ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кырыылаах

даҕааһын

Нууччалыы гранёный, имеющий грани; с острыми краями, углами; со стрелками

1 даҕааһын #

Ханнык эмэ өттүнэн биилээх, сытыы; муннуктардаах

Нууччалыы Гранёный, имеющий грани; с острыми краями, углами; со стрелками (брюки)

  • Түөрт кырыылаах кылбайар маҥан буруус мастар, күн уотугар кыһыл көмүһү иҥнэри аспыт курдук, толбоннуран сыталлар.
    М. Доҕордуурап
  • [Эр киһи] сып-сытыы кырыылаах өтүүктээх кэтит сиэрэй бүрүүкэлээх.
    ХС
  • Саамай былыргы дьоннор кырыылаах тааһы туттар сэп оҥостоллоро
    КФП БАаДИ

2 этии #

Нууччалыы Гранёный стакан

  • Кырыылаах ыстакаан - кырыылардаах өстүөкүлэ ыстакаан Манна арыгыны чаанньыктан кырыылаах ыстакааҥҥа кутан, сулбу таһыйан ылан, кылдьыгыр гына таҥхата охсоот, бара турдулар.
    П. Тобуруокап
  • Кыракый бытыылкаттан саһархай таблетка ылан, кырыылаах ыстакаан түгэҕэр ордубут ууну кытта ыйыһынна.
    С. Данилов
  • Эбирдээх сирэйдээх уол киниэхэ кырыылаах ыстакаанынан ыы-быччары арыгы кутан аҕалар. "ХС"

«К» буукуба