ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кириэс

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы крест

Ис хоһооно · 7
I

1 аат тыл #

Үс туорайдаах туруору сүрүннээх христианскай итэҕэл символа (си- бэлиэтэ) уонна предметэ

Нууччалыы Крест (символ и предмет христианского культа)

  • Эдэр магистр кириэһин уонна аҕабыытын таҥаһын уһулбута.
    Л. Попов
  • Мас таҥара дьиэтин кириэһэ килбэйэн көстөр.
    Н. Якутскай
  • Кириэс түөрт салаата - таҥара түөрт илиитэ буолаарай!
    И. Гоголев

2 аат тыл #

Бэйэ-бэйэлэрин туорайдыы быһыта охсуһар икки көнө, оннук бэлиэ

Нууччалыы Крест (фигура), метка, значок (в виде такой фигуры)

  • Киһи куоластыыр бүлүтүөнүгэр кириэс туруорда.
  • Сир шаарын хаартатыгар Эмиэ кириэстэр турбуттар.
    И. Эртюков
  • Хара кириэстээх сөмөлүөт -- бу бирилээн иһэр эбит.
    И. Сосин
Өссө холобурдар (4)
  • Кини кыһыл кириэстээх санитарнай суумкатын санныттан араарбата
    ПНИ ДКК
  • Кыһыл кириэс ойуулаах үрүҥ таҥас маска анньыллан тэлибирии турар.
    Амма Аччыгыйа
  • [Күүстээх Көстөкүүн] кириэс бэчээти сөмүйэтинэн баттаамахтаата.
    Л. Попов
  • [Уйгу-быйаҥҥа] Киҥкиниир киэҥ халлаан Кыптыый кириэс кынаттаах Кыылларын -- Бииһин уустара мустубуттар
    П. Ядрихинскай

3 аат тыл #

Итинник быһыылаах бойобуой мэтээл

Нууччалыы Георгиевский крест. [Ганна уола Мэхээлэ] сэрииттэн Георгиевскай кириэстээх эргиллэн кэлбитэ

  • Сэриигэ сылдьан Георгиевскай кириэһинэн наҕараадаламмыта.
    Н. Якутскай
  • Көрүҥ эрэ, бу икки Георгиевскай кириэһи миэхэ туох иһин биэриэхтэрэй?
    Эрилик Эристиин

4 даҕааһын #

суолт. Туорайдыы быһыта охсуһар көнөлөрдөөх, оннук бэлиэлээх

Нууччалыы Крестовидный, крестообразный

5 этии #

Кириэс баарына - хаһан даҕаны, туох да иһин (мэлдьэх. этиигэ тут-лар) Н. Якутскай

Нууччалыы Никогда, ни за что (употр. в отриц. предл.). - Суох, кириэс баарына туораан биэриэхпит суоҕа

6 этии #

Нууччалыы соотв. поставить крест на чем-л

  • Кириэс туруор - хаһан да эргиллибэт гына, бүтэһиктээх түмүк оҥор, быһаарыы ылын Биир киһиттэн хомойон баран, күн сиригэр бүтүннүү кириэс туруораары гынаҕын.
    Н. Лугинов
  • Кини олоҕун биир суол кэрдииһигэр түмүк оҥоһунна, кириэс туруорда.
    Н. Заболоцкай
  • Кириэс оҕус - атын киһиэхэ эбэтэр туохха эмэ уҥа илииҥ, үс тарбаҕын холбуу туттан, кириэс ойуулаа. Θ Творить крестное знамение, осенять кого-л. крестным знамением, перекрестить кого-л. Аҕабыыт Евлампий Ананьевич -- харахтарын сабыталаата, илиилэрин быар кууһуннарда, кириэс оҕуста.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (8)
  • Кириэс охсун - уҥа илиигинэн кириэс ойуулаан, кириэстэн; таҥараҕа үҥк. Θ Перекреститься. Эмээхсиним кириэс охсуммута.
    Суорун Омоллоон
  • Дьиэлээх тойон дьоһумсуйан туран, кириэс охсунан барбыта.
    Н. Якутскай
  • Кириэстээх (атыыр, таалыр) манньыат - кириэс ойуулаах былыргы бөдөҥ үрүҥ көмүс харчы. Θ Старинная большая серебряная монета с изображением креста. [Ойууннар, удаҕаннар кини] кириэстээх манньыатын, лоһуор алтан харчытын көрдөтөн туойаллар.
    Саха фольк
  • Кириэстэрдээх манньыаттаах Килбэчийэр туоһахталаах -- Хааннаах дьабака таҥаһын Ханалдьыччы анньыммыт.
    С. Зверев
  • Кириэстээх атыыр манньыаты Кэккэлэччи туппут курдук, Килбиэн маҥан иэдэстээх эбит Килбэйээнэ дьэрэлигим.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Кириэстээх ооҕуй зоол. - көхсүгэр сырдык кириэс ойуулаах ооҕуй. Θ Крестовик (паук). Кириэстээх эбэтэр атыыр да ооҕуй илимин булуҥ. ББЕ З. Кириэстээх (кэрэмэс) саһыл - көхсүгэр кириэстии ойуулаах хара саһыл. Θ Крестовка, лиса-сиводушка. Кириэстээх хара саһыл -- сүүрэн эрэр эбит.
    П. Ойуунускай
  • Саха сиригэр -- кириэстээх кэрэмэс уонна сырдык кэрэмэс саһыллар үөскүүллэр. ТСКБ. Кириэс уур - таҥараҕа кириэстэн, үҥк. Θ Перекреститься, молиться богу. Мин кириэс уурабын, таҥара абыраа.
    П. Ойуунускай
  • Таҥараҕа үҥэр да, кириэс уурар да барыта хаахтыйда. П. Филиппов
II

7 #

саҥа алл. Туохтан эмэ кыккыраччы аккаастаныыны көрдөрөр

Нууччалыы Выражает категорический отказ от чего-л. [Күкүр Уус:] Дьэ, оччоҕо кириэс, бууйат, [холкуоска] киирбэппин, ол кэриэтэ сүнньүм быстыа

«К» буукуба