ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

утары

кэнники тыл, сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы против, напротив кого-чего-л

English against, contrary to, opposite

Ис хоһооно · 10

1 сыһыат #

Сирэйиҥ хоту (хол., турар дьиэ)

Нууччалыы Против, напротив кого-чего-л

  • Маҕаһыын утары кэпсэтэ турабыт. Мин дьиэм оскуола утары турар. ù Хамнаһын ыларыгар араспаанньатын утары кыракый кириэс курдугу ойуулуур эбит
    Н. Лугинов
  • Утары кустар долгуҥҥа бигэнэн нуктуур курдуктар. ù Күүстээх буурҕалар уонна утары сүүрүктэр уунан устууну ыараталлар
    АЕВ ОҮИ

2 сыһыат #

Ким-туох эмэ диэки (хол., кими эрэ көрсө, тугу эмэ көрө таҕыс)

Нууччалыы Навстречу кому-чему-л

  • Кини остуол кэнниттэн туран, утары кэллэ.
    Суорун Омоллоон
  • Куонаан оҕонньор тугу эрэ суулуу тутан, кыбынан баран, бу утары хааман нөрүҥнээн иһэр эбит.
    Н. Заболоцкай
  • Бытааннык турда уонна кыргыттарга утары хаампытынан барда
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Өскөтүн ускуопка иннигэр минус бэлиэ турар буоллаҕына, ускуопканы аһыыга ол ускуопка иһигэр турар эбиллээччилэр хас биирдиилэрин бэлиэтэ утары бэлиэҕэ уларыйар. ВНЯ М-

3 сыһыат #

Өр буолбакка, сонно тута

Нууччалыы Сразу, тут же (совершать какое-л. действие)

  • Дьахтар бэрт үксү саҥарар, күлэр-салар да, утары умнуллан иһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Куобаҕын тириитин утары хатаран таҥастыыр.
    Н. Борисов
  • Ол курдук биирдии-иккилии этиини суруйтара-суруйтара утары бэрэбиэркэлэтиэххэ наада
    СГФ СТМО
Өссө холобурдар (2)
  • Аан утары. Күн утары. Тыал утары. ù Арассыыйаҕа батталы утары харса суох охсуһаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Уордаах Сиидэри утары туран кэллэ
    И. Никифоров

4 сыһыат #

Кими-тугу эмэ кытта сөбүлэспэккэ, кими эмэ кытта мөккүһэн, охсуһан

Нууччалыы Не соглашаясь с кем-чем-л. возражая кому-чему-л., противодействуя кому-л. в каком-л. вопросе

  • Оттон мин батталы утары дьадаҥылары түмээри таҕыстым ээ бу.
    Амма Аччыгыйа
  • Өрөгөйдөөх өстөөҕү утары кыырыктаах охсуһууга киирсэргэ ыҥырбыта. Софр. Данилов. Биһиги бу кинигэ этэрин курдук, курааны утары охсуһарбыт буоллар, чыха атын, бастаан иһэр холкуос буолуо этибит
    М. Доҕордуурап

5 даҕааһын #

Баран иһэргин көрсө, эн диэки иһэр (ким-туох эмэ)

Нууччалыы Движущийся, идущий навстречу, встречный

6 даҕааһын #

Кимиэхэ-туохха эмэ букатын сөп түбэспэт, утарар ис хоһоонноох

Нууччалыы Совершенно несходный с другим, противоречащий другому, противоположный

7 даҕааһын #

Онтон утары суолталаах гына уларытыҥ. КИИ СТ-

8 даҕааһын #

дьөһ. суолт. Инниҥ хоту ким-туох эмэ диэки

Нууччалыы Навстречу, напротив, против

9 этии #

Нууччалыы Эпитет изображающий якута, якутского народа

Этиилэр

Утары көр көр көр I

[Алааппыйа:] Алыстаан эрэр, эгэ оҕонньору утары көрөр киһи миигин киһи гыныа дуо. А. Софронов. Кинини ким даҕаны утары көрбөт. "ХС". Утары көрдөрбөт - утарсары, мөккүһэри сөбүлээбэт, бэйэтэ санаабытынан дьаһайар (киһи).

