ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аайы

кэнники тыл, даҕааһын

Нууччалыы каждый

English each, every

Ис хоһооно · 16

1 кэнники тыл #

Нууччалыы каждый

English each, every

  • күн аайы
    каждый деньevery day

2 кэнники тыл #

Нууччалыы еже=

3 #

дьөһ

Өссө холобурдар (4)
  • Симэхтээх аттар, сылгылар Сэргэ аайы тоҕуоруйбуттар
    С. Данилов
  • Крымҥа чугаһаатах аайы, улам итии, саас буолан иһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Күн саһарҕата уоттанан истэҕин аайы, чочумаас төбөтө араас күлүмүрдэс өҥүнэн оонньоон, сырдаан, сыдьаайан истэ.
    Т. Сметанин
  • Суол холбоһуута чугаһаатаҕын аайы кыыс оҕо кэһиэҕэ суох кэрэ чаҕаан куолаһа субу чугаһаан иһэр
    М. Доҕордуурап

4 #

Хайааһын хас буолар сирин бэлиэтиир

Нууччалыы Указывает каждое место совершения действия (в каждом, на каждом, у каждого)

5 #

Хайааһын хас туһуламмыт, тиийбит сирин бэлиэтиир

Нууччалыы Обозначает каждый предмет, на который или до которого действие распространяется (в, на каждый, до каждого, по)

Өссө холобурдар (4)
  • [Нэһилиэк] салайааччылара, актыыптара, хомсомуоллара Ыал аайы тарҕаспыттара
    М. Доҕордуурап
  • Бары тэрилтэлэртэн барыларыттан эҕэрдэ тыл этиллэн истэҕин аайы, ытыс тыаһаан иһэр.
    Эрилик Эристиин
  • Күөрэгэй хас хааһыланнаҕын аайы, кутуйахтар ыалдьыттыыр буоллулар.
    Т. Сметанин
  • Ааны тоҥсуйдахтарын аайы, дьигис гынара
    Н. Лугинов

6 #

Хайааһын хас киһи, предмет ахсын анаммытын, туһуламмытын бэлиэтиир

Нууччалыы Обозначает каждый предмет, на который предназначено действие (для, на)

  • Ол үрдүнэн оҕонньордоох эмээхсин дьон аайы кэпсииллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Мэнээк көрбүт кыыһыҥ аайы иирбэт буол.
    С. Ефремов
  • Ыйытыы аайы эппиэтэ мунааҕа суох бэлэм буолан иһэр
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (3)
  • Кууһума эмээхсин охсубутун аайы туох буолуой.
    Н. Павлов
  • Киһи оонньообутун аайы кыыһырыма, доҕор.
    Н. Неустроев
  • Ол төрөппүт аҕатын үбүн матайдаатаҕын аайы [түрмэҕэ] тоҕо уктахтарай, доҕоор
    А. Софронов

7 #

Ханнык эмэ предмет хас биирдии киһиэхэ баарын, бас билиллэрин бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, имеющегося у каждого, принадлежащего каждому (у каждого)

  • Тылбаастаммат эбээт таптал, Син биир буолар Омук аайы. - Тыла суох хаантан, харахтан Сүрэҕиҥ бүтэйдии таайар.
    Баал Хабырыыс
  • Бу саппыкы диэн таҥас киһи аайы суох
    Саха фольк
  • Эн биһиги үөрэҕэ суох буоламмыт билбэтэхпит аайы, бу былаас хаана, эрэйэ, өлөрсүүтэ суох кэлбит үһү дуо?
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. сайу 'каждый, еже'

8 #

Бириэмэ суолталаах эбэтэр хайа эмэ көстүүнү, түбэлтэни бэлиэтиир ааттары кытта хайааһын сырыы ахсын буоларын көрдөрөр

Нууччалыы Употребляется при обозначении времени, явления, за которое, во время которого регулярно, каждый раз происходит действие (в, на, каждый)

Өссө холобурдар (6)
  • Ити курдук Миша сырыы аайы түөркэ-биэскэ эппиэттээн тахсар.
    Н. Лугинов
  • [Хатыҥ] анныгар хас сайын аайытын Уоллаах кыыс уураһан ааһыаҕа
    П. Тобуруокап
  • Ардыгар -та сыһыарыылаах ааттары кытта туттуллан, бириэмэни көрдөрөр суолтата күүһүрэр. Θ Иногда, употребляясь с именами с аффиксом -та, усиливается его временное значение. Байбал сыллата аайы баай Баһылайга хамнаска киирэн, сааскы Ньукуолунтан күһүҥҥү Бокуруопка диэри үлэлиир идэлээх.
    Күндэ
  • Лена уута күннэтэ аайы атын-атын өҥнөнөр
    Н. Якутскай
  • Ардыгар төрүт түһүк оннугар -ын сыһыарыылаах ааттардыын туттуллар. Θ Иногда вместо именительного падежа употребляется с именами с аффиксом -ын. Ол курдук кыһынын аайы кэлэн били оҕонньоругар кыстыы-кыстыы, үс сайын убайын көрдөөн мэлиппит.
    Эрилик Эристиин
  • [Дьаакып оҕонньор] Түүнүн аайытын Уута кэлэн биэрбэккэ, Кэмэ суох өр сытара
    Күннүк Уурастыырап

