ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эйэлэһимтиэ

даҕааһын

Нууччалыы легко и быстро успокаивающийся после гнева, раздражения, отходчивый

1 даҕааһын #

даҕ

  • Сергей хараҥа майгылаах, бу Женя курдук аһарымтыа, эйэлэһимтиэ буолбатах
    ПБН БЭДь

2 даҕааһын #

Кимниин эмэ тэйсэ, кыыһырса сылдьан баран түргэнник эйэлэһэ охсор, өр өстүйэ, кыыһыра сылдьыбат

Нууччалыы Легко и быстро успокаивающийся после гнева, раздражения, отходчивый

3 даҕааһын #

Туох эмэ олох омнуолаах быһыыларын кытта эйэлэһэр, утарылаһар кыаҕа суох (үксүгэр буолб. ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы Не способный противостоять, оказывать противодействие трудностям жизни (преим. употр. в отриц. ф.)

  • Ньукулай эргиэҥҥэ төһө даҕаны өр, ис сүрэҕинэн ылынан үлэлээтэр, сыыһаны элбэхтик тутуһарын, итэҕэһи таһаарбыт дьоҥҥо эйэлэһимтиэтэ суоҕун иһин сорохтор соччо ытыктаабаттар этэ.
    М. Попов
  • С. С. Яковлев Амма оройуонугар түбэспит иэдээнин кистээбэт этэ, аһаҕастык кэпсиирэ уонна ыччат оннукка эйэлэһимтиэтэ суох буолуохтаах диирэ.
    ХС
  • ГАИ иниспиэктэрэ Дмитрий Павлович Ефремов суол быраабылатын убаастаабат дьоҥҥо эйэлэһимтиэтэ суоҕун бары билинэллэрэ
    ДьИэБ

«Э» буукуба