ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хайын

туохтуур

Нууччалыы образовать трещину, потрескаться, растрескаться

Ис хоһооно · 10
I

1 туохтуур #

Хайа бар, хайыта бар

Нууччалыы Образовать трещину, потрескаться, растрескаться

  • Сахалар хайдыбатын, дьүһүнэ үчүгэйин иһин удьурҕайынан быһах уга оҥостоллор.
    Суорун Омоллоон
  • [Баанча] титирэстээбит сөмүйэтинэн сыарҕа сыҥааҕын хайдыбытын үүттүү олордо.
    Л. Попов
  • Үрүҥ туойу эллээн баран хатардахха хайдыбат, кыбыс-кытаанах буола хатан хаалар
    И. Данилов

2 туохтуур #

Икки аҥыы бар, араҕыс, дириҥ хайаҕаһы үөскэт (хол., сир)

Нууччалыы Расколоться, лопнуть пополам, образовать глубокую щель

  • Ол быыһыгар ханна эрэ, хаар анныгар, муус тостон дуу, сир хайдан дуу "луҥ" гынар.
    Амма Аччыгыйа
  • Көҥүс хайдыбытыгар киирэн түһэн хаалан өлө сыспыт.
    Эрилик Эристиин
  • Мин сир хайдыбытыгар охтон түстүм
    Т. Сметанин

3 туохтуур #

Сиирэ бар, тырыта баран алдьан, көтүлүн (таҥас туһунан)

Нууччалыы Распороться, разорваться, порваться (об одежде)

  • Хабырылла көхсүн хараҕыттан курданарыгар диэри ырбаахыта хайдыбытынан киирэн күүгэс сиэбитин лап гына биэрдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • [Хаҥыллай:] Хайдыбытын хам тиктиэм.
    И. Гоголев
  • Таайым сирэйэ хоруо буолбут, сонун эҥээрэ хайдыбыт
    Далан

4 туохтуур #

Тус-туспа арахсан, аҥыы-аҥыы бар (бииргэ сылдьыбыт дьон бөлөҕүн этэргэ)

Нууччалыы Разойтись в разные стороны, разбиться, разделиться на группы

  • Сүүрбэччэ тыылаах киһи уоннуу буолан икки аҥыы хайдыбыт.
    Далан
  • Үс биригээдэҕэ хайдан, үс саҥа дьиэ акылаатын түһэрдилэр.
    М. Доҕордуурап
  • Кини дьонуттан хайдан, быһа уунан Киевкэ барбыт
    ХС

5 туохтуур #

харыс. Ирэн, ууллан суох буол, симэлий (хаар туһунан)

Нууччалыы Таять (о снеге)

6 туохтуур #

Туох эмэ (хол., ыскаап, саала) иһигэр толору симилин, киэптээ

Нууччалыы Трещать по швам (напр., от большого скопления кого-чего-л. – о шкафе, помещение)

  • Арыл-тыргыл тардыллан, Олох ыскаап хайдыаҕынан, Остуол атаҕа уйуоҕунан Кэрэ-дьикти дэлэйбит.
    С. Васильев
  • Оннук күрэхтэһиилэргэ урукку өттүгэр ыҥыртарыыта да суох дьон саала хайдарынан мусталлара үһү.
    ХС
  • Киэһэ кулууп хайдар элбэх киһитэ муһунна.
    НЕ

7 туохтуур #

Тус-туспа санаалаах буол, биир өйгө-санааҕа кэлимэ, өйдөспөт буол (дьон бөлөҕүн этэргэ)

Нууччалыы Распадаться (по убеждениям)

  • Баһылык быыбарыгар нэһилиэнньэ икки аҥыы хайдан олорор.
  • Аудитория дьоно улам биллэ-көстө хайдан барбыта
    ЛОБ ИКК

8 этии #

Нууччалыы Изо всех сил, громко, что барабанные перепонки могли лопнуть (напр., кричать)

Этиилэр

Айаҕа хайдыаҕынан көр айах

  • Арай киэҥ мунньаҕы ыҥыран, Дьэргиэйэби кытта тэҥҥэ айах хайдыаҕынан араатардастахха, куоратынан-тыанан дарбаан бөҕөнү тартахха эрэ дьыала табылларын курдук саныыр дууһа буолан биэрдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Араастаан хамнана-хамнана быһаҕын остуолга туруору саайар уонна айаҕа хайдыар диэри "араатардыыр". Бэс Дьарааһын.

