Перевод с якутского
чөмчүүк
аат тыл
Нууччалыы жемчуг.
1 аат тыл #
Муора сорох моллюскаларын иһигэр үөскүүр перламутр биитэр хара өҥнөөх, кытаанах күндү таас
Нууччалыы Жемчуг. Кыдьымах муустара, сыгынньах дьэҥкир түөстэригэр күн чаҕылын түһэрэн, күндү чөмчүүк таастыы көҕөрүмтүйэ сандаарыҥныыллара. Софр. Данилов. Чаҕылыһар таммахтар мастар быыстарыттан тахсан эрэр күн уотугар чөмчүүк таастыы күлүмнэһэллэр. Далан. Чурумчуку булууламмыт: Чуурка мастан чочуллубут Чохоолорун бырахпыт, Чөмчүүк таастан кутуллубут Чочуонай чааскыламмыт. Эллэй
2 аат тыл #
түөлбэ. Чэй иһэр иһит, чааскы
Нууччалыы Чашка, стакан
Бэрт сотору Марбала эмээхсин биир чөмчүүк кыынньыбытынан үүтү киллэрэн Маайыккаҕа биэрбитэ. Н. Якутскай [Сэрэбэһит:] Эмээхсин, чөмчүүккэ тымныы үүттэ аҕал эрэ, харахпын сырдатан бараммын көрөн көрүөхпүн. Н. Түгүнүүрэп Сарсыарда аайы чөмчүүккэ (ыстакааны итинник ааттыыллар) ыаммытынан үүт эбэтэр чөчөгөй кутуллан турар буолар. "Чолбон". Ср. ДТС йенчү, кит. чжэнь-чжу, чинчу ʽжемчугʼ