Перевод с якутского
тутус
туохтуур
Нууччалыы помогать ловить
English to help catch someone or something
Ис хоһооно · 12
1 туохтуур #
Нууччалыы помогать ловить
English to help catch someone or something
аты тутус помочь поймать лошадьto help catch a horse
2 туохтуур #
Нууччалыы придираться
English to nitpick
бу үлэҕэ киһи тутуһара суох в работе этой не к чему придратьсяin this work there is nothing to complain about
3 #
Охтумаары туохтан эмэ кытаахтас
Нууччалыы Держаться, хвататься за что-л., чтобы не упасть
тут I диэнтэн холб. түһ. Барахсаанап уонна Сандаарка кэлэллэр, илии-илиилэриттэн тутуспуттар. С. Ефремов Бу кэмҥэ уоруйахтары пааркаттан бэрт дөбөҥнүк тутуспут Вова Птицын уонна Мииккэ Көлүөһэп дьиэлээн иһэллэрэ. П. Аввакумов Кыладыапсыктыы сылдьан биригэдьиири кытта, тутуспут бурдуктара итээн, мөккүһэн турардаах. Кустук
Өссө холобурдар (1)
Ууга түспүт киһи оттон тутуһар (өс xoh.). Симон сирэйэ кумааҕы курдук маҥан уонна ыҥыыр хоҥсуоччутуттан тутуһуоҕунан тутуспут Л. Попов
4 #
Кимиэхэ эмэ чугас сырыт, бииргэ буол
Нууччалыы Держаться, находиться рядом, быть вместе с кем-л
Оннооҕор оскуола уонна балыыһа оҥоһуутугар бу бииргэ, адьас ыкса тутуһа сылдьан, кини сүрэҕэ – Кыһыллаайга. Л. Попов Мин саҥа бултуу тахсар киһи, табаарыһым кэпсээнин истэ-истэ, испэр үөрэ саныыбын – дьоллоох киһи эбиппин, үтүө булчуту тутуспуппун. А. Кривошапкин (тылб.)
5 #
Хайа эмэ диэки хайысхалан, ол хайысханан бар, айаннаа
Нууччалыы Идти, двигаться, держать курс куда-л., в определённом направлении
Баарса, кырылас таастаах биэрэктэн арахсан, тус хоту диэки эргилиннэ, өрүс сүнньүн тутуста И. Никифоров
6 #
Тугу эмэ оҥорорго туох эмэ олохтоммуту (хол., быраабыланы, сокуону) кэһимэ, олохтоммуттан туораама
Нууччалыы Соблюдать что-л., следовать чему-л. (напр., правилам, закону)
Быраабыланы тутус. Бэрээдэги тутус. Бу сүрдээх сиэдэрэй уонна уустук архитектурнай быһаарыы, көрөргүт курдук, ааптардар үгэһи тутуспуттар.
Н. Лугинов[Коля:] Биһиги дайааркаларбыт бары санитарнай минимуму тутуһаллар. С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
[Ааныка:] Сахаар аҕатынаан былыр атааннаахтара эбитэ үһү, онтукатын тутуһар баҕайы ини С. Ефремов
7 #
Тугу эмэ ирдэбилгэ сөп түбэспэт диэн ылыныма, аһарыма; туох эмэ итэҕэһин бул
Нууччалыы Считать что-л. несоответствующим требованиям; придираться по мелочам
Начаалынай кылаас түмүктэрэ бэрт дьулурҕатык бигэргэтилиннилэр, ким да тугу да тутуспата. И. Сысолятин Сыыһаны элбэхтик тутуһарын, итэҕэһи таһаарбыт дьоҥҥо эйэлэһимтиэтэ суох сыһыаннаһарын иһин, сорохтор соччо ытыктаабаттар. М. Попов Мин теоретическай сабаҕалааһыннарбын ким даҕаны сорунан утарбатаҕа, официальнай оппоненнар буолар-буолбат бытархайдарга эрэ тутуспуттара ЫДЫа
8 #
Туоххунан эмэ кимтэн, туохтан эмэ хаалсыма, тэҥҥэ барыс эбэтэр туохха эмэ кими, тугу эмэ кытта тэҥ буол, тэҥнэс
Нууччалыы Быть равным в чём-л. кому-л. (напр., в скорости)
Тыа сирдэригэр да, Дьокуускай куоракка да ол Ураанайы кытта тутуһар ат суох буолбут. Саха сэһ. 1977. Кылыйсыыга тутуспаппын Кырдьыгынан этэбин. Күннүк Уурастыырап Сүрэҕэ суоҕунан кини кэргэнин кытта тутуһар киһи бүтүн нэһилиэк үрдүнэн суох буолуохтаах. А. Кривошапкин (тылб.)