Иһэ алдьанар (хайдар) суола көр ис IV

Иһэ хайда сыста көр ис IV

  • [Кирилэ:] Ыа, дьэ, иллэрээ күн Уоһук кыыһа улуус быраабатыгар киирэн, дьэ дьаабыланан ахан сылдьара ээт... Ыа, көрөн баран иһим хайда сыстаҕа, доҕор.
    Күндэ

Кулгаах сарыыта хайдарынан

наһаа улаханнык, туох бааргынан (хол.

  • , хаһыытаа) Таблону көрөбүн – 7: 6. Кыра чорбохтоохпун. Билигин эрэ кулгаах сарыыта хайдарынан иэдээннээх аймалҕан саалаҕа ньиргийэрин истэбин.
    ХС

Күөмэйэ хайдыаҕынан

күөмэйин муҥунан диэн курдук (көр муҥунан).

  • Уол күөмэйэ хайдыаҕынан хаһыытаата.

Мас көнө көр көнө I

  • Дьоно-сэргэтэ ыалдьытымсах үгэстээхтэр, мас хайдыбытыныы көнө майгылаахтар.
    В. Васильев
  • [Ийэбэр] кырдьаҕас, мас хайдыбытыныы көнө киһиэхэ, ылыннарар гына хайдах быһаарыахпын өйүм хоппот этэ.
    ХС

Өрөһөтө эрэ хайдыбат көр өрөһө I

  • Кинилэр өлөллөрө тирээн бэриммиттэригэр биһиги үөрэн өрөһөбүт хайда сыста буолбат дуо?!
    Амма Аччыгыйа
  • Соппуруон баай, урукку хамначчыттара хаарыаннаах бастыҥ лааппытын оскуола оҥостубуттарын көрө-көрө, өрөһөтө эрэ хайдыбат.
    Н. Якутскай

Сүрэҕэ хайдыбыт көр сүрэх I

  • Хараҕым уутугар чачайан, Хаарга өссө тимирэн барабын.. Сүрэҕим хайдыахтыы уолуйан, Өйбүн сүтэрэн ылабын…
    П. Тобуруокап
  • Маайа сүрэҕэ эрэ хайдыбат, мэйиитэ эргийэн ылар, кулгааҕа куугунуур, хараҕа хараҥарар.
    Н. Якутскай

Хабарҕата (бэлэһэ) хайдарынан (хайдыаҕынан) көр хабарҕа

  • [Ньургун Боотур] Халлаан сатарыаҕынан, Хабарҕата хайдыаҕынан, Хабырына-хабырына Хаһыытаамахтаан ылла.
    П. Ойуунускай
  • "Аргы-ы-ыйыҥ!" – диэн ыспыраабынньык бэлэһэ хайдарынан хаһыытыыр.
    Н. Якутскай

Хайдар аҥаара хаалбыт

киһи билбэт гына уларыйбыт, наһаа ырбыт, дьүдэйбит (үксүгэр улаханнык ыалдьан).

Сильно похудеть, отощаться, исхудать (обычно о тяжелобольном человеке – букв. осталась одна половина).

  • [Тугутов] хайдар аҥаара хаалбыт, хаанныын-сиинниин хараарбыт. Эрчимэн. Халыҥ тириитэ хайынна фольк. – улаханнык кырбанна, этэ-сиинэ сэймэктэннэ. Сильно пострадать от побоев (букв. его толстая кожа лопнула). [Манчаары:] Ама мин курдук Хара маҥнайгыттан Хара батталга хаптаран, Халыҥ тириитэ хайдан, Хара хаана тохтон, Харса суох санааламмыт -- Ханнык киһи баар буолуой?
    А. Софронов
  • Халыҥ тирии Хайдан барда, Хайаларыттан даҕаны Хара хаан Тохтон барда. Тоҥ Суорун. Ср. бур. хаҕал ‘раскалывать’
II

9 #

хай II диэнтэн бэй. туһ. Суолун олус хайынар улахан уоруйах үөскээбит быһыылаах. Болот Боотур

10 этии #

Этиилэр

Иннин көрүнэр (хайынар) көр илин I

  • Билиҥҥи ыччат иннин хайынан сылдьар. "Кыым"

«Х» буукуба