9 #

Хайааһын оҥоһуллар төрүөтүнэн буолар предмети бэлиэтиир (үксүн кыратыта-намтата саныыр сыһыан дэгэттээх)

Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, являющегося причиной действия с модальным оттенком уменьшения и игнорирования (из-за, из-за такого пустяка)

  • Мылахов чөм бааччы, кыра аайы ыгылыйбакка оргууй сылдьар бэйэтэ, ыараханнык үөһэ тыынан, ынчыктаан ылла, платогунан көлөһүнүн сотунна.
    Н. Лугинов
  • Дьэ, ол биэс тыһыынча аайы миигин түбэһиннэрэн, төһө абыранар эбиккин.
    С. Ефремов
  • Ол аайы ити ахсын хоргутуох сир баппатаҕын
    АаНА СТСКТ
Өссө холобурдар (4)
  • Ардыгар сэниир сыһыаны көрдөрөр. Θ Выражает отношение пренебрежения. Ол эн хааһаҕыҥ аайы мин бассабыыктарга тутуллуохпун баҕарбаппын.
    С. Ефремов
  • Көр, хааска киирэн иһэн биир акаары чыркымай аайы тыаһы таһаарар диэн баар дуо!
    Т. Сметанин
  • Бэйэни сэнэнии суолталанар. Θ Имеет значение самоуничижения. Эмиэ ол мин, ыал устун сылдьар кыыс аайы ол курдук буоллаҥый?
    Күндэ
  • Ким билэр, ол мин аайы утуйбат буолбут үһүгүөн
    С. Ефремов

10 #

Туох эмэ төлөбүрдээх, хардалаах буолар предмети бэлиэтииргэ туттуллар (үксүгэр кыратыта, намтата саныыр сыһыан дэгэттээх)

Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, в пользу, взамен которого совершается действие (часто имеет оттенок уменьшения и некоторого принижения)

  • Киһи аайы кыһаллан, өрүү ким ханнык кыһалҕалааҕын туоһулуур.
    Н. Лугинов
  • Биир-икки тыһыынчаны биэриэм... Ол аайы алта тыһыынчаны куппаппын
    Н. Якутскай
  • Хас биирдии предмеккэ түҥэтэр суолталанар. Θ Имеет количественно-распределительное значение. Көлөһүн күнүн аайы биирдии солкуобайы ылбыттар. Киһи аайы үстүү куобах тигистэ

11 #

Ким, туох туһунан этиллэргэ сэниир, алын саныыр сыһыаны бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Выражая объектные отношения, употребляется при обозначении лица, предмета, к которому говорящий относится с принижением, свысока

  • Ол бассабыыктар кини аайы киэптэтиэхтэрэ дуо?
    И. Никифоров
  • "Оо, бу Бүүкээнниир Ыаһах аайы эмиэ тугум үс баһай", - диэн баран, Алаа Моҥус икки баһын хомуйан кэбистэ
    Саха фольк

12 #

Ситим т. суолт

13 #

Сөп түбэсиһии сыһыанын көрдөрөр салаа этиини холбуур

Нууччалыы Выражает отношение соответствия, присоединяет придаточное предложение (соотв.: по мере того, как)

14 #

Кэм сыһыанын көрдөрөр, бириэмэ салаа этиини холбуур

Нууччалыы Выражает временные отношения, присоединяет придаточное предложение времени (каждый раз, как)

15 #

Төрүөт сыһыанын көрдөрөр, биричиинэ салаа этиини холбуур (арыт сэниир дэгэттэнэр)

Нууччалыы Выражает причинные отношения, присоединяет придаточное предложение причины (иногда имеет оттенок пренебрежения: соотв.: из-за того, что)

16 #

Туох эмэ оннугун иһин оннук диэн сыһыаннаһыыны көрдөрөн, чугуйар (төннөрөр) салаа этиини холбуур

Нууччалыы Выражает уступительные отношения, присоединяет уступительно-противительное придаточное предложение Билигин кырдьар кырыыһа кыпчыйбытын аайы мин да уруккута уола хаан этим

«А» буукуба