9 #
Тугу эмэ ордук сөбүлээн элбэхтик сиэ
Нууччалыы Есть что-л. с особым аппетитом
Баабыр [киһи аата] тэриэлкэ муҥунан эмис тууччаҕы балачча тутуста, онтон аны хойуу чэйгэ кииристэ Н. Заболоцкай
10 #
Сүүйсүүгэ сакалааттас
Нууччалыы Биться об заклад, держать пари
Олунньу сүүрбэ күнүгэр икки улуус быыһыгар аттарбытын илдьэн сирэй-харах көрүһүннэрэбит уонна улуустар биэстии акка сакалаат тутуһуох тустаахпыт. И. Федосеев Мин тойонум Сиидэр кинээс сүүрүк атын Уһун Кутуругу баайан, оҥорон бэлэмнээбит, улуус кулубатын кытта уоннуу ынах тутуспуттар. үһү И. Никифоров
11 #
Туора киһини, дьахтары кытта чугаһас, көрсүүлэс
Нууччалыы Быть в любовной связи с кем-л. [Маайа:] Аны сымыйанан ол-бу киһини тутуһар диэн эрбэр, аҥала, акаары киһиэхэ, дэлби кырбатан өлөртөрөллөрүгэр тиэртилэр
А. Софронов А. Софронов Сүүлүҥ кэмигэр иссис (хол., кыылы этэргэ). Θ Сходиться для случки, спариваться (напр., о животных). Кыыл таба эмиэ дьиэ табатын курдук, тутуһар кэмигэр мастаах, үрүйэлээх, таас хапчааннардаах, хайалаах сирдэргэ үөрүн хаайар Кыым
12 этии #
Нууччалыы Поддерживать связь, быть на связи с кем-л. [Молкочанов аармыйата] биһигини кытары араадьыйанан эрэ сибээһи тутуһара
тут II диэнтэн холб. туһ. Кинилэр эйэлээх олоҕу тутуспуттара. Эрдэлиир Дьөгүөрдээҥҥэ отуу тутуспута. Амма Аччыгыйа Бу үрдүк дыбарыастары Томороон илиитинэн Тутуспута буолуо. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Кини ол дьиэни тутустар, дьоҥҥо туһалыа этэ. Д. Таас
Этиилэр
Илии тутус көр илии
Ыалдьыт дьиэлээхтэри кытта илии тутуһан дорооболосто. Баралларыгар иккиэн илии тутустулар. [Батенчук] кырдьаҕас доҕорун көрдөр эрэ, саҥа аллайбытынан утары сүүрэ үллэһийэн кэлэн, илии тутуһар, эҕэрдэлиир, кэпсэтэр. И. Данилов
Оттон-мастан тутуһан (тардыһан) сылдьар көр от-мас
Эһээлэрэ кырдьан-бодоорон, нэһиилэ оттон-мастан тутуһан сылдьар. Сибээстэ тутус кин. – сибээскин сүтэримэ, билсис ОТК.
Тутуһан туран
1) олох чугас-чугас, сэргэстэһэ сылдьан (хол., сүтэрсэн кэбис).
Находясь рядом, в непосредственной близости (напр., упустить кого-л.).
Тутуһан туран атын куоттаран кэбистэ. [Сэриигэ] өмүтүннэрэн эмискэ сабыта түсүһүү, үксүгэр олох чугастан, тутуһан туран ытыалаһыы баар буолар. С. Никифоров; 2) өр-өтөр буолбакка; сонно тута, тутатына. Тут же, сразу же; незамедлительно. Ол кэмҥэ, тутуһан туран айаннааһын буолла. Кыратык олоро түһээри гыммыта, тутуһан туран барыахтаах кэмэ тиийэн кэллэ.
Өссө холобурдар (1)
Халлаан субу тутуһан туран хараҥаран барда. Э. Соколов