Любящий сам владычествовать, совершенно не терпящий возражений.

  • Улуус кулубата икки кыһыл көмүс мэтээллээх сааһыгар кими даҕаны утары көрдөрбөтөх, улуу тойон Протодьяконов -- Быакана диэн күөлү баҕадьылаан, сүүрбэ биэс хоппо балыгы таһаарбыт.
    Эрилик Эристиин
  • Утары тур - кимиэхэ эмэ утарылас; кими эмэ кытта охсус, сэриилэс. Противоборствовать кому-чему-л.; сопротивляться кому-чему-л. ополчиться на кого-л. [Табысхаан:] Онон күн судаары утары турбут, баһа-атаҕа суох алдьархайдаах бассабыыктардааҕар быдан ордук дьон буолуохтара.
    ХС
Өссө холобурдар (11)
  • // Кимиэхэ эмэ сөбүлэспэккин биллэр. Заявлять кому-л. о своём несогласии, возражать. Платон Алексеевич норуот айымньытын холуннарыыны саамай сорунуулаахтык утары турбута.
    Н. Заболоцкай
  • Бары миигин утары турдулар, оннооҕор төрөппүт оҕолорум…
    У. Ойуур
  • Утары туруор - кими эрэ кимиэхэ эмэ өстөһүннэр. Сеять вражду между кем-л. Аан дойду киһилии санаалааҕын бүтүннүүтүн бэйэтигэр утары туруорбут.
    Суорун Омоллоон
  • Ол миэхэ кэргэттэрбин утары туруоран тугу туһаналлара буолла.
    ХС
  • Утары уунар - бэйэтин киэниттэн тугу эмэ кимиэхэ эмэ бэрсэр, биэрэр. Давать, отдавать кому-л. часть чего-л. своего. Утары уунары умнубут сордоохторгут, - диир, киэр хайыспахтыыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьөксө көрүдьүөһэ баар, мин ол дьон барахсаттарга тугу эмэ дук гыммыппын өйдөөбөппүн. Арай аҕыйах чэйи уонна эргэ бараан сонноохпун утары ууммутум.
    Р. Кулаковский
  • Утары тыыннарбат - санааҕын этиппэт, саҥарпат даҕаны. Не давать высказать кому-л. своё мнение, вообще не давать высказать кому-л. Биһиги олох утары тыыннарыа суох быһыылаах.
    А. Софронов
  • Истибэтигэр тэптэрэн биир да киһини утары тыыннарбакка бэйэтэ таптыырынан, көҥүл күннээтэ. СН ОК. Утары уунардаах кэпс. - төлөһөр кыахтаах (хол., туох эмэ өҥө иһин). Имеющий возможность платить (напр., за какие-л. услуги). Массыынаҕын оҥорон биэрдэхпинэ утары уунардаах инигин. НАГ ЯРФС II. Дьон да хардата, утары уунара суох буолбаттара, илии тутуурдаах ыыталлара.
    С. Маисов
  • Утары уунардаах буоллаххына табыллар. Онтуга суох дьыалаҕын өтөрүнэн быһаарбаттар.
    ХС
  • Утары эт - ким эмэ санаатыгар, этиитигэр сөбүлэһимэ, мөккүс, утар. Не соглашаться с чьим-л. мнением, перерекаться с кем-л., противоречить кому-л. [Витя абалана санаата] ол эрээри, ийэтигэр утары этэр кэлиэ дуо, сонно барарга тиийдэ.
    Н. Заболоцкай
  • Баһыкаан, өрө ньылас гынан, ордуостук утары этэн кэбистэ. Н. Габышев

10 этии #

Нууччалыы Контр-атака

  • Утары атаака байыан. - көмүскэнээччи өстөөх атаакатын төттөрү охсоору эбэтэр бэйэтэ кимэн киирээри оҥорор хардары атааката Ньиэмэстэр утары атаака оҥорор санаалаахтар быһыылаах.
    А. Данилов
  • Утары былаан - хардары былаан диэн курдук (көр хардары). Көппөхтөөх буолатын Аны уон икки хонугу Аһарбакка бүтэрэр Утары былаан диэн Ууран-тупсаран оҥоруоҕуҥ! Күндэ

«У» буукуба