ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тулуй

туохтуур

Нууччалыы терпеть; стоять; брать

English to endure, to tolerate, to stand, to take

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Нууччалыы терпеть; стоять; брать

English to endure, to tolerate, to stand, to take

  • быстах кыһалҕаны тулуй
    перетерпеть временную нуждуto endure a temporary need
  • ыарыыны тулуй
    терпеть больto tolerate pain

2 туохтуур #

Өй-санаа өттүнэн ким, туох эмэ дьайыытыгар бэринимэ, тугу эмэ уй, туораа

Нууччалыы Стойко переносить, терпеть, сносить что-л. [Маайа:] Эн мөхпөтүҥ, сыспатыҥ буоллар, оҕонньордоох эмээхсин тылларын тулуйуом, кыһаныам да суоҕа этэ

  • Бурхалей, төһө да дьадаҥытын иһин, маннык атаҕастабылы тулуйбакка, кыыһыран кэллэ.
    Эрилик Эристиин
  • Үгүс хаайыылаахтар киһи тулуйбат муҥун уйбакка өйдөрүттэн тахсаллара
    П. Филиппов

3 туохтуур #

Эт-хаан өттүнэн туох эмэ дьайыытын уй

Нууччалыы Терпеть, выдерживать физ ически неприятные, болезненные ощущения

  • Ыарыытын тулуйа сатаан хараҕын быһа симтэ, алын уоһун хам ытырда.
    И. Гоголев
  • Саха сылгыта барахсан этэ минньигэһинэн, тымныыны-куйааһы тулуйарынан туохха тэҥнээх буолуоҕай.
    ХС
  • Сырыыны-айаны тулуйар эдэр киһини бэрт үгүстүк хомондьуруопкаҕа ыыталлара
    Чолбон

4 туохтуур #

Туох эмэ тастан дьайыытын (хол., ыйааһынын, баттааһынын) алдьаммакка, эмсэҕэлээбэккэ уй

Нууччалыы Выдерживать физ ическое воздействие чего-л. извне (напр., тяжесть, давление). [Ардахха] отуута тулуйбата, тэстэн, таммалаан тобурҕатан барда

  • Ол оннук күүстээх үлэҕэ баһымньы уга тулуйуо дуо?
    М. Доҕордуурап
  • Подсолнечник күһүн хаһыҥы тулуйбат
    СБХА

5 туохтуур #

Тугу эмэ күүтэн, кэтэһэн төһө эмэ кэми аһар, туораа

Нууччалыы Терпеть, выдерживать, пережидать какое-л. время до наступления, совершения чего-л

  • Мин бэйэм даҕаны Сөдүөрэм көрбөккө аҕыйах хонугу аһарарбын тулуйбат буолан хаалбытым.
    Эрилик Эристиин
  • Бука бары: "Кыһыны этэҥҥэ туораан эрэбит. Аҕыйах хонугу тулуйдарбыт, күөххэ үктэниэ, көҥүлгэ көтүө этибит", – дии саныыллар.
    И. Федосеев
  • Биир сиргэ өр тулуйан турбат, тула көтөр, эргичиҥниир
    А. Фёдоров

6 этии #

Нууччалыы Ни один человек не выдержит

Этиилэр

Дэҥи тулуйбат

дэҥи (эндиэни, энчини) көрбөт диэн курдук (көр дэҥ II).

  • Эйигин: "Кыыһырымтаҕай, Дэҥи тулуйбат, – дииллэр, – Истиэ эрэ кэрэх! Алдьархай! Киҥэ тугунан диэлийэр".
    Р. Баҕатаайыскай
  • Ергин дэҥи тулуйбат, уолҕамчы уонна сүрдээх түрдэстигэс киһитин өйдүүбүн.
    П. Филиппов

Инчэҕэй эттээх тулуйбат

тыыннаах киһи уйбат, эрэйдэнэр Кини [Мардьаҥныырап] доппуруостаатаҕына, инчэҕэй эттээх тулуйуо суох үлүгэрэ буолар.

  • Инчэҕэй эттээх тулуйбат итиитэ.
    И. Егоров

Өй мэйдээх тулуйбат көр өй мэйдээх

  • Биһиги өй-мэйдээх тулуйбатынан "ураа" хаһыытын түһэрэбит. Кыайыы!
    Н. Лугинов
  • Бөрөлөөх эһэ киирсиилэрэ саҕаламмыта. Өй-мэйдээх тулуйбат часкыыра, хаар күдэригэ өрө холоруктаабыта.
    И. Федосеев

Тулуйарын (тулуйарыттан) ааста

күүһэ-уоҕа, кыаҕа бүтэн тугу эмэ уйбат, кыайбат буолла.

соотв. нет больше сил терпеть, чаша терпения переполнилась.

  • [Бүөтүр:] Мин, эйигин таптыыр киһи, итинник быһыыны өр тулуйарбыттан аастым.
    А. Софронов
  • [Дуня:] Убаай, тулуйарбыттан аастым. Кини санаабыттан арахпат.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
  • Тулуйарын аастаҕына, аба-сата таһынан дьалкыйдаҕына -- норуот кырдьык даҕаны бууннаталыыра даҕаны. АМН ҮТ
    Ө. Ср
  • бур. тулиха ‘мучиться, томиться’, эвенк. тулуймии ‘терпеть, претерпевать, выдержать’

«Т» буукуба