ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кырыылан

туохтуур

Нууччалыы иметь острый край, края; иметь грань, грани

1 туохтуур #

Биилэнэн-кырыыланан таҕыс; биилээх-сытыылаах буолан таҕыс

Нууччалыы Иметь острый край, края; иметь грань, грани

  • Аҕыс уон аҕыс араас Аалыы кырыыланан көстөр Аатырбыт-сураҕырбыт Алмаас тааспыт.
    П. Тобуруокап
  • Арай ыстыык күлүмнээн Кырыылана кылбаҥныыр.
    П. Тобуруокап
  • Кырыыламмыт алмаас бриллиант диэн ааттанар
    И. Данилов

2 туохтуур #

Кими эрэ кынчарыйбыттыы көр, кимиэхэ эмэ эйэҕэһэ суохтук сыһыаннас, кыыһыр

Нууччалыы Коситься на кого-л., относиться недружелюбно к кому-л., злиться на кого-л

  • Аһаҕастык көрбүт киэҥ харахтара кырыыланнылар, сыҥааҕын этэ күүрэн таҕыста, уостара ыбыстылар.
    Л. Попов
  • Саллааттар сирэйдэрэ-харахтара турбута, тыллара-өстөрө өстөөххө кырыыламмыта сүрдэммитэ.
    Г. Колесов
  • Ити Ыстапаанап миэхэ тоҕо тыла кырыыланар идэлэннэ.
    В. Титов
Өссө холобурдар (1)
  • [Григорий Иванович] мөҕөөрү, эбэтэр туох эмэ куһаҕаны этээри гыннаҕына буоларыныы, сирэйэ-хараҕа сүрдээҕин кырыыламмыт
    Э. Соколов

3 этии #

Нууччалыы Быть недовольным кем-л.; сердиться на кого-л.; испытывать раздражение к кому-л

  • Таала кырыыланар - кимиэхэ эмэ өһүргэнэн кыыһыр, кимтэн эмэ кыйахан Уйбаан Ньукулаайабыс кэллэ кэлээт, кини бастыҥ дьиэтин былдьаан ылбытыттан Соппуруон баай олус абаккарар, учууталга таала кырыыланар, өстүйэр.
    Н. Якутскай
  • Онон бүтэйдии Сиидэркэ уонна араатардыыр дьоннорго барыларыгар таала кырыыланан олорор.
    С. Васильев
  • Онон-манан сылтаҕыраҥҥын кыыска эмиэ таалыҥ кырыыланан эрэр.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Байбал Сүөдэрэбис дьылҕатын күүтэн дөйбүт курдук сукуллан олордо. Бары да киниэхэ тааллара кырыыламмыт.
    НС ОК

«К» буукуба