэр дьон кэпсэтэр саҥалара ньамаласта. И. Гоголев [Сметанин төрөппүттэрэ] былыргыта Орто Бүлүү улууһун кырыы нэһилиэгэр Чачыга олорбуттар. КНЗ ТС. Бу аҕыйах киһилээх кырыы нэһилиэккэ абааһы баҕас дэлэй. ХС Тюрк. кыр, хыр, киру
4 даҕааһын #
суолт. Кытыыга, уһукка ыраах турар, баар (сир туһунан)
Нууччалыы Отдаленный, окраинный
5 этии #
Тыҥ кырыыта - халлаан илин саҕаҕа сырдаан эрэрэ биллиитэ Тыҥ кырыыта охсуллан, Тылбааран сырдаан барбыта. Күннүк Уурастыырап. Тыҥ кырыыта саҥардыы аһыллыыта, Дмитриев хомуна охсон, учааскалары кэрийэ барбыта. Ленин с. Тэҥн. тыҥ хатыыта
Нууччалыы Начало утренней зари