ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

утарсыы

аат тыл

Нууччалыы противодействие насильственным действиям или нападению, натиску

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Күүһүнэн киириигэ эбэтэр саба түһүүгэ утарылаһыы, өрөлөһүү

Нууччалыы Противодействие насильственным действиям или нападению, натиску

  • Өстөөххө күүстээх утарсыыны оҥордубут. ù [Өстөөх] эрдэттэн бэлэмнэммит окуопаларга, траншеяларга кэлэн түһээт, утарсыылара улаатта, уоттара күүһүрдэ. ССС. [Доҕоороп] ыҥырыынан кэлбит милииссийэ үлэһиттэригэр утарсыыны оҥорбут
    ХС

2 аат тыл #

Ким эмэ баҕа санаата олоххо киирэригэр утарылаһыы, өрөлөһүү; кимиэхэ-туохха эмэ бас бэриммэт буолуу, туохха эмэ сөбүлэспэт буолуу

Нууччалыы Противодействие воле, желаниям кого-л.; неподчинение кому-чему-л

  • Оҕонньор сиэнэ соҕуруу үөрэххэ барарын утарсыы киэнэ кытаанаҕа. Кэргэнин өттүттэн утарсыы баарын үрдүнэн биир үрүүмкэни иһэн кэбистэ. ù 1929-1930 сыллардаахха Сергучев нэһилиэк сэбиэтин салайар уонна кытаанах кылаас охсуһуутун усулуобуйатыгар кулаактар -- харса суох утарсыыларын хам баттаан туран, холбоһуктааһыны ыытар
    ССЛИО

3 аат тыл #

Бэйэ-бэйэҕэ сөп түбэспэт, утарыта буолуу, көстүү

Нууччалыы Противоречие. [Захар:] Биирдэ баран эттэххэ, эн биһикки үлэбитинэн даҕаны, идэбитинэн да тэҥмит

  • Онон олохпутугар туох да утарсыы баар буолуо дии санаабаппын.
    С. Ефремов
  • [Култуурнай өрөбөлүүссүйэ] өй уонна быччыҥ үлэлэрин икки ардыларынааҕы утарсыыны суох оҥорорго көмөлөстө. ПЭ. Олоххо баары наһаа киэргэтэр суруйааччы олох уустугун, утарсыытын, хараҥа өттүлэрин кырдьыгынан кыайан арыйбат
    ВГМ НСПТ

4 аат тыл #

филос. (үксүгэр э. ахс.). Айылҕа уонна уопсастыба предметтэригэр, көстүүлэригэр баар утарыта өрүттэр сыһыаннаһыылара

Нууччалыы Противоречия (отношение противоположностей внутренне присущих предметам и явлениям природы и общества)

  • Биһиэхэ судаарыстыба уонна үлэһиттэр икки ардыларыгар утарсыы суох. МАЕ КТТС. Короленко "Макар түүлүгэр" кылаассабай утарсыы муҥутуу тыҥаабытын, улахан социальнай өрөбөлүүссүйэ чугаһаабытын көрдөрбүтэ. ССЛИО. Билиҥҥи бириэмэҕэ -- дириҥ ис утарсыылар ордук сытыырхайан иһэллэр, үлэ уонна хапытаал икки ардыларыгар охсуһуу күүһүрэр, собостуопкалар ахсааннара үксүүр
    СГПТ

5 аат тыл #

физ. Эттик ханнык эмэ сабыдыалга, дьайыыга, уларыйыыга-тэлэрийиигэ утарылаһар дьоҕура

Нууччалыы Сопротивление

  • Салгын утарсыыта улаатан, сөмөлүөтүм адьас сиргэ күр гына түһүөх курдук. КИ АДББ. Холбонор оруудьуйалар уопсай утарсыылара (төттөрү тардыһар күүстэрэ) тыраахтар тардар күүһүгэр тэҥнэһэр

«У» буукуба