ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

утарылас

туохтуур

Нууччалыы не соглашаться с кем-л., возражать, противоречить кому-л

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Кими эмэ кытта сөбүлэһимэ, утары эт

Нууччалыы Не соглашаться с кем-л., возражать, противоречить кому-л

  • Керенскэй дойдоҕор утарыласпатахха, кини үгүс киһи өйүн сынньыыһы, оробуочайдар биир ньыгыл санааларын айгыратыһыы.
    Н. Якутскай
  • Чинарин киһини ыытар наадалааҕын туһунан хат-хат киллэрбит тылын утарылаһан баран, уһугар тиийэн, Искандеров сөбүлэннэ.
    Эрилик Эристиин
  • Араастардар таҕыстылар, Араастаан сорохтор утарыластылар.
    СВ

2 туохтуур #

Өстөөххө утары турун, өстөөҕү утары сэриилэс

Нууччалыы Ополчиться на врага

  • Тугу да билбэккэ, сэрэммэккэ олорбут тордохтор кыайан утарыласпатахтара - саба түһээччилэр тулуппатахтара.
    Далан
  • - Да-а, кырдьык, аҕыйахпыт бэрт эбит. Бандьыыттар манна киирдэхтэринэ утарылаһар күүс суох буолсу, - Жирков кэтэҕин тарбанар.
    Н. Якутскай
  • Тиһэҕэр, өстөөх утарылаһара мөлтөөн, киэһээнэн куорат бүтүннүүтэ биһиги илиибитигэр киирбитэ
    И. Сосин

3 туохтуур #

Ким эмэ күүһүнэн киириитигэр утары киирис

Нууччалыы Противодействовать насильственным действиям, насилию

  • Онно тиийэн табаларын былдьаан ылаары гыммытын, Байбал утарыласпыт.
    Н. Якутскай
  • Манчаары тутулларыгар бу сырыыга эмиэ утарыласпата. Хата, үөрэ санаата. Кыараҕас үүтээниттэн дьэ букатыннаахтык барыа!
    И. Гоголев
  • Арай ити мэркииттэр курдук ааһан иһээччилэр түбэһэ түһэн, таҥаһын-сабын, малын-салын, сэбин-сэбиргэлин, көлөтүн былдьаатахтарына - утарылаһар кыаҕа суоҕуттан аҥардастыы абарара эрэ
    Н. Лугинов

4 туохтуур #

Кими эмэ баҕарар баҕатын, санаатын утары бар

Нууччалыы Противодействовать воле, желаниям кого-л

  • Иккиһин ууруур. Мотя күлэ-күлэ утарыласпыта буолар.
    И. Гоголев
  • Аҕам мин холкуоска тахсарбын утарыласпат.
    С. Ефремов
  • Икки эрчимнээх илиитинэн кыыһы аргыый аҕай кууспута, онуоха кыыс утарылаһа барбатаҕа
    М. Попов

5 туохтуур #

Туохха эмэ (хол., ыарыыга) утарар, бэриммэт дьоҕурдаах буол

Нууччалыы Быть способным сопротивляться чему-л. (напр., болезни)

  • Киһи бэйэтин организма сыстыганнаах ыарыыларга утарылаһар дьоҕура, -- аһылыгын хаачыстыбата, куртаҕын үлэтэ, атын ыарыылааҕа, эбэтэр чэгиэнэ-чэбдигэ эмиэ быһаарар суолталаахтар. ФОН ССЫа. Кыһыны тулуйумтуо, -- ыарыыларга утарылаһарынан уонна үчүгэй астааҕынан ураты суорт. ЧМА МУХСҮү. Урукку олох ыарын кыайан утарыласпакка самнан олорбут кыра дьон.
    Эрилик Эристиин
  • Икки хос батталга олорбут, айылҕа ыардарыгар утарылаһар кыахтан тахсыбыт сахалар -- ыар ынчык аргыстанан, этирик түөстэнэн -- өлөр-сүтэр, симэлийэр дьылҕаламмыттара.
    АНХ СС

«У» буукуба